Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Муус устар 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун общественнай тэриллиилэрин түмэр сыаллаах Координационнай сэбиэт тэрилиннэ.
Координационнай сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Уларова Анна Михайловна биир сүбэннэн талылынна. Бэрэсэдээтэл солбуйааччытынан улуус общественнай тэриллиилэрин салайааччы Потапова Ирина Васильевна бигэргэннэ.
Ону тэҥэ 18 киһиттэн састааптаах координационнай сэбиэт чэлиэттэрэ талылыннылар.
Саҥа талыллыбыт чэлиэттэр улуус общественнай тэриллиитин былааныгар эбиилэри киллэртээн, сэбиэт сыллааҕы былаанын уопсай куолаһынан бигэргэттилэр.
Урукку өттүгэр туох итэҕэстэр баалларын туоратыыга уонна улуус социальнай боппуруостарыгар ыытыллар үлэ тула элбэх кэпсэтии барда.
Саҥа тэриллибит Координационнай Сэбиэт Үөһээ Бүлүү улууһун көхтөөх дьонун, общественнай тэриллиилэрин биир өйгө-санааҕа түмэн, үлэ тэтимнээхтик барарыгар күүскэ үлэлиэ.
#ҮөһээБүлүү
#СоциальнайХайысха
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Forwarded from Джулустан Борисов
В рамках Дней Республики Саха (Якутия) в Республике Казахстан
выступил с презентацией промышленного и инвестиционного потенциала Республики Саха (Якутия) в городе Астана.
Также от лица Правительства РС(Я) подписал план мероприятий по реализации Меморандума между Акиматом Северо-Казахстанской области Республики Казахстан и Правительством Республики Саха (Якутия) Российской Федерации о торгово-экономическом, научно-техническом и социально-гуманитарном сотрудничестве на 2024-2025 годы.
https://t.iss.one/Dzhulustan_Borisov
выступил с презентацией промышленного и инвестиционного потенциала Республики Саха (Якутия) в городе Астана.
Также от лица Правительства РС(Я) подписал план мероприятий по реализации Меморандума между Акиматом Северо-Казахстанской области Республики Казахстан и Правительством Республики Саха (Якутия) Российской Федерации о торгово-экономическом, научно-техническом и социально-гуманитарном сотрудничестве на 2024-2025 годы.
https://t.iss.one/Dzhulustan_Borisov
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үлэ нэдиэлэтин түмүктүүр сүбэ мунньах олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн дьаһалта, салалта үлэһиттэрин эҕэрдэлээһинтэн саҕаланна.
2013 сыллаахха муус устар 21 күнүн Арассыыйаҕа Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн биллэриллибитэ. «Гражданскай общество, демократия сайдарын туһугар, олохтоох бэйэни салайыныы институтун оруолун улаатыннарар туһуттан» диэн Дойду Президиэнэ Владимир Путин бу күнү олохтуур туһунан Ыйааҕы таһаарбыта.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьаһалта уонна салалталар үлэһиттэригэр анал ааттаах блокноттары улуус баһылыгын собуйааччы Анна Михайловна Уларова туттарда.
Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа уонна духуобунаска департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова эҕэрдэ тойугу туойда.
Олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр Арассыйа, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү олохтоохторун тустарыгар сыраларын ууран эппиэтинэстээхтик үлэлии сылдьар дьоммутугар ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Бүгүҥҥү бырааһынньык күн эһиги тулуургут, болҕомтоҕут, дьоҥҥо кыһамньыгыт, төрөөбүт дойдугут сайдарын туһугар туох кыалларынан барытын оҥоро сатыыр дьулуургут иһин махтанабыт!
#ОлохтоохБэйэниСалайыныыКүнэ
#ДеньСамоуправления
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Forwarded from Республика Саха (Якутия)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👤💬Известный российский телеведущий Владимир Соловьев о Главе Якутии @Aiken_Nikolaev
@Sakhagove
#ПравительствоЯкутии
@Sakhagove
#ПравительствоЯкутии
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын, депутаттарын уонна дьаһалталар үлэһиттэрин Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Тыа сирин тупсаҕай оҥорууга, сайыннарыыга, элбэх тыын кыһалҕалары миэстэтигэр быһаарыыга туһалаах, суолталаах үлэлэри күннэтэ ыыталлар улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара уонна дьулуурдаах үлэһиттэрэ.
Олохтоох бэйэни салайыныы 2003 сылтан Саха Сиригэр үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла муниципальнай тэриллиилэр сайдыы суолунан инники диэки дьулуһаллар.
Нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара РФ Президиэнэ Владимир Путин, Саха Сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба ыытар үлэлэрин сөпкө өйдөөн, онно күүс буолан, билиҥҥи үйэ ирдиир түргэн тэтимиттэн хаалсыбакка, бары биир өйгө-санааҕа түмсэммит, элбэх өрүттээх үлэни дьон-сэргэ туһугар дьоһуннаахтык ыытары ситиһиэхтээхпит!
Күндү кэллиэгэлэр, бу күн эһиэхэ баҕарабын тулуурдаах буолууну. Талбыт суолгутуттан, нэһилиэнньэ туһугар үлэлииргэ торумҥутун туора турбакка, эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьаргытын өйдөөн, инники сайдыыга бэйэҕит кылааткытын киллэрэргэ кыһаллан, Үөһээ Бүлүү дьоллоох олоҕун туһугар түмсэммит үлэлиэҕиҥ!
Эһиэхэ сыралаах үлэҕит, тыа сирин олоҕо тупсаҕай буоларыгар кыһамньыгыт иһин ис сүрэхтэн махтанабын!
Түмсүөҕүҥ! Үлэлиэҕиҥ! Ситиһиилээх буолуоҕуҥ!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
#ҮөһээБүлүү
#ТүмсүүСыла
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ДеньМестногоСамоуправления
t.iss.one/ValeriNikolaev

Forwarded from Прокуратура Республики Саха (Якутия)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🚨 Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#планерка
✅ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов салайан ыытар.
РФ биэнсийэнэн уонна олоххо-дьаһахха көмөнөн хааччыйыы пуондатын Үөһээ Бүлүүтээҕи килийиэн сулууспатын үлэтин туһунан салайааччы Альбина Николаева иһитиннэрдэ.
Килийиэн сулууспата 13 исписэлиистээх үлэлии олорор.
Улууска 6191 биэнсийэлээх олорор. Ол иһигэр социальнай биэнсийэни 1610 киһи туһанар. 18-гар диэри саастаах 214 инбэлиит оҕо баар.
ЕДВ-ны уопсайа 1407 киһи ылар. Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ -59.
Социальнай пуонда өҥөлөрүн эмиэ оҥороллор. Ол курдук, больничнайы 4-с күнүттэн бу тэрилтэ төлүүр. Үс бастакы күнү үлэһит үлэлиир тэрилтэтэ уйунар.
2024 сыл тохсунньутуттан саҕалаан балтараатыгар диэри саастаах оҕо төрөппүтэ, оҕо көрөр киһилээх буоллаҕына, үлэтигэр толору хамнаска тахсар буолла. Ону тэҥэ оҕо көрөн олоруу иһин босуобуйаны эмиэ толору туһанар кыахтанна.
Биэнсийэҕэ тахсар саастаах 50-тан тахса киһи, үлэ ыстааһа, биэнсийэ баала тиийбэккэ, кыайан биэнсийэҕэ тахсыбакка сылдьаллар.
Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ икки сылга биирдэ сынньана барар айаннарын ороскуотун төннөрөллөр. Маныаха 2024 сыл үс бастакы сылыгар номнуо 23 биэнсийэлээх бу өҥөнөн туһанан олорор.
Социальнай уонна пенсионнай пуондалар оҥорор өҥөлөрүн туһунан сиһилии хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.
Манна эбии ким-туох ыйытыылааҕынан комментарийга киирэн суруйуҥ, тэрилтэ салайааччытыттан быһалыы ыйытан, эппиэттэри хаһыакка таһаарыахпыт.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

✅ Бүлүү эбэни туоруур массыына суолун хааччахтыыр дьаһаллар тустарынан Биир кэлим диспетчер сулууспатын салайааччыта Владислав Адамов иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан, муус устар 21 күнүнээҕи кээмэйдээһининэн, 1 м 15 см , ол эрээри муус туруга сэрэхтэммит. Бүгүҥҥү күнтэн саҕалаан Административнай хамыыһыйа, ГАИ сотрудниктара күүстээх хонтуруолга ылан, күннэтэ биэрэккэ туран дьуһуурустубалыахтара.
Ирбис үлэлии тахсыаҕа. Эбэни 1000 солк. туоратыаҕа.
Сэрэхтээх буолуҥ, анал тиэхиньикэ, уу сырыыта саҕаланыар диэри айантан туттунуҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Билиҥҥи туругунан, муус устар 21 күнүнээҕи кээмэйдээһининэн, 1 м 15 см , ол эрээри муус туруга сэрэхтэммит. Бүгүҥҥү күнтэн саҕалаан Административнай хамыыһыйа, ГАИ сотрудниктара күүстээх хонтуруолга ылан, күннэтэ биэрэккэ туран дьуһуурустубалыахтара.
Ирбис үлэлии тахсыаҕа. Эбэни 1000 солк. туоратыаҕа.
Сэрэхтээх буолуҥ, анал тиэхиньикэ, уу сырыыта саҕаланыар диэри айантан туттунуҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#планерка
✅ Улууска ыытыллар култуура тэрээһиннэрин туһунан култуура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова иһитиннэрдэ.
Муус устар 27 - Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө хас биирдии нэһилиэккэ миитин ыытыллыаҕа.
Муус устар 26 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов пааматынньыгар эбиэт иннигэр 11 чаастан сибэкки дьөрбөтүн ууруу үөрүүлээх тэрээһинэ ыытыллыаҕа.
Муус устар 27 күнүгэр эбиэт иннигэр 11 чаастан Кииннэммит бибилэтиэкэ дьиэтигэр И.Н.Барахов 125 сыллаах үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр тэрээһининэн, "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка 1957 сылтан 2023 диэри тахсыбыт ыстатыйалар түмүллүбүт хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Хомуурунньугу редакция үлэһиттэрэ бэлэмнээн оҥордулар. Көхтөөх кыттыыны ылыҥ диэн ыҥырабыт.
Бу күн күнүс 15:00 чаастан сахалыы таҥастаах көлүөнэлэр хамыылара ыытыллыаҕа. Бараахап болуоссатыттан муниципальнай болуоссакка диэри сахалыы симэммит көлүөнэлэр тахсыахтара.
Киэһэ 17:00 чаастан Олоҥхо дьиэтигэр үөрүүлээх мунньах буолуоҕа. Манна 14 саастарын туолбут оҕолор бастакы сүрүн докумуоннарын - пааспары үрдүк сыанаҕа тахсан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутуохтара.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Муус устар 27 - Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө хас биирдии нэһилиэккэ миитин ыытыллыаҕа.
Муус устар 26 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов пааматынньыгар эбиэт иннигэр 11 чаастан сибэкки дьөрбөтүн ууруу үөрүүлээх тэрээһинэ ыытыллыаҕа.
Муус устар 27 күнүгэр эбиэт иннигэр 11 чаастан Кииннэммит бибилэтиэкэ дьиэтигэр И.Н.Барахов 125 сыллаах үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр тэрээһининэн, "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка 1957 сылтан 2023 диэри тахсыбыт ыстатыйалар түмүллүбүт хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Хомуурунньугу редакция үлэһиттэрэ бэлэмнээн оҥордулар. Көхтөөх кыттыыны ылыҥ диэн ыҥырабыт.
Бу күн күнүс 15:00 чаастан сахалыы таҥастаах көлүөнэлэр хамыылара ыытыллыаҕа. Бараахап болуоссатыттан муниципальнай болуоссакка диэри сахалыы симэммит көлүөнэлэр тахсыахтара.
Киэһэ 17:00 чаастан Олоҥхо дьиэтигэр үөрүүлээх мунньах буолуоҕа. Манна 14 саастарын туолбут оҕолор бастакы сүрүн докумуоннарын - пааспары үрдүк сыанаҕа тахсан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутуохтара.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#планерка
✅ Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 49 иһитиннэрии киирбит. Ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ 47 этэ.
Мантан 6-та араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, түөкүннээһин - 12, икки суол саахала, атын киһи олоҕор кутталынан суоһааһын -1, биир уоруу.
Уопсайа 11 административнай боротокуол толоруллубут. ГАИ үлэһиттэрэ нэдиэлэ устата 88 сэрэтии, ыстараап боротокуолларын толордулар. Мантан 2 суоппар арыгы испит туруктаах сылдьан массыынаны ыыта сылдьан тутуллубут.
Дьуһуурунай чааска 3 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 49 иһитиннэрии киирбит. Ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ 47 этэ.
Мантан 6-та араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, түөкүннээһин - 12, икки суол саахала, атын киһи олоҕор кутталынан суоһааһын -1, биир уоруу.
Уопсайа 11 административнай боротокуол толоруллубут. ГАИ үлэһиттэрэ нэдиэлэ устата 88 сэрэтии, ыстараап боротокуолларын толордулар. Мантан 2 суоппар арыгы испит туруктаах сылдьан массыынаны ыыта сылдьан тутуллубут.
Дьуһуурунай чааска 3 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#планерка
✅ Спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт дуобат күрэхтэһиитигэр 12 хамаандаттан 9 бөлөх кыттыбыта. Манна кыайыылаахтар быһаарыллан, грамоталары туттулар. Комплекснай спартакиада бастакы көрүҥүгэр миэстэлэһэн, номнуо баалланнылар.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова, дуобат күрэхтэһиитигэр суолта уурбатах тэрилтэлэр бу нэдиэлэҕэ саахымат күрэҕэр кыттыахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ.
3 миэстэҕэ 4-с нүөмэрдээх оскуола салайар холбоһуктаах хамаандата таҕыста.
2-с миэстэни РЭС, Энергосбыт тэрилтэлэрэ киирэр холбоһуктаах хамаандалара ылла.
1-кы миэстэни 1-кы нүөмэрдээх И.Н.Барахов аатынан орто оскуола киирэр холбоһуктаах хамаандата ылла.
Үс Хоһуун стадион дорожкатын хаарын тэрилтэлэр көхтөөхтүк тахсан үксэ ыраастанан бүттэ. Күн бүгүн субуотунньукка кыттыһа илик тэрилтэлэр - Үөдүгэй дьаһалтата, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрэ тахсан үлэлииллэрэ хаалан турар.
Ыам ыйын 3 күнүгэр спортинг күрэҕэ буолаары турар. Манна 4 киһилээх хамаанда кыттыахтаах, ол иһигэр биир салайааччы. Ыам ыйын 9 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут чэпчэки атлетика эстафетата ыытыллыаҕа.
Спортивнай күрэхтэһиилэргэ көхтөөх кыттыыны ылыҥ, чөл туруктаах буолуҥ.