НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
4.26K subscribers
16.2K photos
3.8K videos
8 files
4.5K links
Нам улууһун сэргэх сонуннара.

Аадырыспыт: Нам сэл., Ст. Платонов аат. уул. 2/1 дьиэтэ (Нотариус)

Бил. тел.: +7-962-733-65-02 8-924-171-11-52

📩 [email protected]
Download Telegram
Саахымат түһүмэҕэр финал.

2 Хомустаах, Хатыҥ Арыы, Хатырык, Хамаҕатта, Партизан, Арбын, Модут, Нам хамаандалара саахымакка оонньууллар

@gazetaensieli
Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Кириллович Алексеев бирииһигэр 2009-2014 сыллардаах төрүөх оҕолорго көҥүл тустууга XXVII-с республикатааҕы турнир буолла.

Бу күрэхтэһиигэ республикабыт 5 улууһуттан 97 тустааччылаах 11 хамаанда кэлэн күөн көрүстүлэр. Наммыт улууһун нэһилиэктэрэ (Нам, Хамаҕатта, Хатыҥ Арыы, Модут, Хатырык, Бөтүҥ, Үөдэй) биирдии хамаанданы туруордулар.

Сиһилии манна аах

@gazetaensieli
Хамаҕатта нэһилиэгин "Түһүлгэ" НАК "Сүрэхпэр кистээбит айар кутум" музыкальнай рингэҕэ биир дойдулаахтарбыт Любовь Иванова уонна Мария Нератова айааччы, мелодист, толорооччу быһыытынан сыанаҕа таҕыстылар.

Ырыаһыттар иккиэн хардары-таары алта түһүмэҕинэн ырыаларын толордулар. Көрөөччүлэр Любовь Иванова саҥа дьиэрэтии уонна дэгэрэҥ, Мария Нератова өрө күүрүүлээх патриотическай ырыаларын сэргээтилэр.

✍🏻Мария Винокурова

@gazetaensieli
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Нам улууһугар “Алгыстаах хомустар” быыстапка аһылынна

И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж быыстапкалыыр саалатыгар Иннокентий Никитич Готовцев – Хоһуун Уус 80 сааһыгар анаммыт “Алгыстаах хомустар” быыстапканы үөрүүлээхтик астылар.

Иннокентий Готовцев 50-ча сыл устата 15 тыыһынчаттан тахса бэйэ-бэйэлэригэр хатыламмат хомуһу оҥорбут. Олортон сөҕүмэр кэрэ, ураты көстүүлээх уонна уустук тутуллаах хомуһун коллекцията Аан дойдуутааҕы хомус киинин уонна түмэлин сүрүн экспозициятыгар тураллар. Ол коллекцияны Иннокентий Никитич төрөөбүт-үөскээбит улууһугар, үлэлээбит-хамсаабыт кыһатыгар улууспут дьонун-сэргэтин көрүүтүгэр аҕалан быыстапкаҕа туруордулар.

🎤 ✍🏻 Семен Аргунов
🎥 💻 Ярослав Касьянов

Сиһилии видеоҕа ⬆️⬆️⬆️

@gazetaensieli
📸ФОТОФАКТ

Муус байбаралаах балаҕан...

Сааспыт кэлбит бэлиэтин муус чопчу көстүүтүттэн көрөбүт. Маннык курбуу курдук уп-уһун, сип-синньигэс муус чопчу биһиэхэ Хамаҕаттаҕа эрэ баар.

✍🏻📸Мария-Сандаара Баат

@gazetaensieli
Намҥа Александр Игнатьев аатынан ыытыллар II спартакиадаҕа улуустан уопсайа 579 кыттааччылаах 19 хамаанда күрэхтэһэр.

Спартакиада бастакы күнүгэр ох саанан ытыы көрүҥэр Хатыҥ Арыы, онтон Хамаҕатта уонна Намнааҕы педколледж хамаандалара инники күөҥҥэ тахсыбыттарын сүрүн судьуйа Балаганскай этэр. 

Сиһилии манна аах

@gazetaensieli
☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️

Саҥа күн тахсар кэрдииһигэр
Сырдык аартыгар мин үктэнним,
Сааскылыы сэргэх эрчимигэр
Саргылаах күн аанын сэгэттим.

Сарсыардам эриэккэс кэмигэр
Сандаарар ылаар күнэ тыкпыт,
Саймаарар чэмэлкэй күнүгэр
Санаа дуоһуйуутун аҕалбыт!

✍🏻Онтуон

Үтүө сарсыарданан!☀️

Бүгүн сарсыарда таһырдьа -6 кыраадыс, күнүс +1 буолара күүтүллэр☀️
Күннээҕи гороскоп💫

Хой ♈️

Эмискэччи таптал иэйиитин, дьол амтанын билиэн

Оҕус ♉️

Аттыгар дьон кэлэн ыынньаҕалыырын тулуйар кэм бүттэ, санааҕын эт

Игирэлэр ♊️

Сыыһалаах буоллаххына билинэр ордук, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат

Рак ♋️

Эйигин сыаналыыр киһи эйигиттэн тэйиэ, аккастаныа суоҕа

Хахай ♌️

Олоҕун биир кэрэ-бэлиэ түгэнэ тосхойоору турар

Кыыс ♍️

Тугу баҕарарын барыта баар буолуо

Ыйааһын ♎️

Эн ис искиттэн сылаас сырдык иэйии тахсар, ону сөпкө туһан

Скорпион ♏️

Кыраайтан кыраайга сылдьаҕын, тулаҕын көрүнэр ордук буолуо

Охчут ♐️

Сир төгүрүк, туох барыта эргиллэн хатыланар, ол ону умнума

Чубуку ♑️

Үчүгэй сонуну истэн үөрүөн

Күрүлгэн ♒️

Эн мичээрин биир эрэ киһи сүрэҕин долгутар буолбатах

Балыктар ♓️

Туох эрэ наадалааҕы оҥороргун соруйан умнан туран дуоһуйууну ылыан.
Messages in this channel will be automatically deleted after 1 month
Messages in this channel will no longer be automatically deleted
Ыйыт – хоруйдуубут

Нам сэлиэнньэтин Парковай уул. олохтооҕо:

– Биһиги уулуссабытыгар күһүҥҥү ардахтар, маҥнайгы тоҥоруулар кэннилэриттэн суолбут астарыллыбата. Эрдэ ыйыппыппытыгар грейдер тиийиэҕэ диэн эрэннэрбиккит. Өссө биирдэ ыйытабыт: суолбутун хаһан грейдер ыытан астаран көннөрөҕүт? Халлаан хараҥарар буолла, уулуссабытыгар биир да остуолбаҕа лаампа суох. Быйыл биир эмит остуолбаҕа уот холбонуо дуо?

П.Г. Сокольников, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга:

– Күһүҥҥү ардахтар уһуннук түһэннэр суоллары былаан быһыытынан грейдердиир үлэлэр ситэ оҥоһуллубатахтара. Ол иһигэр Парковай уулуссаны көннөрүү туолбата. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ол эбэтэр алтынньы 21-22 күннэригэр, бу Парковай уулусса суолун көннөрөн 54 куб. буор кутуллан тэҥнэннэ.

Итэҕэй-итэҕэйимэ
Хаартыскаҕа: Парковай уулусса тэҥнэммитин кэннэ.

@gazetaensieli
💥 Редакция Ulus.Мedia совместно с проектом «Мастерская новых медиа» проведет прямой эфир 27 октября

🌐📱 На площадках Ulus.Media в Вконтакте и Тelegram 27 октября в 19:00 ч состоится прямой эфир на тему "Информационный фастфуд. Как соцсети влияют на наш мозг?"

🎙️ Гостями выступят:

▪️Евгений Клещ, руководитель выпускников проекта «Мастерская новых медиа», подкастер, писатель;

▪️Ольга Парфенова, политолог, историк;

▪️Айталина Тимофеева, психолог, социальный педагог.

Подробнее 👉🏻 https://ulus.media/article/76492

@ulusmedia
⭕️Александр Жирков о паромной переправе и о селе «Куберганя»

На XXXIX (очередном) пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) первый вице-спикер Парламента Якутии поставил перед Правительством Республики два вроде бы не очень глобальных, но, как оказалось, достаточно острых вопроса.

Александр Жирков предложил объяснить причину резкого увеличения с начальных чисел октября тарифов на паромную переправу и на перевозку пассажиров через Лену и другие реки республики. Аргументы председателя Государственного комитета Республики Саха (Якутия) по ценовой политике Антонины Винокуровой депутатов не удовлетворили.

Второй вопрос первого вице-спикера и вовсе застал Правительство врасплох

✔️Подробнее⬇️⬇️⬇️

https://энсиэли.рф/article/76514

@gazetaensiel
🗞Нам улууһун биир соҕотох хаһыата "ЭҤСИЭЛИ" сетевой таһаарыыларыгар суруттар!

бэрэбиэркэлэммит дьиҥ чахчы сонуннар;
урукку-хойукку хаартыскалар;
ыйытыктар;
санаа атастаһыыта.

Телеграм: https://t.iss.one/gazetaensieli

ВКонтакте: https://vk.com/club212345641

Ватсап группа: https://chat.whatsapp.com/Jwky1WTwDH0IC7LWcmnfvH

Сайт: энсиэли.рф

@gazetaensieli
🖊Биһиэхэ суруйаллар

- Парковай уулуссаҕа суолбут көннө🥳 Улаханнык махтанабыт!

@gazetaensieli
📷Былыргыны былыт саппат

Салбаҥ нэһилиэгин детсаада. Анна Даниловна Аргунова. Хас сыллаах хаартыска буолуой? Бу оҕолор билигин улаатан, үлэ-хамнас дьоно буола сырыттахтара😊

📸Редакция архивыттан. "Ленин суола" хаһыат.

@gazetaensieli