Газета "Амма оло5о" | Амгинский улус
2.68K subscribers
30K photos
2.37K videos
4 files
6.35K links
Официальный канал газеты "Амма оло5о" 🗞️📰
Будьте в курсе событий вместе с нами
Download Telegram
Надежда Кузьмина: “Быыбарга кэһии тахсыбат”

Амма нэһилиэгин 45 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар политическай партиялар кэтээн көрөөччүлэрин сэргэ, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр эмиэ бааллар.
“Биһиги үһүс күнүн үлэлиибит. Уопсастыбанньыктар өттүлэриттэн иккиэбит. Солбуһа сылдьан. Үс политическай партиялартан кэтээн көрөөччүлэр бааллар. Бу кэм устата туох да кэһии суох, барыта этэҥҥэ баран иһэр. Оннук да түмүктэниэ диэн эрэнэбит. Ол гынан баран бу учаастакка быыбардааччы 51 бырыһыана эрэ куоластаата. Быыбар түмүктэнэрэ икки чаас хаалла. Бу кэм устатыгар хас биирдии быыбардыыр бырааптаах киһи кэлэн бэйэтин куолаһын биэрэригэр, олохпут инники сайдыытын түстэһэригэр ыҥырабын”, - диэн уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү Надежда Кузьмина санаатын үллэстэр.

@amma_olo5o
Амма улууһугар быыбардыыр учаастактарга бюллетеннэри ааҕыы саҕаланна

Амма улууһугар бары 17 быыбардыыр учаастактара үлэлэрин оруобуна 20 чааска түмүктээтилэр. Үс күннээх быыбар түмүктэнэн хамыыһыйа чилиэннэрэ бюллетеннэри ааҕыыны саҕалаатылар.

СИҺИЛИИ⤵️
https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/amma-uluuhugar-byybardyyr-uchaastaktarga-byulletenneri-aa5yy-sa5alanna/

@amma_olo5o
🗳️ Абаҕалар быыбарга көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр

Амма улууһун биир бөдөҥ нэһилиэгэр быйылгы быыбар ураты долгутуулаах. Олохтоохтор элбэх таһымнаах быыбарга нэһилиэк баһылыгын талаллар.

Сиһилии: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/aba5alar-byybarga-kehteehteryn-kerderdyler/

@amma_olo5o
🍅🥒🥬 Эдэр натуралистар өрүү инники күөҥҥэ

🌱🌿 Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларыгар өссө биир сыралаах, үлүскэн үлэлээх сайыҥҥы кэм түмүктэннэ. Иитээччилэр даҕаны, оҕолор даҕаны тиритэ-хорута элбэҕи үлэлээтилэр, ситиһиилэр даҕаны добуоччулар. Бу туһунан Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын методиһа Матрена Афанасьевна Караканова сиһилии сырдатар.

Салгыы ссылканан киирэн ааҕыҥ: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/eder-naturalistar-eryy-inniki-kyenne/

@amma_olo5o
🎤🎹🎼Мисс новая Якутия” куонкурус кыттыылааҕын Аина Ильинаны биир дойдулаахтара өйүүллэр

🎼 Биир дойдулаахпыт Аина Ильина – Какитока “Мисс новая Якутия” куонкуруска кыттан улууһун чиэһин бэрт чаҕылхайдык көмүскүү сылдьар. Кини финалга тахсарыгар дойдутун дьоно-сэргэтэ күүс-көмө, өйөбүл буолан куоластааһын үлэтэ бэрт тэрээһиннээхтик бара турар.

🎙️🎚️ Талааннаах кыыспытын өйүүр сыалтан Аммаҕа “Тутуу үлэһитэ” сынньалаҥ паркаҕа “Инструментальнай музыка кэнсиэрэ” буолан ааста 👍🏼👍🏼👍🏼

Бу туһунан: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/miss-novaya-yakutiya-kuonkurus-kyttyylaa5yn-aina-ilinany-biir-dojdulaahtara-ejyyller/

@amma_olo5o
Быыбар - 2023

🗳️ Абаҕа нэһилиэгэр быыбар бюллетеннэрин ааҕыы түмүктэннэ. Быыбар хамыыһыйатын дааннайдарынан, нэһилиэк баһылыгынан 291 куолаһы ылан Максим Владимирович Семенов талылынна
Максим Владимирович Семенов автобиографията

Мин 1970 с. муус устар 14 күнүгэр Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Ийэм – Захарова Галина Ильинична - Уордьаннаах кыыһа , Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ССРС культуратын туйгуна. Олоҕун устатын тухары Абаҕа олохтоох библиотекатыгар библиотекарынан үлэлээбитэ. Аҕам – Өлөөнтөн төрүттээх, Семенов Владимир Петрович оҕо эрдэхпинэ эрдэ өлбүтэ. Эһэм Илья Гаврильевич Захаров - Уордьаннаах Ылдьаа, Абаҕа Захаровтарын биир чаҕылхай киһитэ – Саха Сириттэн түөрт бастакы «Бочуот знага» уордьан кавалердарыттан биирдэстэрэ. Эһэм олорбут олоҕун, оҕолоругар, дьонугар-сэргэтигэр үтүө сыһыанын холобур оҥостон улааппыппыт.
Оҕо эрдэхпиттэн республикаҕа киэҥник биллэр сылгы уонна от звеноларын салайааччыта, ыччат наставнига Гаврил Михайлович Семенов биригээдэтигэр окко хас да сыл сылдьаммын үлэҕэ эриллибитим, элбэххэ үөрэммитим.
Оскуоланы 1987 с. бүтэрэн,  Дьокуускайдааҕы ОТШ ДОСААФ үөрэҕэр киирэн суоппар идэтин баһылаабытым.
1988-90 с. Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр,  Забайкальскай байыаннай уокурукка сибээс батальонугар сулууспалаабытым.
1991 с.  И.Я. Строд аатынан совхозка суоппарынан үлэлии сылдьан, Абаҕаҕа эдэр ыччат лидерынан талыллыбытым. Ыччаттар түмсэн, элбэх субуотунньуктар, конкурстар, күрэхтэр, кэнсиэртэр көхтөөхтүк ыытыллан, олохтоохтор сэҥээриилэрин ылбыттара. Абаҕа нэһилиэгэр оччолорго улууска аан бастакынан нэдиэлэ аайы ыытыллар атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийэн нэһилиэккэ, улууска улахан сэргэхситиини таһаарбыппыт.  Нэһилиэккэ бастакы видео саалатын тэрийэн, үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх оскуола оҕолорун жетонунан сырытыннарар системаны оскуола дьаһалтатын кытта бэрт табыгастаахтык киллэрбиппит. Кулуупка үҥкүүлүүр сааланы ыччаттар күүстэринэн аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына кафелаан, уоттаан-күөстээн, икки этээстээх диджей будкатын оҥорон көхтөөх, сэргэх тэрээһиннэри тэрийэн, ыччат хамсааһынын тула дьону- сэргэни муспуппут. Оскуола оҕолорун уонна нэһилиэк ыччатын көҕүлээн, волонтерскай үлэлэри тэрийэн, нэһилиэк  иһин ыраастыыр этибит.  
1992-97 c. Кэбээйи улууһугар «Куокуй» совхозка  снабженеһынан, суоппарынан, механигынан таһаарыылаахтык үлэлээбитим.
2001 с. «Куокуй» совхоз эстэн, урбаанньыт буоларга сананан, мебель оҥорор «Аргасмебель» тэрилтэ тэринэн, 12 үлэ миэстэтэ таһааран, үлэлээн барбыппыт.  3 сыл иһигэр Кэбээйи улууһугар нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр, офистар олохтоох мебелинэн хааччыллыбыттара.
2012-2018 с.с. «НИКА» ХЭТ генеральнай директорынан үлэлээбитим. Тэрилтэ «Булуус-Сангар» суол көрүүтүнэн,  тутуутунан уонна уопсай тутуунан дьарыгырбыта. Бу тэрилтэ үлэтин түмүгэр Сангаарга тиийэр кыһыҥҥы суолга элбэх үлэ ыытыллан, суол бастыҥнар кэккэтигэр киирбитэ.

