Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Нам нэһилиэгэр СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын сүгэр норуот айымньытын дьиэтэ 2022 сыллаахха "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн тутуута түмүктэммитэ.

Быйыл улуус дьаһалтатын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнэ, кыраһыабай көстүүтэ оҥоһуллан түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ.

2023 сылтан эбийиэк ис отделкатын оҥорууга эбии үп көрүллүбэккэ тутуу ситэ түмүктэммэккэ турбута. Быйыл ис дьүһүнүн, тутулун оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ эбии 9 мөл. 400 тыһ. солкуобай (улуус бүддьүөтүттэн 4 мөл.700 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 4 мөл. 700 тыһ. солк.) көрүллүннэ.

Билигин бара турар өрөмүөн үлэтин "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров билистэ.

Нам нэһилиэгэр норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнэ ахсынньы ыйга диэри бүтэрэ былааннанар.

#МояЯкутия21Век
#ДвижениеДобрыхДел
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Уважаемые жители Верхневилюйского улуса!

Обращаемся к вам с просьбой поддержать инициативу по присвоению имени выдающегося советского партийного и государственного деятеля, первого секретаря Якутского обкома КПСС, 2-го секретаря Верхневилюйского районного комитета КПСС Чиряева Гавриила Иосифовича аэропорту в городе Нерюнгри.

Призываем вас активно проголосовать за присвоение имени аэропорту г. Нерюнгри Гавриила Иосифовича Чиряева по ссылке:

Гавриил Чиряевка куоластаа:
https://forms.yandex.ru/u/671ed4c1c417f3348eee85fb/
Дьокуускай куоракка П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырга Саха Сирин автономиятын олохтоспут, биллиилээх политическай, общественнай диэйэтэл Степан Максимович Аржаков 125 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията кыттыыны ыллыбыт.

Максим Аммосов, Платон Ойуунускай уонна Бүлүү өрүс уутун иһэн улааппыт үс Бүлүү чулуу уолаттара: Үөһээ Бүлүү улууһуттан Исидор Барахов, Бүлүү улууһуттан Степан Аржаков, Ньурба улууһуттан Степан Васильев олох эдэр саастарыгар Сахабыт Сирэ бэйэтин салайынан олорор быраабын көмүскээн автономияны олохтообуттара, саха норуотун сырдык инникитин түстээн Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонорун ситиспиттэрэ.

Бу тэрээһиҥҥэ "Ураан" Үөһээ Бүлүү улууһун эдэр ыччатын түмсүүтэ кэлэн кыттыбыта улахан суолталаах. Ыччаттарбытыгар Степан Аржаков, Исидор Барахов курдук улуу дьоммут үтүө холобур буолуохтара диэн эрэллээхпит.

Кинилэр эдэр уоттаах сүрэхтэрэ, чаҕылхай, мындыр өйдөрө, бэриниилээх үлэлэрэ саха норуотун инники дьылҕатын быһаарбыта. 100-тэн тахса сыл ааста Саха Сирин Автономията олохтоммута, кинилэр тэлбит суолларынан билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сайдар, үүнэр инникигэ эрэллээх.

Чулуу убайдарбыт сүҥкэн кылааттарын, толук уурбут сиэртибэлэрин хаһан да умнубакка, кэлэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар тиэрдэр, өрүү өйдүүр ытык иэспит буолар.

Ыаллыы сытар Бүлүү улууһун олохтоохторун, Бүлүү улууһун баһылыгын Винокуров Сергей Николаевиһы киэн туттар биир дойдулааххыт Степан Максимович Аржаков 125 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

#СтепанАржаков125
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Провел рабочее совещание по формированию плана газификации левобережья Верхневилюйского улуса.

В «Сахатранснефтегаз» составлен календарный план мероприятий: подготовка проектно-сметной документации, финансирования и строительства. Для выполнения строительных работ планируется привлечь местных специалистов и использовать производственные мощности самой компании. Таким образом, проект создаст новые рабочие места, которые будут задействованы в строительстве газового объекта и его дальнейшей эксплуатации. Ожидается, что проект завершится в 2030 году.

Напомню, между Якутией и компанией АЛРОСА было подписано соглашение о сотрудничестве, которое позволило начать строительство газопровода-отвода к производственным объектам АЛРОСА на Накынском рудном поле. Это стало возможным благодаря поддержке главы Якутии Айсена Сергеевича Николаева.

#ВместеТолькоВперед
#Сахатранснефтегаз

https://t.iss.one/kolodeznikov_alexey
Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Концертка киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө фондаҕа туттарыллар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыыннан биир дойдулаах байыастарбытын көрсө ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар барарбыт былааннанар.

Улууспут бары олохтоохторо кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэн, гуманитарнай көмөнү хомуйарга көхтөөхтүк кытталлар.

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ муҥха былыгын ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Ыһаарыламмыт соболор тоҥоруллан, баһыылкалар барарга бэлэмнэр.
Ону сэргэ, бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.

Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

#СВОихНеБросаем
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev