️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.6K photos
3K videos
9 files
2.21K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
#Бэлиэкүн

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай былааҕын 30 сылыгар анаан эдэр көлүөнэҕэ сэргэх тэрээҺин буолан ааста.

Манна "Бараховец" лааҕыр оҕолоругар (нач. В. И. Тарасова, восп. А.И. Иванова, Е.Д. Хабахова) Арассыыйа Былааҕын историятын туһунан (День Государственного Флага) библиотечнай уруок, бэсиэдэ, интеллектуальнай викторина ыытылынна.

Дойдубут былааҕын күнэ Арассыыйа Федерациятын өрөгөйүн ырыатынан саҕаланна. Викторинаҕа оҕолор балачча билиилээхтэрин көрдөрөн көхтөөхтүк кытыннылар.

Викторина түмүгэр
1 м. - Николаев Сахамин (6 кл).
2 м. - Миронов Саян (6 кл).
3 м. - Сидоров Сахамин (6 кл) буоллулар. Кыайыылаах оҕолорго улууспут историятын көрдөрөр ис хоһоонноох кинигэлэр туттарылыннылар.

Маны таһынан, "Великий Российский прославленный флаг" кинигэ быыстапката турда. Оҕо уонна нэһилиэк библиотекаларыгар кинигэ выставкалара, бэсиэдэлэр, куйаар ситиминэн тургутуктар ыытылыннылар.

@uoheebuluu
Үөһээ Бүлүү улууһугар биирдиилээн нэһилиэктэринэн атырдьах ыйын 22 күнүн туругунан оттооһун көрдөрүүтэ:

✅️ Балаҕаннаах - 408,90 тонна (Былаан: 612 т.);
✅️ Боотулуу - 2139 тонна (Былаан: 2147 т.);
✅️ Быракаан - 258 тонна (Былаан: 447 т.);
✅️ Үөһээ Бүлүү - 334 тонна (Былаан: 542 т.);
✅️ Далыр - 1600 тонна (Былаан: 2097 т.);
✅️ Дүллүкү - 2478 тонна (Былаан: 2529 т.);
✅️ Үөдүгэй - 607 тонна (Былаан: 836 т.);
✅️ Кырыкый - 530 тонна (Былаан: 1290 т.);
✅️ Кэнтик - 694 тонна (Былаан: 1059 т.);
✅️ Маҥаас - 740 тонна (Былаан: 1136 т.);
✅️ Мэйик - 1379 тонна (Былаан: 2199 т.);
✅️ Нам - 1170 тонна (Былаан: 1560 т.);
✅️ Оҥхой - 909 тонна (Былаан: 1189 т.);
✅️ Өргүөт - 220 тонна (Былаан: 404 т.);
✅️ Ороһу - 2464 тонна (Былаан: 1882 т.);
✅️ Сургуулук - 1037,29 тонна (Былаан: 1515);
✅️ Тамалакаан 790 тонна (Былаан: 1072 т.);
✅️ Туобуйа - 270 тонна (Былаан: 315);
✅️ Харбалаах - 628 тонна (Былаан: 986 т.);
✅️ Хомустаах - 682 тонна (843 т.);
✅️ Хоро - 1050 тонна (Былаан: 1340);

Уопсайа улуустааҕы от былаана 26.000 тонна. Атырдьах ыйын 16 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар га сиртэн 18.223,60 тонна от оттонно.
Улуус үрдүнэн 824 трактор, 1792 киһи күнү-дьылы баттаһа от соҕотуопкатыгар үлэлиир.

#От2024
#Сенокос2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Боец СВО трудоустроился и отправился тушить лесные пожары

Константин Максимов участвовал в спецоперации в составе ЧВК «Вагнер». В январе 2024 года он обратился в филиал Государственного фонда «Защитники Отечества» по Кобяйскому району с вопросом поиска работы.

Социальный координатор Надежда Петрова выяснила, что мужчина закончил Якутский сельскохозяйственный техникум и является специалистом лесного и лесопаркового хозяйства. Она помогла подготовить резюме и предложила направить его в местный филиале «Якутлесресурса».

Вскоре Константина пригласили на желаемую работу. Он успешно трудоустроился и все лето активно участвует в тушении лесных пожаров в своем районе, а также в Таттинском и Вилюйском районах.

