Менделеев химическэй элеменнэр ситимнэрин түүлүгэр көрбүтэ, онтон Грибоедов - "Горе от ума" ис хоһоонун.
Оттон эһиги тугу түһүүгүт?
Оттон эһиги тугу түһүүгүт?
Anonymous Poll
18%
чугас дьоммун, табаарыстарбын
4%
бу күҥҥэ ордук долгутар көстүүнү
49%
туга-ханныга биллибэт өйдөммөт түгэннэр
13%
кутталлааҕы
11%
туох эрэ үчүгэйи, сырдыгы
5%
олох атыны (бэйэҥ версияҕын комментарийга хааллар)
Forwarded from "Үлэ күүһэ" новости Горного улуса (PRINT - LINE)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Быйыл 81 сааһын туолар, Бэрдьигэстээх олохтооҕо 🏡🏠🏢Дьөгүөр Павлов 👴🏻👍 бу күннэргэ Таралҕан күөлүгэр, ☀️❄️ катокка хаҥкылыы кэллэ.⛸⛸
"Үлэ күүһэ"
@silatrudagorny
#үлэкүүһэ
"Үлэ күүһэ"
@silatrudagorny
#үлэкүүһэ
☀️☀️☀️
Сарсыарда тулабын сырдатан
Саҕахтан саһарҕа таҕыста,
Сардаҥа утаҕын тарҕатан
Сандалҕан күн уотугар ыста.
Сандал саас сандаархай тунала
Сыһыыбар арыллан сырдаата,
Сааскы күн чэмэлкэй сарыала
Сыдьаайа көстөн тырымнаата!
✍🏻Онтуон
Үтүө сарсыарданан!☀️
Бүгүн сарсыарда таһырдьа -28 С, күнүс -17 буолара күүтүллэр⛅️
"Эҥсиэли" хаһыат

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🐎Бүгүн Нам сэлиэнньэтин "Куонда Кириэс" ипподромугар Нам улууһун сылгыһыттарын икки ардыларыгар Сылгыһыт күрэҕэ сарсыарда 9 чаастан саҕаланар. Хас биирдии ыалдьыты итии чэй, сахалыы ис миинэ уонна күүрээннээх күрэхтэр кэтэһэллэр.
"Эҥсиэли" хаһыат
"Эҥсиэли" хаһыат
Кулун тутар 17 күнүгэр 4 чаастан М.К. Аммосов аат. болоссуокка "Нам улууһугар Крым сааһа" («Крымская весна в Намском улусе») диэн акция ыытыллыаҕа. Тэрээһин Крым РФ састаабыгар киирбит бэлиэ күнүгэр (кулун тутар 18 күнүгэр 2014 сыл ) ананар.
Нам сэлиэнньэтин устун Россия уонна СР былаахтарын иилиммит массыыналар сэлэлии сүүрүөхтэрэ.
Болуоссакка бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолуоҕа.
Үөрэнээччилэр, устудьуоннар, общественнай хамсааһын көхтөөх кыттааччылара дойдубут былааҕын күөрэччи тутан Z уонна V буукубалар моһуоннарынан флешмобка кыттыахтара. Манан кинилэр бүттүүн норуот биир санааланыытын, кыайыыны-хотууну, билиҥҥи балаһыанньаҕа армиябытын, президеммитин өйүүрбүтүн биллэриэхтэрэ.

⭕️«Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр ыттар почтаҕа пенсиятын ыла кэлбит саастаах дьахтары тырыта тыыппыттар, ол эрэйдээх ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбит. Иэдээн тута тахсыан, массыыналаах киһи кэлэн быыһаабыт, ыттар киниэхэ түспүттэрин нэһиилэ көмүскэммит», - диэн дьулааннаах сурах бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ тарҕанна.
⭕️Кырдьык, Дьокуускайга уонна атын даҕаны регионнарга бэйдиэ сылдьар ыттар дьону сэймэктээбит түбэлтэлэрэ өссө даҕаны дьон өйүгэр-санаатыгар уоста илик кэмигэр тарҕаммыта киһини эрэ соһутара, дьулатара баар суол. Оттон дьиҥ иһигэр туох быһылаан буолбутун чуолкайдаары биһиги корреспондеммыт «Хомустаах Бастакы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Василий Жирковтан баары баарынан быһаарарыгар көрдөстө.
Сиһилии манна аах

🐎Намҥа "Куонта Кириэс" ипподромҥа сылгыһыттар күрэхтэрэ саҕаланна.
Барыта 3 хамаанда: 1 Хомустаах, Үөдэй, Модут нэһилиэктэриттэн түөртүү киһи 4 түһүмэҕинэн күрэс былдьаһаллар.
"Эҥсиэли" хаһыат
Барыта 3 хамаанда: 1 Хомустаах, Үөдэй, Модут нэһилиэктэриттэн түөртүү киһи 4 түһүмэҕинэн күрэс былдьаһаллар.
"Эҥсиэли" хаһыат
Сылгыһыттар күрэхтэригэр ханнык хамаандаҕа "ыалдьаҕын"?
Anonymous Poll
32%
1 Хомустаах
14%
Үөдэй
54%
Модут
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгиттэн Петр Егорович Федотов улуус дьаһалтатын уонна СР правительствотын отчуоттарыгар биэрбит ыйытыыларыгар эппиэт туппакка биһиэхэ, хаһыат редакциятыгар, кэллэ. Ону «Эрэйдээх этигэс» рубрикаҕа таһаарабыт. Сиһилии — видеоҕа.
"Эҥсиэли" хаһыат
"Эҥсиэли" хаһыат
Украинаҕа ыытыллар анал байыаннай операция уонна онтон сиэттэрэн арҕаа дойдулар санкцияларын туһунан медиа эйгэҕэ сүрэҕэ суох эрэ суруйбат, саҥарбат быһыылаах. Социальнай ситимнэри көрдөххө, дьон санаата икки сүрүн түгэҥҥэ хайдыһар эбит.
Ол курдук, «бандеровецтары бүгүн-сарсын уодьуганныахпыт, арҕааҥы санкциялар биһиэхэ үтүө эрэ өттүнэн дьайыахтара» диэн өрөгөйдөөх санаалартан «сэрии диэн сэрии, сотору аспыт-үөлбүт карточканан тыырыллыаҕа, арҕааҥы санкциялартан экономикабыт улаханнык айгырыаҕа» диэн санаа түһүүлээх этиилэри ахтыахха сөп. Оттон дьиҥнээх балаһыанньа ортотунан соҕус буолуоҕа диэн сэрэйиэххэ сөп.
Бу туһунан суруналыыс Владислав Касьянов анаарыытын сиһилии манна аах