Кэргэним Алена Васильевна идэтинэн нуучча тылын учуутала. Билигин иккиэн биир тэрилтэҕэ тэҥҥэ үлэлиибит, Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторобут. Икки улахан оҕолоохпут, сиэннэрдээхпит.  

@amma_olo5o
Процедура подсчета голосов

В первую очередь, участковые избирательные комиссии погашают неиспользованные избирательные бюллетени и приступают к работе со списком избирателей, по которому определяются число избирателей, принявших участие в голосовании и количество бюллетеней, выданных избирателям в течение трех дней голосования в помещении и вне помещения для голосования.
Далее вскрываются переносные ящики для голосования и сейф-пакеты в которые перемещены избирательные бюллетени из переносных ящиков.
После этого вскрываются сейф-пакеты с бюллетенями из стационарных ящиков и стационарные ящики.
Члены комиссии сортируют все бюллетени по партиям, кандидатам, недействительным, спорным и приступают к подсчету голосов.
Состоявшиеся выборы многоуровневые. Поэтому первым будут подведены итоги голосования на выборах Главы республики, затем - по одномандатным округам, далее по единому округу (партийным спискам). Проводится итоговое заседание, подписываются протоколы. Затем проводится аналогичная процедура подсчета итогов голосования по муниципальным выборам. Документы направляются в вышестоящую комиссию. После получения подтверждения о принятии документов заканчивается работа комиссии. Все это схематично показано на карточке.
⬇️ ⬇️. ⬇️
#цикякутииинформирует
Айылҕа барахсан
Кэмэ кэлиитинэн,
Хаһыҥынан бүрүйэн,
Сөрүүн салгынынан илгийэн,
Саҕаҕы арыйан,
Саҥа сарсыарда сандаарбытынан,
Саҥа нэдиэлэ саҕаламмытынан
Истиҥ эҕэрдэ!
Махтал! Таптал!
Үөрүүнү үксэтэр,
Үтүөкэн нэдиэлэ буоллун,
Табыллыыны тайанар
Таһаарыылаах күн буоллун.
Сэргэхтик сэгэлдьиһиэҕиҥ,
Чэпчэкитик дэгэлдьиһиэҕиҥ.
Хас биирдиибит
Туруга тубустун,
Ситиһиилээх буоллун!

📝 Тускууна. 11.09.2023
📸 Матрена Тимофеева

Бүгүн уларыйа сылдьар былыттаах,  сөҥүүтэ суох. Тыал күүһүрэр кэмигэр сөкүүндэҕэ 6 миэтэрэҕэ тиийэр. Салгын  температурата сарсыарда 6 чааска  1 кыраадыс тымныы. Күн ортото 8 , иккис аҥарыгар  9 кыраадыс сылаас буолара күүтүллэр.
Күн уһуна 13 ч 26 мүн
🌞05 ч 34 мүн тахсар
🌞19 ч 00 мүн киирэр
Гороскоп на понедельник, 11 сентября

♈️ Овен. Сосредоточиться на работе будет сложно, особенно в первой половине дня. Ваша энергия на достаточно низком уровне, поэтому не планируйте серьезных дел. Займитесь тем, что нельзя отложить, проведите подготовительную работу. Сложный разговор с кем-то близким поможет прояснить ситуацию.

♉️ Телец. Спешка в работе сегодня может привести к серьезным ошибкам, поэтому обращайте внимание на мелкие детали, работайте в комфортном темпе. Интуиция дает верные советы, прислушивайтесь к ней. Деловые предложения, сделанные вам сегодня, могут быть выгодными, их стоит рассмотреть.

♊️ Близнецы. Звезды сегодня советуют выполнять задания планомерно, сконцентрироваться на важных вещах, чтобы ничего не упустить из виду. Новая информация может быть полезна, следите за новостями, прислушивайтесь к разговорам коллег. Контролируйте свое настроение, особенно ближе к вечеру.

♋️ Рак. У вас накопились эмоции, которые требуют немедленного выхода. Полезно заняться физической работой или сходить в спортзал. Если этого не сделать, общение с окружающими будет заканчиваться ссорами или обидами. Ракам сегодня надо находиться в обществе, больше знакомиться.

♌️ Лев. Ваша отзывчивость и желание помочь может быть использовано завистниками или недоброжелателями в корыстных целях. Не поддавайтесь на их уговоры, сохраняйте свое личное пространство. День не подходит для перемен или изменений привычного распорядка, пользуйтесь проверенными способами.

♍️ Дева. С самого утра настраивайтесь на позитив, выходите из дома в хорошем настроении. Сегодня Дев ожидают интересные встречи и приключения. Лучше посвятить день обычным ежедневным делам, а что-то новое или сложное оставить на другой день. Помощь коллег будет кстати.

♎️ Весы. Для достижения поставленных результатов используйте проверенные методы. Не стоит давить на оппонентов, лучше оперировать фактами и вести дружелюбную беседу. Накопившийся стресс можно снять активной тренировкой в спортзале или пробежкой в парке. Ваше настроение от этого заметно улучшится.

♏️ Скорпион. Не откровенничайте сегодня с окружающими: велик шанс выдать свой секрет или тайну. Полученную  информацию проверяйте, не верьте всему, что вам говорят. При принятии решения учитывайте общую картину, не акцентируйте внимание на мелочах. Иначе результат вас сильно разочарует.

♐️ Стрелец. Будет сложно войти в рабочий ритм и взяться за важную работу: настроение Стрельцов сегодня расслабленное. Если есть возможность, отложите серьезные дела на потом, а сегодня закончите старые, разберите документы и квитанции, освободите место. Общение лучше минимизировать.

♑️ Козерог. По тому, как сложится сегодняшний день, вы можете определить правильность своих прошлых решений. Если все складывается удачно, и дела решаются в вашу пользу, значит, вы избрали верное направление. Козероги могут передать некоторые свои обязанности окружающим: они прекрасно с этим справятся.

♒️ Водолей. На первом месте у вас должны стоять личные или семейные отношения. Отложите свои дела и помогите близким людям решить их проблемы. Не давите на них и не настаивайте на своем мнении, просто дайте полезный совет и поддержите. Относитесь к происходящему спокойнее.

♓️ Рыбы. Ленивое настроение будет сопровождать Рыб на протяжении всего дня. Сосредоточиться на работе сложно, поэтому лучше перенести все важные встречи на другое время. Отдайте предпочтение занятиям, которые приносят положительные эмоции и удаются лучше всего. В личных отношениях будьте настойчивее.
🗳️ Айсен Николаев Амма 87,98% быыбардааччыларын итэҕэллэрин ылла

Амма улууһун бары быыбардыыр учаастактарыгар бюллетеннэри ааҕыы түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ саамай сүрүн быыбарыгар – Ил Дарханы талыыга куоластааһын түмүгэ хайдаҕый?

Бу туһунан ссылканан киирэн аах: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/ajsen-nikolaev-amma-byybardaachchylaryn-8798-ite5ellerin-ylla/

@amma_olo5o
🗳️Биир ньыгыл Россия” партия кандидата баһыйар үгүс куолаһы ылла

31№-дээх Амма – Уус Маайа биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн 7 ыҥырыылаах мунньаҕар норуот депутатыгар куоластааһын түмүгэ чопчуланна. Ханнык кандидат төһө куолаһы ылла?

Бу туһунан ➡️➡️➡️ https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/biir-nygyl-rossiya-partiya-kandidata-bahyjar-ygys-kuolahy-ylla/

@amma_olo5o