Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.59K photos
269 videos
1 file
830 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
"Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини сайыннарыы" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманнан ылыллыбыт 10 устуука МТЗ 82.1 мааркалаах тыраахтардарбыт Аллараа Бэстээххэ кэллилэр.

Сарсын ыам ыйын 25 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга Руслан Федотов хампаанньыйата Үөһээ Бүлүү механизатордарыгар тыраахтардары туттарыа.

Онтон үргүччү 10 тыраахтарбыт Үөһээ Бүлүүгэ айаннаан кэлиэхтэрэ.

#ҮөһээБүлүү
#Кормопроизводство

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөрүүлээх сонун.

Ыам ыйын 24 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наука Академиятын уопсай сүбэ  мунньаҕар саҥа чилиэннэри таллыллар.
 
Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн 5 саҥа чилиэн талылынна. Ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наука Академиятын чилиэннэринэн 2 Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт талылыннылар:

- Гуманитарнай наукаҕа, "Хоту дойду норуоттарын тылын сайыннарыы" хайысхатыгар Наука Академиятын чилиэнинэн талылынна - педагогическай наука доктора, профессор, Габышева Феодосия Васильевна.

- Физико-математическай наукаҕа, вычислительнай математика хайысхатыгар Наука Академиятын чилиэнинэн талылынна - физико-математическай наука доктора, профессор Васильев Василий Иванович.

Биир дойдулаахтарбытын, саҥа талыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наука Академиятын чилиэннэрин Феодосия Васильевнаны уонна Василий Ивановиһы үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит.

Наука, үөрэҕэрии суолугар өссө үрдүк ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабыт.

#АкадемияНаук
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун Бүлүү өрүс күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бүлүү өрүс күнэ Бүлүү эҥээр улуустарын экологктара көҕүлээһиннэринэн уонна быһаччы тэрийиилэринэн  сылын ахсын ыам ыйын 25 күнүгэр ыытыллар.

Бу бэлиэ күҥҥэ ытыктыыр, таптыыр, үйэлэргэ иитэр-аһатар Эбэбитигэр сүгүрүйэбит.

Хотун Бүлүүгэ анаан Саха Сиригэр аан маҥнайгы өрүскэ анаммыт монумент-скульптураны 1967 норуот маастара Анисим Прокопьев уонна Марк Егоров туруорбуттара. Ону таһынан Бүлүү өрүс туһунан элбэх ырыа ылламмыта, хоһоон суруллубута.

Бэҕэһээ Бүлүү өрүс кытылыгар тахсан үлэ коллективтара "День реки Вилюй" бырайыак чэрчитинэн суббуотунньуктаабыттара. Бу бырайыак эдэр көлүөнэни Бүлүү өрүскэ убаастабыллаах, ытыктабыллаах сыһыаны иҥэрэргэ аналлаах.

Бүлүү өрүс уутун иһэн олорор улуустар өрүспүтүн харыстыырга, ыраастык тутарга өрүү дьулуһуохтаахпыт.

Айылҕабыт тэбэр сүрэҕэ, сүүрэр тымыра Бүлүү өрүспүт туругуттан олохтоох дьон доруобуйата, кута-сүрэ улахан тутулуктаах. Былыр былыргаттан сахалар Эбэни үүт үрүмэннэн күндүлээн, Эбэттэн көрдөһөн баччаларга диэри ууһаан-тэнийэн кэллэхпит. Билигин да Бүлүү Эбэбититтэн өрүү көрдөһөбүт, киниэхэ сүгүрүйэбит.

ХАРЫСТЫАҔЫҤ БҮЛҮҮ ӨРҮҺҮ!
ЫТЫКТЫАҔЫҤ ХОТУН БҮЛҮҮНҮ!

Бүлүү, Бүлүү эбэккэбин
Бүгүн өйдөөн кэллим мин:
Кэҕэ этэр, өтөн үөтэр
Кэрии, чараҥ сирдэрдээх,
Дьэргэйбэхтии сүүрэр-көтөр
Дьигискэннээх сүүрүктээх…

#Бүлүү
#БүлүүӨрүс
#ДеньРекиВилюй

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аан маҥнайгытын оһуохай күнүн бэлиэтиибит.

Оһуохай күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр илии баттаабыт Ыйааҕынан тэриллибитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһа Саха Сиригэр бастыҥ оһуохайдьыттарынан аатырар. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Сергеевич эһээтэ Андрей Титович Титаров өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тойуксут, норуот ырыаһыта уонна бастыҥ оһуохайдьыт. Кини аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай күрэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ номнуо 20-чэ сыл ыытыллар.

Саха Сирин Аан Дархан этээччилэрин аатын араас сылларга сүкпүттэрэ Үөһээ Бүлүүттэн Вадим Константинов, Валентина Семенова уонна Айталина Мойтохонова.

Айталина Михайловна Мойтохонова хас да көлүөнэ Саха Сирин үтүөлээх оһуохайдьыттарын иитэн таһаарбыт оһуохайга бастыҥ уһуйааччы буолар.

Үөһээ Бүлүүгэ оһуохай киэҥник сайдарыгар сүҥкэн кылааты уурбут киһибит - Үөһээ Бүлүүтээҕи Оһуохай түмсүү салайааччыта Дмитрий Яковлевич Федотов буолар. Кини көҕүлээһининэн Үөһээ Бүлүү оһуохайа киэҥник тарҕаммыта, аатырбыта, сайдыбыта.

Онон Саха Сиригэр Оһуохай сайдыытыгар Үөһээ Бүлүүлэр кылааппыт улахан.

Бары оһуохайы таптааччылары, сэҥээрээччилэри, оһуохайдьыттары, кынаттары, уһуйааччылары, үөрэнээччилэри Саха Сиригэр оһуохай күнүнэн эҕэрдэлиибин.

Үөһээ Бүлүү оһуохайа дорҕоонноохтук дуорайа турдун!

#ОһуохайКүнэ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ыам ыйын 25 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ Руслан Еремеевич Федотов маҕаһыыныттан Үөһээ Бүлүү улууһун тэриллиилээх хаһаайыстыбалара "Кормозаготовка" бырагыраамматынан тыраахтырдары ыллылар.

Ол курдук:

1.Кардашевский Петр Владимирович - Балаҕаннах.
2 ОСПК Кубалаах - Үөдүгэй
3 Васильев Василий Васильевич - Дүллүкү
4 Акимов Василий - Далыр
5 Тюляхов Айсен - Оросу
6 СХПК Быйаман - Нам
7 Санников Ариан - Мэйик
8 Степанов Николай - Боотулу
9 Васильев Никита - Кэнтик
10 Григорьев Никита - Хоро

Саҥа тыраахтардары ылбыт тэриллиилээх хаһаайыстыбаларбытын, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин эҕэрдэлиибит.

Үлэҕит таһаарыылаах, быйаҥнаах буоллун.

#ВручениеТракторов
#Кормозаготовка
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун бары оскуолаларыгар Түмүк чуораан чугдаарда.

Быйыл улууспут үрдүнэн 179 выпускник 11-с кылааһы, 329 үөрэнээччи 9-с кылааһы бүтэрэллэр. 11-с кылааһы 14 выпускник кыһыл көмүс мэдээлинэн бүтэрээри бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэх дьылын түмүктүүр үөрүүлээх линейкаҕа кыттыыны ыллым. 4-с оскуоланы быйыл 17 оҕо бүтэрдэ.

Үөрүүлээх линейкаҕа араас сылларга оскуоланы салайбыт дириэктэрдэр Кынатов Ю.В., Гольдеров Ф.Ф., Александров А.М., Ан М.В. уонна билиҥҥи оскуола дириэктэрэ Кардашевский С.Н. выпускниктары эҕэрдэлээтилэр.

Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун выпускниктара!
Эһиги 11 сыл устата ылбыт билиигитин туһанан, экзаменнаргытын ситиһиилээхтик туттаран, талбыт үөрэххитигэр киирэр кэмҥит кэллэ.

Эһиги иннигитигэр студент олоҕо кэтэһэр. Үрдүк, орто үөрэх кыһатын бүтэрэн, үтүө үлэһит дьон буолаҥҥыт дойдугутугар эргиллэн, төрөөбүт улуускут туһугар үлэлиэххит-хамсыаххыт диэн бигэ эрэллээхпит.

#ПоследнийЗвонок2024
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Жители Верхневилюйска массово собрались отмечать День Осуохая. В этот летний вечер, гости в национальных костюмах собрались у дома Олонхо, а наши именитые запевалы повели их за собой в традиционный хороводный танец. Отрадно, что на Осуохай пришли и стар и млад.
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун урбаанньыттара! Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан - Урбаанньыт күнүнэн "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Урбаанньыт үлэтэ олус сыралаах, элбэх кыһамньыны уонна эппиэтинэһи ирдиир. Урбаанньыт бэйэтин эрэ туһугар буолбакка нэһилиэнньэ наадыйыытын толорорго элбэх кылааты оҥорор. Урбаанньыттар баар буолаҥҥыт улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта күүһүрэр, бөҕөргүүр, улуус олоҕун таһыма үрдүүр.

Урбаанньыттар улууһу табаарынан уонна араас өҥөнөн хааччыйарга эрэ буолбакка, уопсастыбаннай уонна аһымал акцияларга көхтөөхтүк кытталлар, саҥа үлэ миэстэтин таһаараллар.

Түгэни туһанан махтаныам этэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна Нам улууһугар халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ суһал көмөнү хомуйарга көмөлөспүт, кылааттарын киллэрбит, ону таһынан улуустааҕы араас тэрээһиннэргэ, аһымал акцияларга кыттыыны ылар урбааньыттарга.

Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ баҕарабын эһиэхэ сайдыыны. Күн аайы бигэ дохуоттаах буолун, саҥа саҕалааһыннаргыт барыстаах буоллуннар. Чэгиэн туругу, чөл доруобуйаны, үбү-харчыны, ситиһиилэри!

