Газета "Амма оло5о" | Амгинский улус
2.7K subscribers
30.7K photos
2.43K videos
4 files
6.47K links
Официальный канал газеты "Амма оло5о" 🗞️📰
Будьте в курсе событий вместе с нами
Download Telegram
Амма улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (08.04– 14.04.24) араас хайысхалаах барыта -23 иһитиннэрии-биллэрии, сайабылыанньа киирбит. Ол иһигэр араас эт-хаан эчэйиитин ылан "Суһал көмөҕө" көрдөрүү – 1 , арыгылааһын, общественнай миэстэҕэ итирик туруктаах сылдьыы, дьиэҕэ-уокка айдаарыы, – 10, атын улуустан, куораттан кэлии иһитиннэриилэр, араас үҥсүүлэр – 2, уоруу, түөкүннээһин-10

🗓️Нэдиэлэ устата саалаах 33 киһи бэрэбиэркэлэммит, сааны харайыыга, илдьэ сылдьыыга сокуону кэһии-1.

📝Нэдиэлэ устата барыта 75 араас хайысхалаах административнай боротокуол толоруллубут, ол иһиттэн уопсастыбаннай сиргэ итирик туруктаах сылдьыы иһин – 5, дьиэҕэ-уокка арыгылаан түүҥҥү өттүгэр айдааран- 1.

🚔 ГАИ линиятынан барыта 230 массыына бэрэбиэркэлэммит, онтон 63 суоппарга араас хабааннаах административнай боротокуол толорулунна. Ол иһигэр арыгы иһэн баран уруулга олоруу- 4.

🔹 Нэдиэлэ устата 2 холуобунай дьыала тэриллинэ. Булунни кэмнэ арыгыны сокуннайа суох атыылааьыны хонтуруолуур оперативно-профилатическай операция бара турар.
Алтан кырачааннара Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр ааттара ааттанна

🔰Алтан нэһилиэгин «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин «Robotland» хамаандата Илин Сибиир улахан куораттарыттан биирдэстэригэр — Красноярскайга техниичэскэй айыы-тутуу Арассыыйатааҕы сүүнэ бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.👏🏻👏🏻

📲 СИҺИЛИИ САЙТКА КИИРЭН ААҔЫН @amma_olo5o @ulusmedia
🤼‍♀️ Эмис нэһилиэгин тустуута үһүс тыынын ылла!

🏆 Эмис нэһилиэгэр Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Илья Солдатов сырдык кэриэһигэр 2008-2009, 2010-2011, 2012-2013, 2014-2015 сыллаах төрүөх уолаттарга улуустааҕы тустуу турнира үрдүк таһымҥа буолан ааста.

🥇🥈🥉 Турнирга Н.С. Захаров-Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатын, Эмис, Алтан, Сатаҕай, Бөтүҥ, Сулҕаччы хамаандалара, барыта 80-ча оҕо 15 ыйааһыҥҥа күрэхтэстэ.

@amma_olo5o