НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
4.18K subscribers
15.1K photos
3.62K videos
8 files
4.21K links
Нам улууһун сэргэх сонуннара.

Аадырыспыт: Нам сэл., Ст. Платонов аат. уул. 2/1 дьиэтэ (Нотариус)

Бил. тел.: +7-962-733-65-02 8-924-171-11-52

📩 [email protected]
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
15 марта – Всемирный день защиты прав потребителей

15 марта в мире отмечается Всемирный день защиты прав потребителей, впервые обозначенный в международном календаре праздничных дат в 1983 г. В России этот день получил признание 7 февраля 1992 г. после принятия Закона РФ № 2300-1 «О защите прав потребителей» и стал широко отмечаться с 1994 года.15 мар. 2021 г.
В Якутии отменили большинство коронавирусных ограничений

📄Так, согласно указу Айсена Николаева возобновляется деятельность ночных клубов, дискотек, караоке-залов, развлекательных и досуговых заведений.

При проведении массовых мероприятий не требуется соблюдение максимального уровня заполняемости помещений не более 75 процентов.

При этом граждане при посещении мероприятий, проводимых в закрытых помещениях, должны предъявлять QR-код вакцинированного или отрицательный ПЦР-тест.

Мероприятия с участием свыше 500 человек подлежат согласованию с Управлением Роспотребнадзора по РС(Я).

@ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🐱🐶"Братья Наши Меньшие"

Домашние питомцы - это члены семьи, которые так же как и дети, нуждаются в поддержке, развитии и воспитании.
Нам улууһа эт-үүт аһылыгынан хааччынар кыахтаахпыт. «Эрэл» ТХПК оҥорон таһаарар бородууксуйатын нэһилиэнньэ хамаҕатык атыылаһар. «Биһиги кооперативпыт улууһу үүт аһынан, этинэн, оҕуруот аһынан толору хааччыйан олорор дии саныыбын. Детсадтары, оскуолалары кытта дуогабардаһан бэйэбит оҥорон таһаарар аспытынан толору хааччыйабыт. Ону таһынан, нэһилиэнньэҕэ анаан атыы-эргиэн маҕаһыыннардаахпыт. Үүт тутуутун кэккэ нэһилиэктэрбит пууннарыгар саҕалаатыбыт, онон ынах арыыта сотору кэминэн атыыга тахсыаҕа. Ааспыт сыллааҕы саппаас арыыбытынан дуогабардаах үөрэх тэрилтэлэрбитин хааччыйа олоробут», - диэн директор Ньургун Гуляев иһитиннэрэр.

«Эрэл» ТХПК оҥорон таһаарар бородууксуйатын олохтоохторго хамаҕатык тиийдин диэн фирменнэй маҕаһыынын сыанатынан тиэрдэн биэриини олохтообута. Ол курдук, 3,2%-наах үүт — 90 солк., суорат, кефир — 92 солк., сүөгэй — 190 солк., иэдьэгэй — 160 солк., уулларыллыбыт арыы — 190 солк.; теркаламмыт моркуоп киилэ аҥаара — 75, хортуоппуй 5 кг. - 350 солк (1 киилэтэ 70 солк. тэҥнэһэр).
Намҥа - Волейбол күннэрэ

Тирии мээчик сүгүрүйээчилэригэр бука барыгытыгар эҕэрдэ!

Бу өрөбүллэргэ Намҥа волейболга дьахталлар хамаандаларын ортотугар СР чемпионата буолуоҕа.

Киирии билиэт - 100 солк.

"Эҥсиэли" хаһыат
Намнааҕы ТХПК "Эрэл" бородууксуйатыттан тугу сөбүлээн ылаҕын?
Anonymous Poll
20%
Үүт
24%
Сүөгэй
13%
Кефир
13%
Суорат
27%
Сливки
3%
Полуфабрикаттары
НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли" pinned «Намнааҕы ТХПК "Эрэл" бородууксуйатыттан тугу сөбүлээн ылаҕын?»
AUD-20220315-WA0010
<unknown>
"Эҥсиэли" хаһыат подкастара" рубрика.

Нам улууһугар эпидемиологическай быһыы-майгы туруга.
В Якутии будут приняты меры по поддержке хлебозаготовки и дополнительному завозу запасов муки

Зампред Михаил Никифоров отметил, что «летом цена на муку может повыситься, поэтому мы планируем ввезти в республику определённый объем муки не только для Якутского хлебокомбината, но и через оптовые предприятия, чтобы придержать повышение цен на хлебопечение. Данный вопрос прорабатываем, изыскиваем источники финансирования. Все оптовики и предприниматели озадачены завозом муки наперед, работа ведется. Вопрос сегодня в основном стоит в доставке по логистическим и транспортным схемам. Часть продукции доедет до Якутска после прохождения ледохода».

#ОбъясняемРФ #Якутия #СахаДойдута
#ааҕааччыбытыйытар:

Ыанар ынахха көрүллүбүт 35 тыһ. солк. кээмэйдээх быйылгы субсидия улуустарга хаһан түһүөҕэй?

🔺Эппиэттиир Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ:

Быйылгы субсидия харчыта докумуоннарын оҥорон ыыппыт улуустарга кулун тутар 17 кэнниттэн түһүөҕэ.

Абый, Амма, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма Сунтаар Уус Алдан, Уус Майа, Усуйаана, Хаҥалас улуустарыгар субсидия харчыта ыытыллар. Докумуоннарын хойутаппыт улуустарга муус устарга киириэҕэ.

