Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Өссө биир быйыл үлэҕэ киириэхтээх элбэх квартиралаах дьиэ Интернациональная уулуссаҕа тутулла турар.

"Хаарбах дьиэттэн көһөрүү" судаарыстыбынай бырагыраамма чэрчитинэн саҥа квартиралар күлүүстэрин хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэр сотору кэминэн тутуохтара.

Ол курдук, бу дьиэҕэ эбии 2 квартираны улуус суотугар исписэлиистэргэ анаан ылыахтаахпыт.

Билиҥҥи туругунан тас фасадын уонна ис үлэтин оҥорууга үлэ бара турар.

Быйыл улуус суотугар уопсайа 4 квартираны ылабыт. Бу квартираларга кэлиэхтэрэ учууталлар, быраастар, тустаах исписэлиистэр.

Саха өрөспүүбүлүкэтин тутуу министиэристибэтэ ыытар конкуруһугар эһиилги сылга өссө ситиһиилээхтик кыттан маннык служебнай квартираларбытын улуус үрдүнэн элбэтэр былааннаахпыт.

#СлужебныеКвартиры
#МногоквартирныйДом
#Строительство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн 2024-2025 үөрэх дьылыгар ыытыллар үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕын пленарнай чааһыгар кыттыыны ыллым.

Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев “2030 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх биир кэлим ситимин сайыннарыы туһунан” ахсынньы ый 30 күнүгэр 177 №-х Ыйааҕы баттаабыта.

Бу Ыйааҕы толорууга улууска баар бары үөрэх тэрилтэлэригэр манна сөптөөх үлэни тэрийэн, биир кэлим үлэни былааннаан, баар итэҕэстэри туоратан, кылгас кэм иһигэр үөрэх таһымын үрдэтиигэ сорук турар.

Дойду Президенэ В.В. Путин, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев туруорар соруктарын толорууга улуустааҕы үөрэх салалтата ситиһиилээх үлэни ыытыа диэн эрэнэбит.

Инникитин үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлииргэ, олорорго, сайдарга бары усулуобуйаны оҥорууга улуус салалтата болҕомтону ууран хабааннаах үлэни ыытар.

2024-2025 үөрэх сыла бары үөрэх тэрилтэлэригэр үрдүк ситиһиилээх буолуутугар тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ тус эппиэтинэһи сүгэрин ирдиибит.

Саҥа үөрэх сыла ситиһиилээх, саҥа кыайыылардаах, инникигэ эрэллээх буоларын баҕарабын.

#Образование
#СентябрьскоеСовещаниеПедагогов
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүҥҥү үлэ күнэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрсүһүүттэн саҕаланна.

Көрсүһүүгэ кэккэ кыһалҕаларын быһаарарга сүбэлэстибит.

Байыас салгыы Аҕа дойдутун көмүскүү барар баҕалааҕын уонна былааннааҕын этиннэ.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан култуура киинин тутуута хайдах баран иһэрин улуус салалтата тахсан билистибит.

Култуура киинэ "План социального развития центров экономического роста РС(Я)" өрөспүүбүлүкэтээҕи инвест бырагыраамма өйөбүлүнэн тутулла турар. Сүрүн бэдэрээтчит "АЭБ Капитал" хампаанньыйа.

Бүгүҥҥү туругунан тутуу үлэтэ 75% бүппүт. Иһинээҕи үлэтин ситэрии, инженернай ситими тардыы, ону тэҥэ тас фасадын оҥоруу үлэтэ бара турар.

Култуура киинигэр Исидор Барахов аатынан түмэл, библиотека, ону тэҥэ 150 миэстэлээх киинэ тыйаатырдаах актовай зал үлэлиэҕэ.

#Строительство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Бараахап аатынан уулусса асфальтынан бүрүллээһинин көрдүбүт.

Бэдэрээтчиттэр түргэн тиэмпэлээхтик үлэни түмүктээн эрэллэрин Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович бэлиэтээн эттэ.

Уопсайа 675 м. уһуннаах суол асфальтынан бүрүлүннэ. Салгыы суол кытыытынан тратуар ууруута, суол знактарын оҥоруу, күрүөлээһин, разметкалары оҥоруу үлэтэ бара турар.

Былырыын И.Н. Барахов 125 сылын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин конкуруһун түмүгүнэн суолу оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ.

Исидор Барахов аатынан уулусса саҥа асфальтаммыт суолун бу сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахпыт.

#СтроительствоДорог
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Тамалакаан нэһилиэгэр тутулла турар "Ийэ балаҕанын" үлэтэ хайдах баран иһэрин билистибит.

"Ийэ балаҕана" бырайыагы Тамалакаан нэһилиэгин олохтоохторо, дьаһалтата былырыын улуус салалтатыгар туруорсан, Концепция суруйан көмүскээн улуус бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллэрин ситиспиттэрэ. Улуус бүддьүөтүттэн 4,5 мөл. солкуобай көрүллэн, бу бырайыак олоххо киирдэ. Балаҕан ыйыгар тутуу үлэтэ тиһэҕэр тиийиэхтээх.

"Ийэ балаҕана" 9 оҕолоох Ийэ, үлэ, тыыл бэтэрээнин, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Тамалакаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, ытык кырдьаҕас Анастасия Игнатьевна Николаева аатын сүгэр.

Балаҕан Тамалакаан нэһилиэгин эбээлэр уонна ийэлэр түмсүүлэрэ кэлэн дьарыктанар, сынньалаҥ бириэмэлэрин атаарар, тэрээһиннэри ыытар аналлаах үлэлиэҕэ.

"Ийэ балаҕаныгар" алтынньы ый 5 күнүгэр "Здоровое питание" өрөспүүбүлүкэтээҕи Конференция ыытыллара былааннанар.

Балаҕан таһыгар "Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта" федеральнай бырагыраамма көмөтүнэн "Ийэ сквера" тутуллара былааннанар. Скверга Тамалакаан нэһилиэгин 6 Герой Ийэлэрэ уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ийэлэр ааттара суруллуоҕа.

#Строительство
#ГодСемьи
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ороһу нэһилиэгэр 120 миэстэлээх оскуола, 70 миэстэлээх уһуйаан тутуутун көрдүбүт.

Оскуола-уһуйаан сваялара былырыын түспүттэр, ол эрэн үбүлээһин салгыы көрүллүбэккэ тутуу үлэтэ тохтоон турбут. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өйөбүлүнэн инвестиционнай бүддьүөттэн 100 мөл. солкуобай көрүллэн тутуу үлэтэ күөстүү оргуйда.

Оскуола-уһуйаан таас тутуулаах, 2 этээстээх буолара былааннанар. Билигин бастакы этээһигэр бетон кутуутун үлэтэ бара турар.

Тутуу тэтимин түргэтитэргэ, быйылгы сылга истиэнэлэрин тутан, сарайын сабарга сорудахтаатым.

Үлэ тэтимнээхтик бардаҕына, аны кэлэр 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр маҥнайгы чуораан Ороһу саҥа оскуолатыгар чугдарыа.

#СтроительствоШколы
#ИнвестБюджетЯкутия
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev