НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
4.26K subscribers
16.2K photos
3.8K videos
8 files
4.5K links
Нам улууһун сэргэх сонуннара.

Аадырыспыт: Нам сэл., Ст. Платонов аат. уул. 2/1 дьиэтэ (Нотариус)

Бил. тел.: +7-962-733-65-02 8-924-171-11-52

📩 [email protected]
Download Telegram
🔴 Бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар «Блиндаж чүмэчитэ» акцияҕа Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, тэрилтэлэр бары көхтөөхтүк кытталлар.

Акция тэтимин ыһыктыбакка бара турар. Ол курдук: Аппааныттан «Чэбдик» хаамыы бөлөҕө - 43, Граф Биэрэгиттэн «Ситии» бөлөх - 15, И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл - 21, олохтоохтор - 10, Любовь Ильинична, Григорий Боярович Поповтар - 5 чүмэчини «Олоҥхо» дьиэтигэр туттарбыттара.

Билигин «Далбар» дьахтар сүбэтэ - 15, Затоннааҕы ситэтэ суох орто оскуолата - 10, Кыһыл Дэриэбинэ «Сайдыы» СК, звукостудия, «Мичээр» оҕо уһуйаана, олохтоохтор - уопсайа 31 уонна З.П. Винокуров аат. Намнааҕы оҕо искусствотын Хатыҥ Арыытааҕы филиала 15 блиндаж чүмэчитин бэлэмнээтилэр. Маны тэҥэ, оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга, тэрилтэлэргэ акцияҕа кыттыы бара турар.
 
✍🏻 Надежда Сивцева

@gazetaensieli
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🔹Бу күннэргэ Таллан Бүрэ айымньыларынан хас биирдии оскуола, уһуйаан ахсын
араас хабааннаах тэрээhиннэр буола тураллар.


Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотекаҕа Саха биллиилээх поэта, СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев - Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах "Дорҕоонноохтук ааҕыы" күөн күрэһэ буола турар.

Оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо тус туhунан саалаҕа нэhилиэктэртэн, тэрилтэлэртэн кэлбиттэр. Күрэххэ оҕолор 30 сөкүүндэ, улахан дьон 1 мүнүүтэ иһигэр чуолкайдык, иэйиилээхтик туттан - хаптан уобараһы арыйаллар.

✍🏻📹 Элиэнэ Кэрэ

@gazetaensieli
💦🧊 Сааскы халааны сабаҕалааһын: күһүҥҥү ардах, хойутаабыт дьыл тугу түстүүллэрий?

Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, өрөспүүбүлүкэ сүрүн өрүстэригэр күһүн муус нуорматтан (орто болдьохтон) хойутаан турбута, – диир Саха сирин гидрометеорологияҕа уонна мониториҥҥа салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров. – Ол курдук, Өлүөнэ Өлүөхүмэҕэ уонна киин улуустарга 7-тэн 14, аллараа сүүрүгэр 4-тэн 7, Алдан 2-тэн 10, Бүлүү 5-тэн 15 итиэннэ хоту, хотулуу-илин сытар өрүстэр 2-тэн 11 сууккаҕа тиийэ хойутаабыттара.

Сиhилии ↩️

@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Илиибит сылааһа байыастарга тиийиэхтин

🪖Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар араас өрүттээх көмөнү тиһигин быспакка оҥоробут.

Бу күннэргэ "Блиндаж чүмэчитэ"аахсыйаҕа кыттыһан, 59 чүмэчини ыыттыбыт, өссө да оҥоро сылдьабыт.

Валентина Макарова салайыытынан Дьокуускайдааҕы "Илии сылааһа" сыаҕы кытта дуогабардаһан, ийэлэр, эбэлэр байыастарга куурка, көстүүм, ыстаан, футболка тигэ сылдьаллар.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ сулууспалаан дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр ийэлэр, эбэлэр илиилэрин сылааһа күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит.

Валентина Колесова

@gazetaensieli
Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн...

Былыргы хаартыска олус элбэҕи кэпсиир эбээт, киһи олоҕо арылаччы көстөн кэлэр.

Бу хаартыскаҕа Нам улууһун К. Маркс колхоз үлэһит дьахтара 40-с сыллардаахха иһит хомуйа турара түһэриллибит.

Мааны бэйэлээх буфет ыскаап тобуус толору оччотооҕу кэм иһитинэн туолан турара көрөргө үчүгэйэ... Ол гынан баран оччотооҕуга ыал аайы бу курдук элбэх иһит суоҕа чахчы. Арааһа. ..

Санааларгытын комментарийга суруйуҥ.

📸 Элиэнэ Кэрэ

@gazetaensieli
❄️Тохсунньу 31 күнэ, сэрэдэ. Үтүө сарсыарданан, күндү ааҕааччыларбыт!

🌥️Бүгүн сарсыарда 6 чааска Намҥа -37 кыраадыс. Ол эрээри -40 курдук тымныы илгийэр (ощущается). Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1 м түргэннээх тыаллаах.

💨Күн устата хотуттан 1 м түргэннээх тыалырыаҕа.

⛅️Бүгүн күнүс -36 кыраадыс буолуоҕа. Былыта суох, хаар түһэрэ күүтүллүбэт диэн күнү-дьылы кэтээччилэр сабаҕалыыллар.

Киэһэ -37 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа.

Күҥҥүт ситиһиилээх буоллун!😊

📸С. Кутукова


@gazetaensieli
Күннээҕи гороскоп

Тохсунньу 31 күнэ


Хой ♈️

Хайдах баҕар түгэҥҥэ чиэһинэй, истиҥ иһирэх, көнө майгылаах буолар үрдүктүк сыаналанар

Оҕус

Бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына, эйигин иннигэр ситиһии күүтэр

Игирэлэр

Бэйэҥ эппит тылгар эрэллээх буол, хас биирдии киһи тылыгар итэҕэйэр оруна суох, дьон быһыыланыытын ырытыма

Рак

Тулаҕар буола турар аймалҕаҥҥа бэринимэ, омуннаах быһыыланыы үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕа

Хахай

Эйиэхэ бастакынан суруйар, эрийэр дьону сыаналаа, кинилэр эн дурдаҥ-хаххаҥ буолаллар

Кыыс

Тылгын мээнэ тыалга быраҕыма, барытын өйдөөн-төйдөөн саҥарар туһалаах буолуо

Ыйааһын

Эйиэхэ сирэйгэр утары көрөн туран сымыйалыыр дьону өтө көрөҕүн, кинилэр итинник быһыыланалларын олох өйдөөбөккүн

Скорпион

Бүтүннүү буккуллан баран сылдьаҕын:төбөҥ биири этэр, сүрэҕиҥ олох атыны

Охчут ♐️

Сорох дьон эн олоххор кылгас кэмҥэ кэлэн баралларын ылыныах тустааххын

Чубуку

Доҕотторгун кытары истиҥ иһирэх киэһэни атаарыҥ диэн сулустар сүбэлииллэр

Күрүлгэн

Бүгүн дьон болҕомтотун тардаҕын, бары эн тула сүүрэ-көтө сылдьаллар

Балыктар ♓️

Эйиэхэ хайдах сыһыаннаһаллар да оннук эппиэт харда ылаллар

@gazetaensieli
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Олох суһума

Биир дойдулаахпыт, Партизан нэһилиэгин талааннаах, чаҕылхай ыччата Николай Николаевич Рыкунов кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун кэрэһэлиир “Олох суһума” ахтыы-кинигэтэ күн сирин көрдө.

Николай Россия суруйааччыларын, суруналыыстарын союһун чилиэнэ, литература кириитигэ, телесуруналыыс, хомуйан оҥорооччу быһыытынан бэрт таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Университекка бииргэ үөрэммит доҕотторо, суруйааччылар, “Чолбон” сурунаал редактора Гаврил Андросов, “Айыы кыһата” национальнай гимназия учуутала Рустам Каженкин кинигэни хомуйан оҥорбуттар.

Саха сирин суруйааччыларын союһун бырабылыанньата кинигэ сүрэхтэниитин олунньу 8 күнүгэр, 15.00 чаастан Национальнай библиотека историческай саалатыгар оҥоруоҕа.

@gazetaensieli
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Годдетства

👶🏻 Оҕо саас – хас биирдии киһиэхэ сырдык өйдөбүл буолан өйгө-сүрэххэ хаалар олоҕун саамай кэрэ түгэнэ буоллаҕа.


Быйыл Арассыыйаҕа - Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр - Оҕо саас, Наммыт улууhугар Оҕо спордун сыллара биллэриллэннэр, бэйэ-бэйэлэрин үс бүк ситэрсэн биэрэр күүстээхтэр.

✍🏻📹 Элиэнэ Кэрэ

@gazetaensieli
🔴 Бүгүн М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Нам улууһун наставниктарын сэбиэтин көҕүлээһининэн (председатель Анастасия Заболоцкая), ааспыт Педагог уонна Наставник сылыгар ыыппыт үлэтин отчуота саҕаланна.

Манна Дьокуускай куораттан, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан ыҥырыылаах ыалдьыттар, улууспут дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, нэһилиэктэр наставниктарын сэбиэттэрин актива, улуус общественноһа кыттар.

@gazetaensieli