Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэх түмүктэннэ.

Күрэххэ Саха сирин улуустарыттан барыта 19 хамаанда кыттыыны ылла, ол иһигэр Дьокуускай куораттан 2 хамаанда уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан 2 хамаанда. 

Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата Петровтар Айсен уонна Арсен 6 түһүмэх түмүгүнэн 5-с миэстэҕэ тахсан баран, түмүктүүр 7-с түһүмэх - остуолбаҕа ыттыы тыҥааһыннаах киирсиитин түмүгэр уопсай зачётка Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8-с миэстэни ыллылар.

"19 хамаандаттан, 11 хамаанданы кэннилэригэр хаалларан, Петровтар Айсен уонна Арсен ситиһиилээхтик, олус таһаарыылахтык кыттыннылар, инникитин өссө күүскэ бэлэмнэннэхтэринэ кыайар кыахтаахтар уонна эһиил өссө төгүл кыттарга бэлэмнэр. Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин үрдүк таһымнаахтык көмүскээтилэр", - диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова бэлиэтээтэ.

Петровтарга Айсеҥҥа уонна Арсеҥҥа уонна Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтатыгар истиҥ махталы тиэрдэбит. Ону тэҥэ улууспут Аҕаларын түмсүүтүн салайааччытыгар Руфов Алексей Васильевичка, хамаанда тэрээһиннээхтик, ситиһиилээхтик кыттарыгар сыраҕыт иһин, икки күнү супту сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы тэҥҥэ сылдьыһан, тэрээһиҥҥэ көмөҥ, өйөбүлүн иһин махтанабыт.

Күрэх тэрийээччилэригэр маннык дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах, Аҕалары өйүүр, Аҕа оҕону иитиигэ сыратын киэҥ эйгэҕэ сырдатар, дьиэ кэргэн олоҕор, туругар саҥаны киллэрэр күрэҕи олохтообуккут олус хайҕабыллаах. Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын аатыттан тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан-2024" күрэххэ өссө биир улахан ситиһиибит - Үөһээ Бүлүү улууһа сүүмэрдиир түһүмэҕи үрдүк таһымнаахтык ыытан Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ тэрийиигэ кыайыылааҕынан тахсан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна.

#АҕаУолунаан2024
#ДеньОтца
#АҕаКүнэ
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүлүү бөлөх улуустарын хамаандалара бары түмсүүлээхтик Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ.

#БүлүүБөлөхУлуустара
#ҮөһээБүлүү
#Сунтаар
#Ньурба
#Бүлүү
Мойтохонова Айталина Михайловна назначена на должность руководителя муниципального казенного учреждения "Департамент культуры и духовного развития" муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республики Саха (Якутия)

t.iss.one/ValeriNikolaev
Мойтохонова Айталина Михайловна родилась в  с Верхневилюйск ЯАССР.

В 1996г окончила Вилюйский педагогический колледж (специальность-учитель национальной культуры)
В 2000г окончила ЯГУ им. М.К.Аммосова (специальность- культуролог).

1995-2000 гг. - преподаватель малых жанров фольклора и руководитель молодежного народного ансамбля "Айылгы" Вилюйского педагогического колледжа.
2000-2009гг. - Преподаватель фолькорного отделения Верхневилюйской детской школы искусств им Н.И.Бойлохова.
2009-2014гг. - директор Верхневилюйской детской школы искусств им Н.И.Бойлохова
2014-2023гг. - руководитель "Школы Олонхо" при детской школе искусств им.Н.И.Бойлохова.
2023-2024гг. - старший преподаватель и руководитель молодежного фольклорного ансамбля "Долун" Арктического Государственного института культуры и искусств.

Награды:
Отличник образования РС(Я)
Отличник культуры РС(Я) Заслуженный работник культуры РС(Я).
Победитель Всероссийского конкурса "Лучший учитель школы искусств-2015г" в г.Москве.
Абсолютный победитель Всероссийского чемпионата работников культуры в г Москве, 2022г.
Абсолютный победитель международного конкурса руководителей фольклорных коллективов в г Тюмень.
Почетный гражданин Верхневилюйского улуса
Почетный гражданин с.Кэнтик.
Поэт-сказитель осуохай с титулом Аар-Дархан РС(Я)

#УправлениеКультуры
#Назначения

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үлэ нэдиэлэтин саҕалыыр сүбэ мунньаҕы Үөһээ Бүлүү улууһун култуура салалтатын саҥа салайааччытын Мойтохонова Айталина Михайловнаны билиһиннэрииттэн саҕалаатыбыт.

#Планёрка

t.iss.one/ValeriNikolaev
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһугар нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун хааччыйар киин үлэтин туһунан тэрилтэ салайааччыта Николай Петров иһитиннэрии оҥордо.

Ааспыт 2023 сыл устата бу тэрилтэҕэ 531 киһи үлэ көрдүү тиийэ сылдьыбыт. Онтон 378 киһи үлэ булбут.

Күн бүгүн улуус үрдүнэн 95 үлэтэ суох киһи учуокка турар. Онтон 32 киһи үлэтэ суоҕунан босуобуйа ыла олорор.

Уопсастыбаннай үлэни тэрийии бэрээдэгинэн 6 үлэтэ суох киһи быстах үлэҕэ үлэлээтэ. Ол иһигэр 3 киһи төлөбүрдээх үлэҕэ сырытта.

14 саастарыттан саҕалаан сокуоннай саастарыгар диэри оҕолор араас быстах үлэлэргэ бырагыраамаҕа хабыллан үлэлээтилэр.

73 үлэтэ суох киһи араас кылгас кэмнээх куурустарга үөрэннилэр.

Үлэ буларга ыарахаттары көрсөр доруобуйаларынан хааччахтаах эбэтэр элбэх оҕолоох дьонтон 10 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.

Промышленнай тэрилтэлэргэ үлэҕэ киирэргэ анаан 4 киһи үөрэнэн үлэ булбута.

Билигин үлэтэ суох, үлэ көрдөнөр дьон учуотугар турбут киһиэхэ босуобуйа алын кээмэйэ 2577,60 солк., үрдүкү кээмэйэ 21982,40 солк. Биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьоҥҥо төлөнөр босуобуйа 21982,40 солк. тэҥнэһэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун ветеринарнай салалтатын үлэтин туһунан салайааччы Владимир Махатыров иһитиннэрдэ.

Улуус үрдүнэн 3 ветеринарнай учаастак, 18 ветеринарнай пуун үлэлии олорор. Манҥа 60 ветеринарнай идэлээх дьон үлэлиир.

Өрүс сабыллыар диэри уҥуоргу нэһилиэктэргэ дьиэ кыылын-сүөлүн вакциналааһын ыытылла турар.

Бруцеллезтаах ыт хаһаайына суут нөҥүө дьыаланы кыайан, ветеринария ыты хаайар да, былдьыыр да кыаҕа суох буолбут. Билигин ветеринария тэрилтэтэ СӨ Үрдүкү суутугар ааһынардыы бэлэмнэнэр.

Санатар буоллахха, бруцеллезтаах ыттан төрөөбүт ыт Үөһээ Бүлүүгэ баара ааспыт сылга биллибитэ. Дьон олоҕор кутталы үөскэтэр ыарыылаах ыты кытта бохсуу дьыалата эмиэ ааспыт сылга саҕаламмыта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Эйгэ" култуура, спорт, этнография комплексын үлэтин туһунан салайааччы Мария Платонова иһитиннэрдэ.

Муниципальнай тэрилтэ 2022 сыллаахха тэриллэн, Олоҥхо ыһыаҕар ананан тутуллубут эбийиэктэри, тутуулары түмэн, харааннаан, салгыы сайыннарар сыаллаах тэриллибитэ. Күн бүгүн тэрилтэ 11 үлэһиттээх.