«Я благодарен моему социальному координатору Надежде Гаврильевне за оказанное содействие в трудоустройстве. Мы с ней находимся на постоянной связи», – рассказал Константин Максимов.
Направление дополнительных средств на создание инфраструктуры территорий опережающего развития обсудила Правительственная комиссия. Благодаря разработанной преференциальной оболочке на Дальнем Востоке уже реализуется 20 проектов, напомнил полпред ДФО Юрий Трутнев.

К примеру, с разработками резидентов ТОР «Патриотическая» из Якутии знакомился лично президент Владимир Путин, а также их презентовали на Международном военно-техническом форуме «Армия-2024».

Среди них укрывные изделия из инновационных материалов от «Хоту Тент», приборы скрытой стрельбы и наблюдения «ЛИС», а также квадроциклы «Якт-Сокол» и БПЛА «Саха Дрон». Кроме того, компания «Безопасная Арктика» изготавливает переносные рации на коротких волнах, а «Якутский котловой завод» – отопительные печи.

Общими усилиями Дальний Восток помогает приближать Победу, подчеркнул Юрий Трутнев. По итогам обсуждения поддержку получили новые проекты.
Синский туристический кластер будут развивать в Якутии

На конкурсе в рамках нацпроекта «Туризм и индустрия гостеприимства» была одобрена заявка Якутии по развитию Синского кластера. Это один из красивейших уголков нашей республики, который в среднем посещают около 6 тысяч человек в год.

Кроме любования природой, величественными столбами выветривания и самой речкой Синей, туристы обожают здесь купаться и рыбачить. Неудивительно, что за последние 5 лет турпоток вырос более чем в 3 раза

Для более комфортного отдыха предлагается обустроить смотровые площадки, установить точки продаж местной и сувенирной продукции. Также планируется создать базу глэмпинга и организовать пункт проката инвентаря для сплавов.

Предложения по созданию туристической инфраструктуры рассмотрели на заседании президиума Правительственной комиссии по вопросам социально-экономического развития Дальнего Востока под руководством полпреда ДФО Юрия Трутнева.
Юрий Трутнев провёл заседание президиума Правительственной комиссии по вопросам социально-экономического развития Дальнего Востока

Обсудили изменения, вносимые регионами в планы социального развития центров экономического роста, в том числе: мероприятия по созданию инфраструктуры ТОР, строительство объектов в рамках «Дальневосточной концессии», обустройство туристических троп, сообщил полпред президента в ДФО Юрий Трутнев.

На заседании согласовано распределение остатков единой президентской дальневосточной субсидии в размере 3,9 млрд рублей на 2025 год на проекты мастер-планов в рамках дальневосточной концессии и мероприятия по обустройству туристических троп.

Дополнительные средства будут направлены на создание инфраструктуры ТОР «Патриотическая». Проекты его резидентов в Якутии уже широко известны в зоне СВО и недавно были презентованы на Международном военно-техническом форуме «Армия-2024».
Үөһээ Бүлүү улууһун история уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Изабелла Петровна Саввинова Дьокуускай куоракка үлэ сырыытын чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 4 сүрүн түмэллэр үлэлэрин кытта билистэ.

Бастатан туран аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин исписэлиистэрин кытта уопут атастаһар үлэни ыытта. Хомус түмэлигэр 17 үйэҕэ оҥоһуллубут хомустан саҕалаан билиҥҥи кэм сэдэх чочуйуулаах хомустарыгар тиийэ муһуллубут.

"Аан дойду араас норуоттарын бары хомустарын түмэлэ сахабыт сиригэр мустан турара көрүөхтэн эриэккэс.", - диэн бэйэтин санаатын Изабелла Петровна үллэһиннэ.

Хомус түмэлин кэннэ Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин үлэтин билистэ. Фольклор түмэлин исписэлиистэрэ араас хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын кэпсиир экспозицияларын көрдөрдүлэр.

Инникитин Үөһээ Бүлүү түмэлин кытта ыкса үлэни ыытарга сүбэлэстилэр. Ону тэҥэ улууспут биллэр-көстөр дьонун туһунан саҥа бырайыак үлэтин былааннастылар.

Бу түмэли Аиза Петровна Решетникова – Арассыыйа үтүөлээх артыыската, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, историческай наука кандидата ис сүрэҕиттэн тэрийбитэ, түмэл аҥаардас быыстапкаҕа эрэ буолбакка документальнай киинэлэри устууга эмиэ үлэлиир.

Изабелла Петровна салгыы Саха национальнай уруһуйун түмэлин сүрүн реставраторын Айталина Семенованы кытта рестоврация үлэтин тула сэргэх кэпсэтии ыыттылар. Айталина Семенова бэйэтин үлэлиир эйгэтин киэн хабааннаахтык көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Уруһуй түмэлигэр билигин Москва куораттан аатырбыт Третьяковскай галереяттан улуу худуоһунньук Иван Айвазовскай хартыыналарын аҕалан улахан быыстапка тэриллэн үлэлии турар.

Үлэ күнүн түмүгэр Е.М. Ярославскай аатынан Саха Сиринээҕи судаарыстыбанай история уонна культура түмэлигэр киирэн сүрүн методическай үлэни ыытар исписэлиистэрдиин, краеведтардыын көрсөн түмэл үлэтин тула кэпсэттилэр, уопут атастаһар үлэни ыыттылар.

#Түмэл
#МузеиЯкутии
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова Дьокуускай куоракка үлэ сырыытын чэрчитинэн АГАТУ (Арктикатааҕы судаарыстыбанай агротехнологическай университет) ректорын, Ил Түмэн норуот депутатын Федоров Валерий Иннокентьевиһы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕэрии салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов кыттыыны ылла.

Валерий Иннокентьевиһы кытта Үөһээ Бүлүү улууһун ыччатын тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк үөрэҕи баһылыылларыгар кэпсэттилэр. Инникитин улууспут АГАТУ-ну кытта кэккэ үлэлииригэр сөбүлэҥ түһэрсэр туһунан былааннастылар.

Салгыы Дьокуускайдааҕы медколледж директорын Дмитрий Афанасьевич Алексеевы кытта улуус баһылыгын Валерий Валерьевич сорудаҕынан Анна Михайловна Уларова уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лицей-интернат дириэктэрэ Туяра Васильевна Блинова көрүстүлэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Валерьевич инникитин улууспутугар бэйэбит ыччаттарбыт фельдшер идэтин баһылааннар, дойдуларыгар туһалаах исписэлиистэр буолалларыгар сыаллаан фельдшердары үөрэтэр салааны арыйарга үлэни ыытар. Ол курдук, бүгүн медколледж директорын кытта сүбэ мунньахха кэлэр үөрэх сылыгар (2025-2026 сылга) Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лицей-интернат баазатыгар Дьокуускайдааҕы медколледж фельдшерскай салааны арыйарга бастакы үлэ кэпсэтиитэ ыытылынна.

Үлэ күнүн түмүгэр Анна Михайловна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччытын Коротких Иннокентий Владимировиһы кытта көрсөн Үөһээ Бүлүүгэ саҥа арыллыахтаах элбэх хайысхалаах (многофункциональнай) дьиэ кэргэн киинин тула мунньахтаатылар. Билигин дьиэ кэргэн киинин уопсай сметата оҥоһуллан үп көрүллээһинин боппуруоһугар үлэ барар.

#Образование
#СоциальноеРазвитие
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Бу нэдиэлэҕэ ҮөҺээ Бүлүүтээҕи библиотека ситимин дириэктэрэ Тамара Герасимовна Саввинова уонна сүрүн библиотекарь Людмила Александровна Буртахова Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар үлэ сырыытынан баран үлэни-хамнаҺы билистилэр, саҥа
тутуулары көрдүлэр.

Хаҥалас улууһун киин библиотеката 2023 с. Россиятааҕы национальнай бырайыак көмөтүнэн үбүлэнэн аныгылыы матырыйаалынан хааччыллан саҥардыллан үлэҕэ киирбитэ.

Нам улууһун Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека 2022 сыл сааһыгар саҥа тутуллубут култуура киинигэр тэриллэн үлэлиир.

Үөһээ Бүлүү улууһун библиотекатын салалтата өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар Нам уонна Хаҥалас улууһун библиотекаларын үлэһиттэрин кытта уопут атыстаһыы үлэтин ыыттылар. Ону сэргэ тэтимнээх сайдыы кэмигэр, олох бары ирдэбилигэр эппиэттэһэр аныгы көлүөнэ библиотеката хайдах дьаһанан олорорун, туох саҥаны киллэрэрин туһунан өй-санаа атастастылар.

#Библиотека
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Бүгүн Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын «Урожай – 2024» быыстапка-куонкуруһа ыытылынна.
Манна биһиги улуустан Хоро, Кэнтик уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх агрооскуолалар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Сиһилии⤵️⤵️⤵️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/erespyybylyketee5i-urozhaj-2024-byystapka-kuonkuruska-yehee-bylyy-agrooskuolalara-sitihiilenniler/