Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Джулустан Борисов избран Председателем Наблюдательного совета Алмазэргиэнбанка

Состоялось заседание Наблюдательного совета АКБ «Алмазэргиэнбанк» АО. В ходе мероприятия рассмотрены кадровые вопросы.

Председателем Наблюдательного совета АКБ «Алмазэргиэнбанк» АО избран первый заместитель Председателя Правительства Республики Саха (Якутия) Джулустан Борисов.

Кроме того, по итогам заседания определены Заместитель Председателя, составы Комитетов, Председателей Комитетов и заместителей Председателей Комитетов Наблюдательного совета АКБ «Алмазэргиэнбанк» АО.
Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр оҕо саас, Үөһээ Бүлүүгэ түмсүү сылларын чэрчитинэн ыытыллар улуустааҕы "Мин дойдум - мин дьиэ кэргэним" күөн күрэс муус устар 13 күнүгэр «Олонхо дьиэтигэр» ыытылынна.

👨‍👩‍👧‍👦 Күөн күрэскэ кыттыыны ыллылар 8 нэһилиэктэн 8 дьиэ кэргэн:
🔸Сургулууктан – Чена уонна Александр Степановтар;
🔸Ороһуттан – Айталина Евсеева уонна Александр Семенов;
🔸 Кэнтиктэн Антонина уонна Павел Константиновтар;
🔸 Оҥхойтон – Зинаида уонна Николай Николаевтар;
🔸 Тамалакааттан – Марианна Уонна Александр Саввиновтар;
🔸 Хороттон – Мария Базюк
уонна Егор Саввинов;
🔸 Дүллүкүттэн – Ирина Томская уонна Константин Романятов;
🔸 Үөһээ Бүлүүттэн – Хотууна уонна Ариан Яковлевтар.

Күрэх сыала-соруга дьиэ-кэргэн сыаннаһын үрдэтии, көлүөнэ сибээһин бөҕөргөтүү, үтүө үгэстэри харыстааһын.

Күрэх саҕаланыыта бэрэниилээх, уостубат тапталларынан 50 сыл өйдөһөн-өйөһөн олорбут ыаллары эҕэрдэлээтилэр. Ол курдук, Өргүөт нэһилиэгиттэн Лидия Дмитриевна уонна Илларион Михайлович Лепчиковтар, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн Галина Афанасьевна уонна Георгий Михайлович Павловтар дьиэ кэргэттэр ыал буолбуттара 50 сыллара томтойон «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни ыллылар.
Кыһыл көмүс сыбаайбаһыттары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын иһинэн Гражданнар туруктарын аактатын суруйар салалта салайааччытын бастакы солбуйааччыта Такасаева Туйаара Револьевна эҕэрдэлээтэ. Улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суруктары туттарда.

Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн ыытылынна:
1 түһүмэх - Дьиэ кэргэни билиһиннэрии;
2 түһүмэх - «Киэн туттабын, сүгүрүйэбин» - төрөөбүт Ийэ дойдуга таптал туһунан;
3 түһүмэх - нэһилиэгим туһунан видеролик;
4 түһүмэх - Бары бииргэ – талаан көрдөрүү.

Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылары сыаналаан, күрэс түмүгэр 5 номинацияҕа кыайыылаахтары биллэрдилэр.
🏆 Оҕо ииттэр бастыҥ ыал - Айталина Адамовна, Александр Васильевич Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ;
🏆 Тыа сирин бастыҥ дьиэ кэргэнэ - Хотууна Семеновна, Ариан Степанович Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ.
🏆 Үтүө үгэстэри утумнааччы үйэтитээччи бастыҥ дьиэ кэргэн - Антонина Васильевна, Павел Антонович Константинов дьиэ кэргэттэрэ;
🏆 Бастыҥ эдэр дьиэ кэргэнэ – Мария Степановна, Егор Егорович Саввиновтар дьиэ кэргэттэрэ:
🏆 Элбэх оҕолоох бастыҥ дьиэ кэргэн – Марианна Афанасьевна уонна Александр Семенович Саввиновтар.

Кыайыылаахтар өйдөбүнньүк бирииһинэн, харчы сертификатынан наҕараадаланнылар.

«Мин дойдум - мин дьиэ кэргэним» улуустааҕы күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтиибит уонна кыттааччыларга, дьүүлүүр сүбэҕэ, тэрийээччилэргэ махтанабыт.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сардана Трофимоваҕа дойдутун дьоно, Үөһээ Бүлүүлэр, бүгүҥҥү марафоҥҥа ситиһиини баҕарабыт!

#ОлимпийскиеИгры
#СарданаТрофимова
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Саха сиригэр Уол оҕо күнүн бэлиэтиибит.

Ыал аҕата уол оҕону эр киһилии иитиигэ сүрүн болҕомтотун уурар. Уол оҕо улаатан алаһа дьиэни туттар, булар-талар ыал дурда-хахха киһитэ буолар, дойдутун, норуотун, дьиэ кэргэнин харыстыыр аналлаах. 

