️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.6K photos
3K videos
9 files
2.22K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка киирии билиэттэри улуус баһылыга Валерий Валерьевич Николаев уонна улуус баһылыгын солбуйааччылара Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр анаан ыллылар.

Билиэттэри улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы Анна Михайловна Уларова туттарда.

Аһымал концертка улууспут талба талааннаахтара кыттыыны ылыахтара. Концерт бүгүн 17:00 чааска Олоҥхо дьиэтигэр ыытыллар.

#СВОихНеБросаем

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах иһирдьэнэн-таһырдьанан атыы-эргиэн дьаарбаҥката турда.

Маҕаһыын, ырыынак сыанатынааҕар удамырга турбут тэрилтэлэр атыыларын дьон хамаҕатык атыыласта.

Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа. Санатар буоллахха, улууспут баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бу ыйга айанныыр. Онуоха байыастар көрдөһүүлэринэн наадалаах тэриллэрин ылалларыгар эбии көмө буолар дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт тэрилтэлэргэ, тоҥ ас-үөл атыытын тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбаларга тэрийээччилэр махталларын тириэрдэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM