Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
265 videos
1 file
798 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирэ Афанасий Иванович Ноев Бүлүү улуустарынан рабочай сырыыннан үлэлиир.

Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ көрсүһүүтүгэр сырытта. Көрсүһүүгэ култуура национальнай бырайыагын тула кэпсэттибит, инники үлэлэри былааннастыбыт.

Дойду Президиэнэ Владимир Путин саҥа киллэрбит национальнай бырайыактарыгар кыттарга былааннастыбыт.

#Культура
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун култуура салалтатын саҥа салайааччытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх култуура үлэһитин, култуура уонна үөрэҕэрии туйгунун Айталина Михайловна Мойтохонованы кытта көрсөн улуус култууратын эйгэтигэр ыытыллар үлэ кэнсиэпсийэтин сүбэлэстибит.

Бүгүн култуура үлэһиттэригэр салайааччыны билсиһиннэрии буолла. Үлэһиттэри кытта көрсүһүүгэ Айталина Михайловна үлэтин былааннарын билсиһиннэрдэ уонна култуура үлэһиттэрин түмсэн, улуус баһылыгын үлэлиир бырагыраамматыгар тирэҕирэн, биир көрүүннэн, суолунан тэҥҥэ сайдыаҕыҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.

#Культура
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev