Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 14 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3950 га иэннээх ойуур баһаарын утары бүгүҥҥү күҥҥэ 59 киһи Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэгин олохтоохторо, 27 киһи баһаарынай быыһыыр сулууспаттан уонна электростанция үлэһиттэрэ, ол иһигэр 15 киһи Дьокуускай куорат баһаарынай сулууспатыттан, 29 киһи "Авиалесохрана" тэрилтэттэн, ол иһигэр 6 парашютист, 23 киһи ДПС (десантно-пожарная служба), 3 киһи ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн, 4 киһи лесничествоттан уоту утары охсуһуу үлэтин ыыталлар. Ону тэҥэ ойуур баһаарын тохтотооһуҥҥа 2 ДТ-75 трактор, 1 УРАЛ трал, 3 МТЗ трактор, 4 баһаарынай массыына, 5 УАЗ массыына, 3 уу таһар УАЗ массыына, 3 водовоз үлэлииллэр.

Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, түүн 23:00 чааска ыксаллаах быһыыны сэрэтии уонна баһаартан харысхаллаах буолуу хамыыһыйа (КЧС) Быракаан нэһилиэгэр тахсан мунньахтаабыппыт.

Мунньах түмүгэр Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэригэр ЧС режима биллэрилиннэ. КЧС сорудаҕынан Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэрин баһылыктарыгар хат дьахталлары, маломобильнайдары, тыынар уорганнара хроническай ыарыылаахтары, оҕолору уонна кырдьаҕас дьону куттала суох сиргэ көһөрүүнү хааччыйарга сорудах бэрилиннэ. Ону тэҥэ ойуур баһаарын умуруорууга хомууру күүһүрдүү үлэтин ыытары бигэргэттибит.

Трассаҕа тахсан эрэр уоту бүгүҥҥү туругунан төгүрүттүбүт. Утары уоту ыытыы үлэтэ этэҥҥэ ааһан Быракаан ойуурун баһаарын балаһыанньата көнөн эрэрин биллэрэбит.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 640 га иэннээх ойуур баһаарын утары олохтоох нэһилиэнньэттэн 65 киһи, ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн 7 киһи, Лесохрана тэрилтэттэн 3 киһи, ону тэҥэ 1 уаз фермер, соколлар, уопсайа 7 техника үлэлээтилэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн, уоту манааһын, минерализованнай балаһалары ыраастааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 885 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 83 киһи Далыр, Оҥхой, Мэйик нэһилиэгин олохтоохторо, 1 отряд Авиалесохранаттан, 16 киһи "Якутлесресурс" тэрилтэтиттэн, ол иһигэр 11 киһи Үөһээ Бүлүү улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан, 5 киһи Ньурба улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан үлэлииллэр. Ону тэҥэ 1 ДТ -75 трактор, 2 МТЗ трактор, 5 уаз массыына уоту утары охсуһаллар. Ойуур баһаара төгүрүллэн манааһын үлэтэ бара турар. Локализацияҕа бэлэмнэнэбит.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 110 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга бүгүн вертолетунан этэрээттэр 2 бортунан көттүлэр. 7 киһи Кэбээйи улууһун Якутлесресурс тэрилтэтиттэн, 5 киһи Ньурба улууһун Якутлесресурс тэрилтэтиттэн, 5 киһи Үөһээ Бүлүү улууһун ойуур хаһаайыстыбатыттан, 1 киһи Дьокуускай куорат ойуур хаһаайыстыбатыттан, 12 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи МЧС тэрилтэтиттэн ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа көттүлэр.
Бу киэһээ Үөдүгэй ойуурун баһаарыгар эбии көмө ДТ-75 трактор үлэлии барда.

Бүгүн улууспутугар саҥа ойуур баһаара Боотулуу-Сургуулук нэһилиэктэрин территориятыгар бэлиэтэннэ. Баһаар иэнэ бүгүҥҥү туругунан 5 га. Бүгүн вертолетунан ойуур баһаарын утары охсуһар этэрээт Боотулууга көппүтэ. Этэрээткэ 1 киһи Авиалесохрана тэрилтэтиттэн, 5 киһи Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо, 5 киһи Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторо көппүттэрэ.

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар буола тураар ойуур баһаарын тохтотооһуҥҥа хомууру биллэрэбит!

Нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын истиилэригэр!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 15 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3950 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 137 киһи үлэлиир (3 киһи ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн, 19 киһи Өргүөт нэһилиэгин олохтооҕо, 17 киһи Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи Дүллүкү нэһилиэгин олохтооҕо, 21 киһи Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 4 киһи Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи Нам нэһилиэгин олохтооҕо, 23 Авиалесохрана десантниктара, 6 Авиалесохрана парашютистара, 28 киһи Жатай, Горнай, Нам улуустарыттан баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ, 10 Дьокуускай куораттан МЧС үлэһиттэрэ, 2 киһи Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум баһаарынай быыһыыр сулууспатыттан, 2 киһи муниципальнай баһаарынай чаастан, 1 Ороһутааҕы баһаарынай сулууспаттан, 1 киһи Быракааннааҕы баһаарынай сулууспаттан).
Ону тэҥэ 19 техника, ол иһигэр 4 МТЗ трактор, 2 ДТ трактор, 4 УАЗ массыына, 1 иномарка, 5 автоцистерна, 3 Дьокуускай куорат баһаарынай сулууспатыттан УАЗ массыына, 3 водовоз үлэлииллэр.
Бөлүүн түүн дохсун ардах Быракаан нэһилиэгэр түһэн аһаҕас уоту умуруорда. Билигин уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 49 киһи үлэлиир. (ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн 7 киһи, Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничествоттан 3 киһи, Кэнтик нэһилиэгиттэн 13 киһи, тэрилтэлэртэн 26 киһи). Ону тэҥэ 9 УАЗ массыына уонна 1 вездеход үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн, уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 902 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 105 киһи үлэлиир. (Авиалесохранаттан 6 парашютист, ГАУ "Якутлесресурстан" 16 киһи, 83 киһи Далыр, Оҥхой, Мэйик нэһилиэктэрин олохтоохторо).
Ону тэҥэ 3 трактор, 5 УАЗ массыына үлэлииллэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 110 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 55 киһи үлэлиир. (Үөһээ Бүлүүтээҕи ГАУ "Якутлесресурстан" 11 киһи, Ньурбатааҕы ГАУ "Якутлесресурстан" 8 киһи, Кэбээйитээҕи ГАУ "Якутлесресурстан" 7 киһи, Дьокуускайдааҕы ГАУ "Якутлесресурстан" 1 киһи, Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничествоттан 1 киһи, 19 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, 1 киһи Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 5 киһи Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтооҕо, 2 киһи МЧС үлэһитэ.)
Ону тэҥэ ДТ-75 трактор, 1 вездеход, 1 Егерь үлэлиир.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ бэҕэһээ ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаара 30 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир. (2 киһи Авиалесохрана десантниктара, 5 киһи Сургуулук нэһилиэгин олохтооҕо, 5 киһи Боотулуу нэһилиэгин олохтооҕо, 1 Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо).

Бүгүн күнүс 12:45 чааска Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 55 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 15 киһи таҕыста. (Авиалесохранаттан 6 парашютист уонна 9 олохтоох киһи).

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар саҥа турбут баһаардар улаата иликтэринэ аһаҕас уоту умулларыаҕыҥ. Саҥа ойуур баһаардара техника тиийбэт сирдэригэр буолан илииннэн эрэ умуруоруу ирдэнэр. Сургуулукка, Тарыҥҥа турбут баһаардары улууспут олохтоохторун көмөтүнэн эрэ умуруорар кыахтаахпыт.

Нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын истиилэригэр!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 16 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 4400 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 179 киһи, 19 техника үлэлиир. 12 км уһуннаах минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 49 киһи, ону тэҥэ 9 УАЗ массыына уонна 1 вездеход үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн, минерализованнай балаһалары оҥоруу, уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 904 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүллэн турар. Уоту манааһыҥҥа уопсайа 105 киһи, ону тэҥэ 8 техника үлэлиир. Ойуур баһаара төгүрүллэн, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 160 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 55 киһи, 1 вездеход, 1 Егерь үлэлиир. 8 км уһуннаах минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ бэҕэһээ ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Бүгүҥҥү туругунан ойуур баһаара 850 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 85 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 17 киһи, 1 трактор Т-150 үлэлиир.

Бүгүн, от ыйы 16 күнүгэр 12:55 чааска Харбалаах нэһилиэгин Ньыкакы үрэҕэр 5 га иэннээх саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар саҥа турбут баһаардар улаата иликтэринэ аһаҕас уоту умулларыаҕыҥ. Саҥа ойуур баһаардара техника тиийбэт сирдэригэр буолан илииннэн эрэ умуруоруу ирдэнэр. Сургуулукка, Тарыҥҥа, Харбалаахха турбут баһаардары улууспут олохтоохторун көмөтүнэн эрэ умуруорар кыахтаахпыт.

Нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын истиилэригэр!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Быракаан нэһилиэгин Далбар Хотуттара ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоннорун өйөөн, кинилэргэ тирэх буолан күн ахсын мунньустан сылаас, минньигэс аһы астыыллар.

"Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр итии аһылык өрүү бэлэм, ону таһынан баһаар буола турар 4 сиргэ ыһык (итии аһылык, бурдук аһа, иһэр уу) тохтоло суох бара турар," - диэн олохтоох нэһилиэнньэ сонуннарын ватцап группаҕа үллэстэллэр.

Эр дьон уоту кытта охсуһар кэмнэригэр кэрэ аҥаардарбыт кинилэргэ күүстээх дурда-хахха, бөҕө тирэх буолалларын биллэрдилэр. Бу маннык өйөбүл, кыһамньы ойуур баһаарын умуруорааччыларга күүһү-уоҕу биэрэр.

Бары бу курдук түмүстэхпитинэ туох баар улууспутугар турбут ойуур баһаардарын кыайа тутар кыахтаахпыт диэн эрэл кыымын сахпыт күндү кэрэ аҥаардарбытыгар барҕа махтал!

#ТүмсүүСыла
#Быракаан
#ВерхневилюйскийРайон

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборуонатын уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэттэн улууспутугар баһаары утары үлэҕэ анаммыт көмөнү иккис төгүлүн туттубут:

150 устуука индивидуальный рацион питания;
1 устуука палатка;
10 устуука уу хачайдыыр помпа;
200 устуука фильтр;
50 устуука ранцевай огнетушитель;
5 устуука мобильнай уу резервуара;
200 устуука буруоттан хаххалыыр респиратор;
10 устуука бензопила;
50 устуука буруоттан харыстыыр ачыкылар.

Кэлбит көмөнү бүгүн ойуур баһаарын утары охсуһа сылдьар этэрээттэргэ ыыттыбыт.

Ойуур баһаардарын умуруора сылдьар дьоммутугар, уоту утары охсуһарга өйөбүл буолар олохтоох нэһилиэнньэҕэ, тэрилтэлэргэ истиҥник махтанабыт.

Бары күүһү ууран ойуурдарбытын уоттан быыһыаҕыҥ!


#ОйуурБаһаара
#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийРайон

t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ДимДимыч Brief
50 тюменских парашютистов и десантников будут направлены на усиление в Верхневилюйский район.

Сотрудники парашютно-десантной пожарной службы вывозятся из локализованных пожаров в Усть-Майском районе.

В Верхневилюйском районе продолжают действовать 8 пожаров площадью более 9 тысяч га, включая 5 недалеко от населенных пунктов. 2 из них, благо, уже локализованы, в том числе вновь обнаруженный.

В ближайшие сутки синоптики не прогнозируют там осадки, поэтому обстановка может ухудшиться. Увеличение сил и средств продолжится.

Пока на этих пожарах работают более 200 человек, из которых около 40% являются добровольцами. Район хорошо исполняет принятый ранее муниципалитетом план тушения пожаров. Люди действуют сплоченно и на результат! ✊🏻

t.iss.one/sadovnikovdd
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 20 күнүн, сарсыарда 09:00 туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 5380 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 82 киһи, 20 техника үлэлиир. Минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ бара турар. Уот тутуллан турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 15 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 904 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Уоту манааһыҥҥа уопсайа 32 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Тиһэх уоту умуруоруу, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 875 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 29 киһи, 3 техника үлэлиир.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ ойуур баһаара 1725 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 1360 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 8 киһи, 1 трактор Т-150 үлэлиир. От ыйын 18 күнүгэр БЕ-200 самолет-амфибия уоту умуруорааһыҥҥа үлэлэспитэ. Минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын, утары уоту ыытыы үлэтэ бара турар.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкакы үрэҕэр турбут ойуур баһаарын иэнэ бүгүҥҥү туругунан 234 га. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 25 киһи, 3 техника үлэлиир.

Кэнтик нэһилиэгэр Тоҥуо сиригэр тахсыбыт 6 га иэннээх саҥа ойуур баһаарын ГБУ РС(Я) Авиалесохрана инструктора Дмитриев Дь.В. салайааччылаах 6 киһилээх этэрээт умуруорурда.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ!

Нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev