Газета "Амма оло5о" | Амгинский улус
2.68K subscribers
30.1K photos
2.38K videos
4 files
6.37K links
Официальный канал газеты "Амма оло5о" 🗞️📰
Будьте в курсе событий вместе с нами
Download Telegram
Амма улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (16.09– 22.09.24) араас хайысхалаах барыта - 44 иһитиннэрии-биллэрии, сайабылыанньа киирбит. Ол иһигэр араас эт-хаан эчэйиитин ылан "Суһал көмөҕө" көрдөрүү – 8, арыгылааһын, общественнай миэстэҕэ итирик туруктаах сылдьыы, дьиэҕэ-уокка айдаарыы, –13, атын улуустан, куораттан кэлии иһитиннэриилэр, араас үҥсүүлэр – 2, уорааһын, түөкүннээһин-20 (бу иһитиннэриилэр үгүс өттүлэрэ, дьон кыра суумалаах сойуом ылан баран, дуогабардарын кэһэн ыйыллыбыт болдьоххо төнүннэрбэттэр.)
🗓️Нэдиэлэ устата саалаах 32 киһи бэрэбиэркэлэммит. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 1 саа былдьанна.
📝Нэдиэлэ устата барыта 58 араас хайысхалаах административнай боротокуол толоруллубут, ол иһиттэн уопсастыбанай сиргэ итирик туруктаах сылдьыы иһин – 3, дьиэҕэ уокка айдаараан - 1, төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолууга -1 боротокуол.
🚔0 ГАИ линиятынан барыта 223 массыына бэрэбиэркэлэммит, онтон 48 суоппарга араас хабааннаах административнай боротокуол толорулунна. Киһи эчэйиилээх 2 суол саахала таҕыста. Манан туһаайан суоппардар суолга болҕомтолоох буоларгыт ирдэнэр, скоростной эрэсиими кэспэккитигэр ыҥырабыт.
🔹 Нэдиэлэ устата 1 холуобунай дьыала тэриллиннэ.
Forwarded from РСХБ
⚡️ Повысили ставки по вкладам

Теперь до 18,5% на полгода. А если не было вкладов и накопительных счетов последний месяц — до 19,5%

Выбрать вклад ⬅️

#РСХБ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Нина Гаврильева: “Улууспут хаһыатын көмөтүнэн Элиэнэ очуостарыгар күүлэйдээтим”

🔰Аҕыйах хонуктааҕыта Амма Наахара олохтооҕо, өр сыл «Дуораанчык» уһуйааҥҥа иитээччинэн, онтон эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлээбит, билигин үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта, саха төрүт оонньууларын хабылык, хаамыска волонтера Нина Романовна кэргэнинээн Валерий Иванович Гаврильевтыын Элиэнэ очуостарыгар сынньанан кэллилэр.🛳️⛰️

🔰Бу сынньалаҥы Гаврильевтар 2024 сылга толору сурутуу түмүгэр оонньуу кыайыылаахтара буолан ситистилэр.👍🗞️

📲 СИҺИЛИИ САЙТКА ↩️

2025 сылга УЛУУ ХАҺЫАТЫГАР СУРУТУУ ЫЫТЫЛЛА ТУРАР. БЫЙЫЛ ЭМИЭ ПУТЕВКА УОННА АТЫН БИРИИСТЭР ООННЬОНОЛЛОР👍👍

@amma_olo5o @ulusmedia
Идэ барыта наадалаах… Ордук оробуочай идэ 👷🏻🛠️

💎 Саха сирин бырамыысыланнаһа үрдүк кылаастаах оробуочай каадырга наадыйыыта сыллата улаатан иһэр. Холобур, үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйаны, сөптөөх, үрдүк хамнаһы, сайдар, үүнэр кэскили аан дойду алмаас хостооччуларын инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэтэ АЛРОСА хааччыйар.

📲 СИҺИЛИИ САЙТКА ↩️

@amma_olo5o @ulusmedia
Ураһалаах алааска өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ турда 😍👏🏻

🔰Тымныы, ардах аргыстаах тыаллаах күнү аахсыбакка, Эмис нэһилиэгин Ураһалаах алааһыгар сылаас, истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө 30-с сыллартан саҕалаан сэрии аас-туор сылларыгар тигинэччи үлэлээн олорбут “II Пятилетка” колхуос ыччаттара өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэни туруоран, ахтан-санаан ааһар долгутуулаах түгэннэрэ буолла.

📲 СИҺИЛИИ САЙТКА ↩️

@amma_olo5o @ulusmedia
Погода на 24 сентября ⛅️

@amma_olo5o
Гороскоп для всех на вторник 🌞🌛