️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.8K photos
3.02K videos
9 files
2.25K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка киирии билиэттэри улуус баһылыга Валерий Валерьевич Николаев уонна улуус баһылыгын солбуйааччылара Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр анаан ыллылар.

Билиэттэри улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы Анна Михайловна Уларова туттарда.

Аһымал концертка улууспут талба талааннаахтара кыттыыны ылыахтара. Концерт бүгүн 17:00 чааска Олоҥхо дьиэтигэр ыытыллар.

#СВОихНеБросаем

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
#көмүссаас

⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһугар саҥа уопсастыбаннай тэрилтэ баар буолла.

Ол курдук, «Үөһээ Бүлүү улууһун биэнсийэлээхтэрин Сойууһа» тэриллэр быһаарыылаах мунньаҕар оройуон биэнсийэлээхтэргэ, уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр сылдьар ытыктыыр дьоммут - Георгий Алексеевич Степанов, Марина Спиридоновна Адамова, Мария Гаврильевна Потапова, Федора Степановна Попова, Нам нэһилиэгин аатыттан Виктория Николаевна Абрахова, Ороһу нэһилиэгиттэн Надежда Васильевна Котоконова, Татьяна Васильевна Ченохова Трофим Васильевич Кириллин уонна Любовь Михайловна Гурьева.

Бу уопсастыбаннай тэрилтэ бочуоттаах сынньалаҥа олорор дьон интэриэстэрин, бырааптарын олох араас түгэнигэр көмүскүүр, туруорсар аналлаах буолуоҕа. Биэнсийэлээхтэр сынньалаҥнарын тэрийсэр, аҕам саастаах дьон олоххо интэриэстэрин өссө көҕүлүүргэ көмөлөһөр сыаллаах тэрилиннэ.

Бастакы сүһүөх уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлинэн биир сүбэнэн Виктория Абрахова талылынна. Оттон бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан Марина Адамова ананна.

Нэһилиэктэргэ олоххо көхтөөх биэнсийэлээхтэри мунньан Сойууска киллэрэн, үлэлэрин саҕалыах буоллулар.

Виктория Абрахова бу ахсынньы ыйга Дьокуускай куоракка ыытыллыахтаах Биэнсийэлээхтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Сойуустарын конференциятыгар делегатынан ананан барар буолла.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ

⭐️ Бүгүн киэһэ Олоҥхо дьиэтигэр "Своих не бросаем" диэн ырыа-үҥкүү аргыстаах биир дойдулаахтарбыт кэнсиэртэригэр ыҥырабыт.

Киирии билиэт баара-суоҕа 300 солкуобай.

Кэнсиэр кэмигэр аукцион ыытыллыаҕа. Тэрилтэлэр туруорбут лоттара отой кыра сууматтан саҕаланар. Бэйэҕит баҕарар сыанаҕытыгар олохтоох аһы-үөлү атыылаһыаххытын сөп.

Кэнсиэртэн киирбит үп бүгүҥҥү аахсыйа чэрчитинэн байыастарга ананар көмөҕө барыаҕа.

Кэлиҥ, аахсыйаҕа кыттыһан байыастарга аадырыстанар көмөҕө сэмэй кылааккытын киллэрсиҥ!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах иһирдьэнэн-таһырдьанан атыы-эргиэн дьаарбаҥката турда.

Маҕаһыын, ырыынак сыанатынааҕар удамырга турбут тэрилтэлэр атыыларын дьон хамаҕатык атыыласта.

Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа. Санатар буоллахха, улууспут баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бу ыйга айанныыр. Онуоха байыастар көрдөһүүлэринэн наадалаах тэриллэрин ылалларыгар эбии көмө буолар дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт тэрилтэлэргэ, тоҥ ас-үөл атыытын тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбаларга тэрийээччилэр махталларын тириэрдэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Концертка киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө фондаҕа туттарыллар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыыннан биир дойдулаах байыастарбытын көрсө ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар барарбыт былааннанар.

Улууспут бары олохтоохторо кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэн, гуманитарнай көмөнү хомуйарга көхтөөхтүк кытталлар.

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ муҥха былыгын ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Ыһаарыламмыт соболор тоҥоруллан, баһыылкалар барарга бэлэмнэр.
Ону сэргэ, бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.

Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

#СВОихНеБросаем
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev