Forwarded from Администрация МР "Таттинский улус"
Ытык күөл олохтоохторо кэтэспит күннэрэ үүннэ!
"Таатта дальнобой" түмсүү, Никифор Леонтьевич Кутугутов уонна кини дьиэ кэргэнэ туппут "Дьол тааһа" скверэ арылынна. Көһүтүүллэх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Айаал Семенович Бурцев, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Петрович Максимов кэлэн эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна үөрүүлээх түгэнинэн наҕараадалары туттардылар. "Таатта сирэ дириҥ историятынан, культуратынан эрэ буолбакка, үтүө мааны олохтоохторунан биллэр. Онон улуус урбаанньыттара "Таатта дальнобой" холобурдарынан көҕүлээн эһиилги Манчаары оонньууларыгар күүс көмө буолуохтара диэн эрэнэбин" - диэтэ улуус баһылыга.
Кутугутовтар түмсүү уолаттарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, көмө буолбут дьонноругар махтаннылар уонна үс сыллаах үлэлэрин түмүгүн Таатта нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар. Бу сквер дьиэ кэргэттэр, ыччат сөбүлээн сынньанар сирэ буолуо диэн саарбаҕа суох. Нэһилиэк тупсарыгар сүдү кылаат киллэрбит талыы талба мааны дьоммутугар махтал!

В 2025 году мы отметим великую дату – 80-ую годовщину Победы в Великой Отечественной войне. Сегодня на заседании Республиканского организационного комитета «Победа» обсудили ряд вопросов, связанных с реализацией плана мероприятий к празднованию юбилейной даты.
В республике, как и во всей нашей стране, проводится большая подготовительная работа к этой важной дате. Планируется множество мероприятий, начиная от социальных выплат ветеранам и детям войны, заканчивая проведением культурных мероприятий. Главная задача, которую я сегодня поставил перед участниками совещания – не просто провести мероприятия, но и обратить особое внимание на форму и содержание проводимой работы. Особенно это важно сейчас, когда наша страна вновь борется с фашизмом. Подрастающее поколение должно понимать истинное значение Дня Победы, осознавать ее смысл и знать подлинную историю.
t.iss.one/aisen_nikolaev

Forwarded from Управление образования ОА г.Якутска
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Таттинский лицей/ tat_lyceum
Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрэ “Саханефтегазсбыт” үлэтин хайысхаларын билистилэр
А.Е.Мординов аатынан Таатта Лиссиэйин 11-с политехническэй кылааһын үөрэнээччилэрэ “Саханефтегазсбыт” АУо икки филиалыгар - Дьокуускайдааҕы нефтебазаҕа уонна Аллара-Бэстээхтээҕи нефтебазаҕа сылдьан, тэрилтэ үлэтин араас хайысхаларын билистилэр.
Экскурсиялар оҕолорго “Нефтегазовай салааҕа анаан квалифицированнай үлэһиттэри бэлэмнээһин” диэн “Саханефтегазсбыт” корпоративнай тосхолун чэрчитинэн ыытылыннылар. Бу тосхол тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата Виктор Лебедев көҕүлээһининэн 2023 с. олоххо киирбитэ. Онно олоҕуран 2023 с. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ геологоразведочнай факультетын сир баайын хостооһуҥҥа кафедратыгар “Ньиэп бородуукталарын тиэрдии уонна харайыы” үөрэх аудиторията арыллыбыта. Быйыл оннук, аныгы аналлаах оборудованиенан толору хааччыллыбыт аудитория Тааттатааҕы лиссиэйгэ эмиэ арыллыахтаах.
Ол курдук, «Саханефтегазсбыт» АУо уонна Таатта лиссиэйэ сөбүлэҥ түһэрсэн, нефтегазовай салааҕа үлэһиттэри бэлэмнииргэ туһаайыллыбыт проект оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн, атырдьах ыйын 9-14 күннэригэр нефтегазовай салааҕа сыһыаннаах идэни талыан баҕалаах үөрэнээччилэр “Саханефтегазсбыт” филиалларын - нефтебазаларын үлэлэрин билистилэр, химическэй лабораторияны, пластиктан канистра онорон таһаарыытын, газ, нефть хайдах атыыга тахсарын көрдүлэр, ону сэргэ, ХИФУ полигонугар практика бардылар, техническэй факультетыгар 3-д модель оҥоруутун үөрэттилэр. Үөрэнээччилэр араас идэлээх үлэһиттэри кытта кэпсэтэн, “Саханефтегазсбыт” үлэтин хайысхаларын билсэн, нефтегазовай салааҕа сыһыаннаах идэлэр тустарынан элбэҕи биллилэр–көрдүлэр.
Оҕолортон санааларын үллэстэргэ көрдөспүппүтүгэр Айсен Габышев 3-д моделирование хайысхатын интэриэһиргиирин, инженер буолар баҕалааҕын туһунан эттэ:
- Бу практикаҕа сылдьан үгүс саҥаны, интэриэһинэйи биллим, техниканы саҥардыы үлэтигэр ылсан үлэлиэм этэ.
Максим Бояров: “Нефть, газ хостонуутун сиһилии үөрэтэн, буровик эбэтэр инженер идэтин баһылыахпын сөп, физика, информатика, математика предметтэри сөбүлүүбүн, онон, баҕар, техниканы салайыыга программанан үлэлиэм этэ», - диэтэ.
Нарияна Бястинова: «Инженер үөрэҕин талар кыргыттарга уустук соҕус эбит. Бу практикаҕа сылдьан лаборант үлэтин эбэтэр экономика өртүн олус интэриэһиргээтим. Эрдэттэн маннык экскурсия тэриллибитэ олус үчүгэй, идэбин таларбар туһалаах», - диэн санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук, оскуола идэҕэ туһаайыы үлэтин “Саханефтегазсбыт” тэрилтэни кытта бииргэ иилээн-саалаан тэрийиилэрэ үөрэнээччилэр идэни сөпкө талалларыгар туһалаах уонна үөрэнэн баран, үлэлээх буолууларыгар көмө буолуохтара диэн эрэнэбит. “Саханефтегазсбыт” генеральнай дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата Виктор Лебедевка, тэрилтэ кадры сүрүннүүр специалиһигэр Юлия Александроваҕа, Дьокуускайдааҕы нефтебаза производственнай тэхиниическэй салаатын начальнигар Михаил Сафоновка, Аллара-Бэстээхтээҕи нефтебаза табаары батарыыга дириэктэри солбуйааччы Николай Кириллиҥҥа, проекка үлэлэһэ сылдьар ХИФУ преподавателэ Николай Тимофеевка оҕолорго сайыҥҥы практиканы, интэриэһинэй экскурсиялары сүрүннээн ыыппыттарыгар, улахан тэрилтэ кыаҕын, истиҥ эйгэлээх кэллэктиипкэ хамаанданан хайдах үлэлииллэрин көрдөрбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Кылаас салайааччыта Анфиса Васильевна Слепцова
@taattagazeta
@Ulusmedia

Forwarded from Газета "Таатта"
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо саас, Таатта улууһугар таптал, эрэл, итэҕэл сылларынан уонна эһиил 2025 сылга Тааттаҕа Манчаары оонньууларыгар анаан, "дьол тааһа" искибиэрин аһыллыыта.
"Таатта дальнобой" түмсүү салайааччыта Никифор Леонтьевич Кутугутов 2020 сыллаахха от ыйыгар толкуйдаабыт водопад бырайыагын нэһилиэк дьаһалтата 2021 сыллаахха баһылык Егор Иннокентьевич Павлов ППМ-игэ куоластааһыҥҥа киллэрэн үс иһигэр киирбитэ. 2022 сыллаахха бэс ыйыгар искибиэргэ туттуллар тимир матырыйаала тиэллэн кэлбитэ. Искибиэргэ анаан территориятын оччолорго улуус баһылыгынан үлэлии сылдьар Михаил Михайлович Соров анаабыта. Ол күнтэн саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри улахан үлэни үлэлээтилэр. Оҕолор, ыччаттар биир сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолуоҕа. Саастаах дьон күрүлгэн тыаһын истэн, көрөн астыныаҕа.
@taattagazeta @ulusmedia