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ДеньРоссийскогоПредпринимательства
#Верхневилюйск

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ыам ыйын 27 күнүгэр Н.Г. Золотарев - Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын базатыгар сылын ахсын тэриллэр биэс хонуктаах байыаннай үөрэх хомуурун арыллыытыгар кыттыыны ыллым.

Быйыл байыаннай хомуурга Үөһээ Бүлүү улууһун 13 оскуолатыттан 10-с кылаас уолаттара уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум устудьуоннара, барыта 89 уол кыттар.

Хомуур сүрүн салайааччыта Харбалаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Арнольд Николаевич Брощев, хомуур штабын салайааччыта Кэнтик орто оскуолатын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Степан Анатольевич Родионов уонна эдэр байыастары бэлэмнээх буолууга иитэр Саха сирин быыһыыр сулууспатын Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын көрдүүр уонна быыһыыр салаатын салайааччыта, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Михаил Васильевич Ан биэс хонук устата уолаттары бацыаннай- патриотическай иитиигэ дьарыктыахтара.

Урукку кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ «Чуураат» оҕо лааҕыра тэриллэрэ. Онтон билиҥҥи кэмҥэ олох араас түгэннэригэр бэлэм буолууга, дойдуну таптыырга, эрчиллиилээх буоларга сүрүн иитэр үлэни ыытар биэс хонуктаах хомуур үгэс быһыытынан тэриллэрэ олус хайҕабыллаах.

Бүгүҥҥү күнтэн саҕалаан инники эрэллэрбит Ийэ дойдуларын көмүскүүргэ бэлэмнээх буолууга тургутууну, бэлэмнэниини ааһыахтара.

Эдэр байыастары, уһуйааччылары хомуур бастакы күнүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕэриитин салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов эҕэрдэлээтэ.

Юрий Васильевиһы кытта Харбалаах орто оскуолатыгар сылдьан хомуурга кэлбит уолаттар олорор сирдэрин, усулуобуйаларын, аһыыр астарын, үөрэнэр, дьарыктанар сирдэрин көрдүбүт.

Уолаттарбыт, ыччаттарбыт! Бу биэс хонук иһигэр элбэххэ үөрэниҥ, сайдыҥ, бөҕө туруктаныҥ, эр киһилии хорсун санаалаах буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

#ВоеннаяПодготовка
#Верхневилюйск

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын кытта быйылгы ыһыахтарбытын тэрийиигэ сүбэ мунньахтаатыбыт.

Нэһилиэктэр ыһыахтарыгар бэлэмнэниини саҕалаабыттарын биллэрдилэр. Быйыл 8 нэһилиэккэ үбүлүөйдээх ыһыахтар ыытыллаллар. Ол курдук, Өргүөт нэһилиэгэр - Өргүөт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сылыгар уонна "Өргүөт" совхоз тэриллибитэ 40 сылыгар анаммыт ыһыах ыытыллар. Өргүөт совхоз үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыахтар Туобуйаҕа уонна Быракааҥҥа ыытыллаллар.
Нам, Ороһу, Балаҕаннаах нэһилиэктэрин холбоһуктаах ыһыаҕа "Барахов" совхоз үбүлүөйүгэр ананан ыытыллар. Оҥхой нэһилиэгэр - РФ үтүөлээх артыыһа Симон Федотов 85 саастаах үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыах тэриллэр. Уонна Кэнтик нэһилиэгэр - Кэнтик төрүттэммитэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах ыытыллар.

Бүгүҥҥү күнтэн ыһыах тэрээһиннэригэр күүстээх бэлэмнэниини ыытары нэһилиэк баһылыктарыгар, культура департаменыгар сорудахтаатым.

Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа бэс ыйын 24-25 күнүгэр ыытылларын бигэргэттибит.

Ыһыахтар графиктара (Барыллааһын):

1. “Кэнтик нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 14-15 күннэрэ

2. “Быракаан нэһилиэгэ”  муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 15 күнэ

3. “Ороһу нэһилиэгэ”, “Нам нэһилиэгэ”, “Балаҕаннаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллиилэр холбоһуктаах ыһыахтара - Бэс ыйын 14 күнэ

4. “Туобуйа нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 16 күнэ

5. “Дүллүкү нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии Бэс ыйын 16-17 күннэрэ

6. “Кырыкый нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 18 күнэ

7. “Маҥаас нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 18 күнэ

8. “Оҥхой нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 19 күнэ

9. “Далыр нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ

10. “Харбалаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 20 күнэ

11. “Боотулуу нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ

12. “Сургуулук нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ

13. “Үөдүгэй нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ

14. “Хоро нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ

15. “Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон - Бэс ыйын 24-25 күннэрэ

16. “Мэйик нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 28 күнэ

17. “Өргүөт нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 28-29 күннэрэ (барыллааһын быһыытынан)

18. “Тамалакаан нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - бэс ыйын 21 күнэ

#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev