Газета "Амма оло5о" | Амгинский улус
2.68K subscribers
29.8K photos
2.35K videos
4 files
6.31K links
Официальный канал газеты "Амма оло5о" 🗞️📰
Будьте в курсе событий вместе с нами
Download Telegram
🏆 “Доҕордоһуу кубога” отутус төгүлүн ыытылынна

🏐🏐🏐 Муус устар 13-14 күннэригэр Сулҕаччы нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут “Доҕордоһуу кубога” аһаҕас волейбол турнира буолан ааста. Бу күрэх 1988 сыллаахха оччотооҕу ыччаттарынан уонна кинилэр баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ көмөлөспүт, өйөөбүт спорт энтузиастарынынан тэриллибитэ 🥇🥈🥉

@amma_olo5o
Убаастабыллаах Амма улууһун олохтоохторо Олонхо ыhыа5а буолаары турарынан Э5эрдэлээн туран☺️ Сарсын уонна өйүүн Муус устар 17 уонна 18 күннэригэр саха ыалын таҥаһа «ИИС-УУС ХАРЫСТАС» бренд атыы ярмаркатыгар ыҥырар 🍃

Саха таҥаһа арааһа: халадаайдар (панбархат, шелк, уонна да атын материалтан тигиллибиттэр) камзоллар, oҕo таҥастара, былыргылыы бүлүүс дьахтар соно, хаһыаччыктар, ырбаахылар.

Олоҥхо ыһыаҕыгар aлгыстаах Аммаҕа тэҥҥэ бэлэмнэниэххэ 🌿
📍Kүүтэбит: Амматааҕы Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр ☀️

Муус устар 17 күнүгэр 11ч -20ч
Муус устар 18 күнүгэр 10ч -20ч
☎️Билсэр телефон:
+7 964 426-25-55

Баһаалыста биллэриини группаларынан ыытаргытын көрдөһөбүт ☀️🙏🍃💥Үтүө түстэннэ!🙏☀️🌈
🔷 Үлэһит киһи аата үс үйэҕэ барар

🔹 Ааспыт нэдиэлэҕэ «Россия ийэлэрэ» Амматааҕы салаатын кыттыылаахтара Чакырга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Амма улууһун баһылыгынан үлэлээбит Николай Архипов көҕүлээһининэн саҕаламмыт «Механизатор күнүгэр» сырыттылар.

@amma_olo5o
В Абагинском наслеге пройдет муниципальный этап всероссийской военно-патриотической игры «Зарница 2.0» для учащихся начальных классов

💪🏻Эстафета, строевая подготовка, оказание первой помощи, военизированная полоса препятствий и даже проверка знаний истории страны и общевойсковой грамотности – это все «Зарница 2.0».

Игра направлена на совершенствование системы патриотического воспитания, формирование у молодых граждан Российской Федерации прочных основ патриотического сознания, чувства верности долгу по защите своего Отечества, активной гражданской позиции.

@amma_olo5o
«Умнуллубат онус кылаас» идэҕэ туһаайар бырайыак үс оскуоланы түмтэ

🔰Амма улууһун үс нэһилиэгин оскуолалара идэҕэ туһаайыллыбыт «Умнуллубат онус кылаас» диэн бырайыактарын ааттаан бииргэ түмүстүлэр. Ол курдук Бөтүҥ, Абаҕа уонна Соморсун орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ көрсөн инники идэлэрин кэпсэтэн, доҕордуу сыһыаны олохтоотулар 👏🏻🫂

@amma_olo5o @ulusmedia