Путин ийэ буолуу харысхалыгар уонна оҕолор доруобуйаларын харыстыырга анаммыт бырагыраамманы ыытары биллэрдэ. Кэлэр 6 сыл иһигэр 1 трлн солкуобай доруобуйа харыстабылын дьиэлэрин тутууга, хааччыйыыга көрүллэрин эттэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин урбаанньыттары хааччахтаабакка, төптөрөтүн кинилэргэ өйөбүл, көмө буолары ыҥырда.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дойду үрдүнэн түргэн интернет ситимэ бары сирдэргэ, нэһилиэктэргэ тиийэрин ситиһиэхтээхпит диэн Президент эттэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин нэһилиэктэр куораттар мастер-планнарын бырагыраамматын кэҥэтиини биллэрдэ. 2000 тахса нэһилиэктэр хабыллыахтаахтар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
2025 сылтан дойду үрдүнэн "Земский работник культуры" диэн бырагыраамма саҕаланарын Путин биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин 2% льготнай ипотеканы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тарҕанарын биллэрдэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин кабминҥа хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ саҥа бырагыраамманы оҥорууну соруйда.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин социальнай газификация бырагыраамматын кэҥэтиини биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Общественнай транспорт саҥардыллааһыныгар 150 млрд солк. Арассыыйа үрдүнэн көрүллэрин биллэрдэ.
Ону таһынан дойду Президиэнэ оскуолаларга автобус, техника ылааһыҥҥа эбии 66млрд солк. көрүллэрин эттэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин ойуур хаһаайыстыбатын, айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэри биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Уһук-илин регионнар уонна хотугу сирдэр олохтоохторо ититии оборудованиятын ылалларыгар субсидиялааһыннарыгар 32 млрд солк. көрүллэрин Путин эттэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Аэропорт ситимнэрин сайыннарыыларыгар 250 млрд. солк. көрүллэрин Путин биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин "Время героев" диэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт саҥа кадровай бырагыраамма кулун тутар 1 күнүттэн саҕаланарын биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ байыаннай сулууспаҕа хамсааһыннара инники күөҥҥэ буолуохтааҕын Путин биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Туох баар бары саҥа этиллибит национальнай бырайыактар бу сыл бүтүөр диэри бигэргэнэн, үлэтин саҕалыахтаахтар диэн дойду Президиэнэ биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин үс сыллааҕы эрэ бюджеты олохтообокко, эбии алта сыллаах финансовай былаан оҥоһуллуохтааҕын эттэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Путин иһитиннэриитигэр туох баар бары дойду олохтоохторугар бэйэтин махталын биллэрдэ. Уонна билигин дойдуну көмүскүү сылдьар буойуттарга сүгүрүйүүтүн, махталын этиннэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Владимир Владимирович иһитиннэриитэ дойду хас биирдии олохтооҕор анаммыт, дириҥ толкуйдаах, киэн көрүүлээх, уһун болдьоххо былааннаммыт, кэскилгэ, ыччакка анаммыт сыаллаах-соруктаах буолла.
Билигин тас дойдулартан күүстээх дьайыы бара турар кэмигэр дойдубут, өстөөх баҕарбытын курдук, охтон-быстан биэрбэккэ, төптөрүтүн өссө күүһүрэн, инникигэ эрэллээхтик, хорсуннук, тирэхтээхтик турара Президиэммит Владимир Путин мындыр салайыытын сыралаах өҥөтө буолар.
Дойду интириэһин көмүскүү сылдьар, эйэлээх халлааны олохтуур буойуттарбытыгар махталыттан Президиэммит иһитиннэриитин саҕалаата уонна түмүктээтэ. Уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэригэр анаммыт көмө бырагырааммалары олохтообута уолаттарбыт дойдуларыгар эргиллэн, салҕыы эйэлээх олоххо бэйэлэрин булуналларыгар, үлэһит дьон буолалларыгар төһүү күүс, күүстээх өйөбүл буолар.
Арассыыйа атын тас дойдуларга холоотоххо, айылҕаҕа бэриллибитин курдук сөптөөх дьиэ кэргэни өйүүр дойду буолар. Атын дойдулар курдук иирэ-баран араас атын кубулунууну билиммэппит чахчы. Ол оннугар дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа буолууну, оҕо төрөтүүнү, кэнчээри ыччаттаныыны, кэнэҕэски кэскиллэнэри дойдубут күүскэ өйүүр. Ол курдук, дойду Президиэнэ "Дьиэ кэргэн" диэн национальнай бырайыак тэрийэн, эдэр ыаллары, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ элбэх болҕомтону уурары биллэрбитэ олус хайҕабыллаах. Дьоллоох дьиэ кэргэн баарын тухары орто дойду баар. Ону таһынан оҕолорго болҕомто ууруллар, үөрэхтээһин, уһуйаан, оскуола, доруобуйа харыстабылын усулуобуйаларын үрдэтээһин туһунан элбэҕи кэпсээтэ, онно анаммыт бырайыактары билиһиннэрдэ.
Эдэр ыччаты өйүүр "Молодежь России" диэн национальнай бырайыак оҥоһуллара Владимир Путин дойду кэскиллээх буоларыгар кыһаллыытын көрдөрөр.
Бүгүҥҥү иһитиннэриигэ Владимир Владимирович оҕотуттан саҕалаан, кырдьаҕаһыгар тиийэ өйөбүлү биллэрдэ, болҕомтону уурда. Салҕыы Президиэммитин кытта дойдубут сайдыытын, олохпут тупсуутун туһугар биир санааннан, биир суолунан үлэлиэхпит, кыайыыны ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Охтон-быстан биэрбэккэ, туругуран, чэлгийэн, өрө өндөйөн сайдыаҕыҥ, кыайыаҕыҥ, түмсүөҕүҥ!
#ПосланиеПрезидентаРФ
#Путин
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev

Сандал саас маҥнайгы күнүнэн.
Бүгүҥҥү күммүт сарсыардааҥҥы халлаана Үөһээ Бүлүүгэ дойду былааҕын өҥүнэн киэргэйдэ.
Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ соруктаабыт этиилэрэ олоххо киирэн дойдубут күүһүрэрин айылҕабыт кытта сэҥээрэргэ дылы.
Уһун түүн толкуйбар буһаран-хатаран баран түмүккэ кэлбиппинэн, биһиги сахабыт сиригэр сыһыаннаах бырагырааммаларга кыттаммыт, хамаанданнан күүстээх үлэ ыыттахпытына кэлэр 6 сылга тосту атын таһымҥа тахсар кыахтанныбыт.
Владимир Путин инники кэлэр сайдыы суолун чопчулаата, аны биһиги ону туһанан сыалбытын ситиһэрбит эрэ хаалла.
Холобура, тыа сирдэригэр тиийэ мастер-план оҥорууга көмө көрүллэрин, оскуолалар, оҕо уһуйааннара өрөмүөннэнэллэригэр үп-харчы көрүллэрин, социальнай гаазтааһыны, оскуолаларга транспорт саҥардылларын, "Кадры", "Земский работник культуры" национальнай бырайыактары, түргэн интернет ситимин киэҥник тарҕатыыны, доруобуйа харыстабылын дьиэлэрин тутууну сэҥээрэ иһиттим.
Биһиги бу түгэни мүлчү туппакка, биир хайысхаҕа хайыһан, биир тиэмпэннэн үлэлээтэхпитинэ, бырагырааммаларга хапсан улууспутугар элбэх саҥаны киллэрэр кыахтанныбыт.
Күндү дойдум дьоно, буолаары турар быыбарга инники кэскилбит туһугар, тирэхтээхтик биир санааннан дойдубут Президиэнин өйүөҕүҥ, сайдыыны, кыайыылаах буолууну талыаҕыҥ диэн ыҥырабын!
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ВместеТолькоВперед
#Выборы2024