Онтон саха оҕото аҕатын кыра эрдэҕиттэн батыһа сылдьан булка-аска, үлэҕэ-хамнаска уһуйуллар. Мин оҕо эрдэхпиттэн аҕабын кытта сылгы, сүөһү үлэтигэр сылдьыһарым. Билигин да өрөбүл күннэрбэр сылгыларбын алааска тахсан бэйэм көрөбүн-истэбин. Уонна уолбун, хаһан эрэ аҕам миигин батыһыннара сылдьан үлэҕэ угуйбутун курдук тыа үлэтигэр сыһыарабын. Бу курдук саха эр киһитэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ төрүт саха үгэһин тиэрдэр аналлаах.

Эр бэртэри, уолаттары бэлиэ күнүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин!
Үлэҕитигэр, идэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиилэри баҕарабын. Күүстээх санаалаах, мындыр өйдөөх, табыгас толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буолуҥ!

#УолОҕоКүнэ
#СДнемСыновей
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ кэлимник сайдыыта" Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пункт тутуута саҕаланна.
ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх. Быйыл күһүн тутуута бүтэн үлэҕэ киирэрэ былааннанар.


Кэнтиккэ бырагыраамма чэрчитинэн нэһилиэк дьиэтин аайы сайыҥҥы водопровод холбоноругар тутуу үлэтэ бара турар. Билиҥҥи туругунан турба тардааһына нэһилиэккэ чугаһаата.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, "Тыа сирэ кэлимник сайдыыта" судаарыстыбынай бырагырааммаҕа ситиһиилээхтик кыттан, Кэнтик нэһилиэгэр уулуссалары сырдатар уот баҕаналара тураннар, үлэлэрэ былырыын түмүктэммитэ.

Билигин бырагыраамма көмөтүнэн элбэх хайысхалаах култуура уонна успуорт киинин хапытаалынай өрөмүөнэ оҥоһулларын уонна универсальнай спорт балаһааккатын тутуутун үлэтэ түмүктэнэрин күүтэбит.

Салҕыы Үөһээ Бүлүү улууһа судаарыстыбыннай бырагырааммаларга, национальнай бырайыактарга ситиһиилээхтик кыттарыгар дьулуһабыт, тыа сиригэр олорор олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга үлэ киэҥник тэриллэрин ситиһэбит.


#НациональныеПрограммы
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн үлэ нэдиэлэтин саҕалыыр сүбэ мунньах иннигэр солбуйааччыларбын кытта көрүстүм.

Егор Дмитриевич Дьокуускай куоратка Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуу министиэристибэтигэр ыытыллыбыт семинарга кыттан кэлбитин туһунан сырдатта.

Анна Михайловна Дьокуускай куоракка уонна илин эҥэр улуустарынан үлэ сырыытын түмүктэрин кэпсээтэ.

Михаил Михайлович анал байыаннай дьайыы сиригэр сылдьар уолаттарбытыгар хомуллубут гуманитарнай көмөнү илдьэн биэрэри тэрийээччилэргэ туттарбытын эттэ уонна барыы тэрээһинэ бэлэмин биллэрдэ.

#Мунньах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
#планерка

Улуус дьаһалтатын Биир кэлим диспетчер сулууспатын (ЕДДС) салайааччыта Владислав Адамов

Бүгүҥҥүттэн, муус устар 15 күнүттэн Бүлүү эбэни туоруур федеральнай суол киэһэ 18:00 чаастан сабылларын туһунан иһитиннэрдэ.

Бу күнтэн саҕалаан дьону уҥуор туоратарга дьуһуурустубалыыр "Ирбис" тахсыаҕа. Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Романов "Ирбис" сыанатын хонтуруоллуулларыгар этии киллэрдэ.

Паром сырыытыгар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн эппиэттээх үлэһит ананара наадалааҕын ыйда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтүү салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 36 иһитиннэрии киирбит. Ааспыт нэдиэлэҕэ 47 этэ.

Мантан эт-хаан эчэйиитэ - 5, 11 түөкүннээһин - бу кирэдьиити төлөөбөккө куотуна сылдьар дьону түөкүттэргэ тэҥнээн сайабылыанньа киллэрбиттэрэ буолар. Суол саахала - 2, этэҥҥэ, киһи эчэйиитэ суох уонна 1 уоруу бэлиэтэммит.

Административнай эппиэтинэскэ 14 тардыллыбыт,
ГАИ үлэһиттэринэн 79 ыстараап боротокуола толоруллубут. Мантан биир киһи арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьан тутуллубут.

Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат бирииһигэр чэпчэки атлетика эстафетатыгар 33 хамаанда, ол иһигэр 13 нэһилиэк, 14 орто оскуола, 6 сүрүн оскуола хамаандалара кытыннылар. Ыраах Туобуйа нэһилиэгин хамаандата, оҕолоро киирэн кыттыбыта хайҕаллааҕын бэлиэтээтэ.

Бу сааскы сүүрүү нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада балаһыанньатыгар киирэн турар. Миэстэлэспит нэһилиэктэргэ грамоталары туттарда.

Маны тэҥэ муус устар 13 күнүгэр ыытыллыбыт спортинг күрэҕэр миэстэлэспит нэһилиэктэргэ мэтээллэри уонна грамоталары туттарда.

Бу нэдиэлэҕэ дуобат күрэҕэ ыытыллыаҕа.

Спартакиада балаһыанньатыгар быйылгыттан дартс күрэхтэһиитэ киирдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM