🧿 Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ!
🌿✨ Ийэ тыл күнэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан 1996 сылтан бэлиэтэнэр. Оттон бу даата мээнэ талыллыбатаҕа. Олунньу 13 күнүгэр биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ, саха тылын маҥнайгы алпаабытын оҥорбут киһи Семён Новгородов төрөөбүт күнэ.
☀️Төрөөбүт тыл – хайа баҕарар норуот үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү баайа. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ - сайда турдун!
@ulusmedia

#сахатыла
Сахалыы биэриилэри көрөбүт
Олунньу 13 күнүгэр биһиги төрөөбүт Ийэ тылбыт күнүн бэлиэтиибит. Сылын аайы оскуолабытыгар үөрэнээччилэргэ аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллааччылар.
Биһиги билигин улаатан, сэттискэ тахсан бараммыт бэйэбит эмиэ тэрээһиннэри ыытыһабыт, бэлэмнэһэбит. Быйыл “Күн” оҕо тэрилтэтэ аныгылыы квест-оонньууну бэлэмнии сылдьар, оһуокай тэриллиэхтээх, интеллектуальнай оонньуулар, кылаас чаастара ыытыллыахтаахтар.
Уруокка эрэ ыытылларынан буолбакка, күннээҕи олохпутугар төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэргэ кыһаллыахтаахпыт. Урут олорон ааспыт дьоммут дьарыктарын билэрбит наадалаах дии саныыбын. Билигин телевизорга араас интэриэһинэй сахалыы биэриилэри көрдөрөллөр, көрөн элбэҕи билиэххэ эмиэ сөп. Мин күннэтэ бириэмэбин көрөн, сахалыы биэриилэри көрөргө кыһаллабын.
Нарыйаана ИВАНОВА,
Покровскай 1-кы №-дээх орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ.
@gazetahangalas

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сахатыла
ВИДЕОФАКТ
Хаҥаластааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө "Саҥарар саха" диэн саҥа бырайыагы таһаарда.
Ийэ тылбытын харыстаан кэнчээри ыччакка тиэрдэр аналлаах саха үгэһин, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр тэттик роликтары көр, оҕоҕор көрдөр!
Александра Алексеева.

Төрөөбүт тыл күнүгэр
Хаҥалас суруйааччыларын үөрэтии
Саха литературатын элбэх биллэр суруйааччытын дьылҕата Хаҥалас улууһун кытта ситимнээх. Оттон саха литературатыгар Хаҥалас улууһун суруйааччыларын үөрэтии историята хайдаҕый?
Ол курдук 1989 с. программаҕа Исай Никифоров «Суор кыланар сиригэр» уонна «Саллааттар» диэн айымньылара кылаас таһынан ааҕыыга бэриллэ сылдьар этэ. 1996 сыллаах литература программатыгар баара-суоҕа биир суруйааччы Степан Ефремов «Куорат кыргыттара» айымньыта 8 кылааска үөрэтиллэрэ ыйыллыбыт.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/49379-2/
Туйаара Самсонова, Үөдэй орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала.
@gazetahangalas
☑️Присоединяйтесь в наш ВКонтакте Новости газеты «Хангалас» по ссылке: https://vk.com/gazetahangalas

Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым, Хаҥалас улууһун ытык-мааны дьоно-сэргэтэ!
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Сахабыт сиригэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. «Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан бу бэлиэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык олохтонуутугар биһиги тумус туттар киһибит, биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президиэнэ Михаил Ефимович Николаев сүҥкэн кылааттаах. Кини 1996 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр Ыйаах таһааран, олунньу 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Бу бэлиэ күнү саха бастакы учуонай лингвиһа, чулуу сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин, саха алфавитын төрүттээччи, научнай, политическай уонна общественнай деятель, поэт, фольклорист, талааннах педагог Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр бэлиэтиибит.
Ийэ тылбыт – биһиги барыбыт баайбыт, күүспүт, чаҕылхай сулуспут. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ-сайда турдун! Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, харыстыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар. Тыл – бүтүн омук баайа, кэлэр кэскилэ. Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн!
⠀
Эҕэрдэни кытта, «Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Олег Иринеев

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сахатыла
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ! Саха тыла үүнэ, сайда, чэчирии турдун!
Куйаар ситимэ биһиги олохпутугар балысханнык киирэн эбитэ дуу, кэлиҥҥи кэмҥэ, кистэл буолбатах, тыа сиригэр нуучча тылынан саҥарар оҕо элбээтэ. Хайдах гынан оҕолорбутун төрөөбүт тылларынан саҥардабыт диэн элбэх эдэр төрөппүт толкуйдаан ылар буолуохтаах. Баҕар туһалыам дуу диэн тэттик сүбэлэрбин ыытабын.
Лира Яндреева, Хоточчу олохтоох бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ.
@gazetahangalas
☑️Присоединяйтесь в наш ВКонтакте Новости газеты «Хангалас» по ссылке: https://vk.com/gazetahangalas
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ! Саха тыла үүнэ, сайда, чэчирии турдун!
Куйаар ситимэ биһиги олохпутугар балысханнык киирэн эбитэ дуу, кэлиҥҥи кэмҥэ, кистэл буолбатах, тыа сиригэр нуучча тылынан саҥарар оҕо элбээтэ. Хайдах гынан оҕолорбутун төрөөбүт тылларынан саҥардабыт диэн элбэх эдэр төрөппүт толкуйдаан ылар буолуохтаах. Баҕар туһалыам дуу диэн тэттик сүбэлэрбин ыытабын.
Лира Яндреева, Хоточчу олохтоох бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ.
@gazetahangalas
☑️Присоединяйтесь в наш ВКонтакте Новости газеты «Хангалас» по ссылке: https://vk.com/gazetahangalas
#сахатыла
Сахалыы толкуйдаах буоларга
Мин сахалыы тыллаах, сахалыы толкуйдаах, сахалыы дьарыктаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэбин. Күн сирин көрүөхпүтүттэн төрөөбүт сахабыт тылын биһиги төрөппүттэрбититтэн иһиттэхпит, онтон олус үөрэбит, сыаналыыбыт.
Бииргэ төрөөбүт үспүт, бары сахалыы холкутук саҥарабыт, сахалыы кылааска үөрэнэбит. Төрөппүттэрбит биһигини төгүрүччү сайдыылаах, дойдубутугар бэриниилээх, сахалыы толкуйдаах буола улаатарбытыгар болҕомтолорун уураллар.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/49390-2/
Сайаана ЕРЕМЕЕВА, “Ыллык”юнкоровскай куруһуок чилиэнэ, Покровскай 1-кы №-дээх орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.

Новости газеты «Хангалас»
Photo
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Новости газеты «Хангалас»
Video message

ФОТОФАКТ
Сейчас в «Зале борьбы» им. Л.Н. Спиридонова в г. Покровск проходит лично-командный кубок Якутии по вольной борьбе памяти Геннадия Васильевича и Олега Геннадьевича Гребневых на призы АО ПО «Якутцемент», посвященный 100-летию физкультурного движения в Республике Саха (Якутия)
Наталья Григорьева, редакция газеты «Хангалас»