☑️ @ulusmedia
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үйэлэр кирбиилэрин кэрэһэлиир быыстапка

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр, сэбиэскэй государственнай уонна партийнай деятель Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж Ефим Шапошников аатынан быыстапкалыыр саалатыгар «На стыке времен» диэн хартыына быыстапката муус устар 8 күнүгэр диэри туруорулунна.

✍🏻 Семён Аргунов
🎥 Ярослав Касьянов

"Эҥсиэли" хаһыат
Намҥа бу күннэргэ дьахталларга республикатааҕы волейбол чемпионата буолуоҕа. Ол курдук, Саха сирин аҕыс күүстээх хамаандата (1 лига) кулун тутар 17-20 күннэригэр Нам улууһугар кэлиэхтэрэ. Таһаарыылаах оонньууну көрдөрбүт алта хамаанда Уус Алдаҥҥа VIII Спортивнай оонньууларга айанныыр путевканы ылыаҕа. Онон күрэхтэһии хара ааныттан тыҥааһыыннаах буолара күүтүллэрин улуустааҕы спорт управлениетын үлэһитэ Евгений Сивцев этэр.

"Эҥсиэли" хаһыат
Менделеев химическэй элеменнэр ситимнэрин түүлүгэр көрбүтэ, онтон Грибоедов - "Горе от ума" ис хоһоонун.
Оттон эһиги тугу түһүүгүт?
Anonymous Poll
18%
чугас дьоммун, табаарыстарбын
4%
бу күҥҥэ ордук долгутар көстүүнү
49%
туга-ханныга биллибэт өйдөммөт түгэннэр
13%
кутталлааҕы
11%
туох эрэ үчүгэйи, сырдыгы
5%
олох атыны (бэйэҥ версияҕын комментарийга хааллар)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Быйыл 81 сааһын туолар, Бэрдьигэстээх олохтооҕо 🏡🏠🏢Дьөгүөр Павлов 👴🏻👍 бу күннэргэ Таралҕан күөлүгэр, ☀️❄️ катокка хаҥкылыы кэллэ.
"Үлэ күүһэ"
@silatrudagorny
#үлэкүүһэ
☀️☀️☀️

Сарсыарда тулабын сырдатан
Саҕахтан саһарҕа таҕыста,
Сардаҥа утаҕын тарҕатан
Сандалҕан күн уотугар ыста.

Сандал саас сандаархай тунала
Сыһыыбар арыллан сырдаата,
Сааскы күн чэмэлкэй сарыала
Сыдьаайа көстөн тырымнаата!

✍🏻Онтуон

Үтүө сарсыарданан!☀️

Бүгүн сарсыарда таһырдьа -28 С, күнүс -17 буолара күүтүллэр⛅️

"Эҥсиэли" хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🐎Бүгүн Нам сэлиэнньэтин "Куонда Кириэс" ипподромугар Нам улууһун сылгыһыттарын икки ардыларыгар Сылгыһыт күрэҕэ сарсыарда 9 чаастан саҕаланар. Хас биирдии ыалдьыты итии чэй, сахалыы ис миинэ уонна күүрээннээх күрэхтэр кэтэһэллэр.

"Эҥсиэли" хаһыат
Кулун тутар 17 күнүгэр 4 чаастан М.К. Аммосов аат. болоссуокка "Нам улууһугар Крым сааһа" («Крымская весна в Намском улусе») диэн акция ыытыллыаҕа. Тэрээһин Крым РФ састаабыгар киирбит бэлиэ күнүгэр (кулун тутар 18 күнүгэр 2014 сыл ) ананар.

Нам сэлиэнньэтин устун Россия уонна СР былаахтарын иилиммит массыыналар сэлэлии сүүрүөхтэрэ.
Болуоссакка бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолуоҕа.

Үөрэнээччилэр, устудьуоннар, общественнай хамсааһын көхтөөх кыттааччылара дойдубут былааҕын күөрэччи тутан Z уонна V буукубалар моһуоннарынан флешмобка кыттыахтара. Манан кинилэр бүттүүн норуот биир санааланыытын, кыайыыны-хотууну, билиҥҥи балаһыанньаҕа армиябытын, президеммитин өйүүрбүтүн биллэриэхтэрэ.

"Эҥсиэли" хаһыат
⭕️«Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр ыттар почтаҕа пенсиятын ыла кэлбит саастаах дьахтары тырыта тыыппыттар, ол эрэйдээх ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбит. Иэдээн тута тахсыан, массыыналаах киһи кэлэн быыһаабыт, ыттар киниэхэ түспүттэрин нэһиилэ көмүскэммит», - диэн дьулааннаах сурах бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ тарҕанна.

⭕️Кырдьык, Дьокуускайга уонна атын даҕаны регионнарга бэйдиэ сылдьар ыттар дьону сэймэктээбит түбэлтэлэрэ өссө даҕаны дьон өйүгэр-санаатыгар уоста илик кэмигэр тарҕаммыта киһини эрэ соһутара, дьулатара баар суол. Оттон дьиҥ иһигэр туох быһылаан буолбутун чуолкайдаары биһиги корреспондеммыт «Хомустаах Бастакы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Василий Жирковтан баары баарынан быһаарарыгар көрдөстө.

Сиһилии манна аах

"Эҥсиэли" хаһыат
🐎Намҥа "Куонта Кириэс" ипподромҥа сылгыһыттар күрэхтэрэ саҕаланна.

Барыта 3 хамаанда: 1 Хомустаах, Үөдэй, Модут нэһилиэктэриттэн түөртүү киһи 4 түһүмэҕинэн күрэс былдьаһаллар.

"Эҥсиэли" хаһыат