2023 сыл устата 319 араас ис хоһоонноох тэрээһин бу комплекс территориятыгар ыытылынна. Быйыл номнуо 110 тэрээһин ыытыллан турар.

Сааскы паарка иккис сылын үлэлээтэ. Кылгас кэм устата 2000 киһи сааскы сынньалаҥын сибиэһэй салгыҥҥа атаарда.

"Эбээ үөрэҕэ" сайыҥҥы бырайыак үлэлээн, ааспыт сайын 10 оҕо дьарыктаммыта. Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев сайыҥҥы эбээ үөрэҕэр оҕолору сырытыннаран сахалыы тыыны иҥэрэргэ кыһаллыахха диэн ыҥырда.

Алтынньы ыйтан саҕалаан "Саха фольклорун күннэрэ" ыйдарынан аттарыллан ааста.

"Алгыс аалы көтөҕөр" улуус алгысчыттарын кытта көрсүһүү тэриллибитэ.

Фольклорга специалист Александра Колесова сыл устата араас сиэрг-туомҥа, сахалыы итэҕэлгэ, үгэскэ сыһыаннаах тэрээһиннэри былааннаан ыыта олорор.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын участковайдарын салайааччыта, полиция старшай лейтенана Петр Павлов иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 47 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 30, Үөдүгэйтэн - 5, Мэйик, Хоро, Дүллүкү, Нам, Сургуулук, Боотулуу - биирдии.

Бу иһитиннэрии ахсааныгар эт-хаан эчэйиитэ - 8, биир түөкүннээһин - 8, олоххо кутталынан суоһааһын - 1 уонна атын киһи бас билэр малын көҥүлэ суох ылыы - уоруу - 1.

Суол халтараан буолан 5 суол саахала бэлиэтэннэ. Итиэннэ эт-хаан эчэйиитин үгүс өттө халтарыйан охтууттан таҕыста.

Нэдиэлэ устата уопсайа 96 административнай сэрэтии, ыстараап боротокуола оҥоһулунна. Мантан 85-һэ ГАИ сотрудниктарынан толорулунна. Ол иһигэр итирдэр утаҕы испит туруктаах 1 киһи массыына ыыта сылдьан тутулунна.

Бэйэ-бэйэни харыстаһыахха, болҕомтолоох буолуохха🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун култуура салалтатын саҥа салайааччытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх култуура үлэһитин, култуура уонна үөрэҕэрии туйгунун Айталина Михайловна Мойтохонованы кытта көрсөн улуус култууратын эйгэтигэр ыытыллар үлэ кэнсиэпсийэтин сүбэлэстибит.

Бүгүн култуура үлэһиттэригэр салайааччыны билсиһиннэрии буолла. Үлэһиттэри кытта көрсүһүүгэ Айталина Михайловна үлэтин былааннарын билсиһиннэрдэ уонна култуура үлэһиттэрин түмсэн, улуус баһылыгын үлэлиир бырагыраамматыгар тирэҕирэн, биир көрүүннэн, суолунан тэҥҥэ сайдыаҕыҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.

#Культура
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
В заседании Совета учредителей ООО "Верхневилюйский" рассмотрели заявление от 06.04.2024 г. Саввинова Александра Васильевича об освобождении с должности директора по собственному желанию. Обсудив и обменявшись мнениями постановили освободить от занимаемой должности директора ООО "Верхневилюйский" Саввинова Александра Васильевича.

t.iss.one/ValeriNikolaev
Совет учредителей ООО "Верхневилюйский" постановил избрать директором ООО "Верхневилюйский" Алексеева Николая Ивановича

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салайааччылара сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы сиригэр биир дойдулаахтарбытын кытта көрсө барыахтара.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан нэһилиэктэртэн, тэрилтэлэртэн уолаттарбытыгар анаммыт гуманитарнай көмө хомулунна.

Улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров гуманитарнай көмөнү Дьокуускай куоракка илдьэн, салҕыы баһыылкалары анал байыаннай дьайыы сиригэр ыытта

Гуманитарнай көмөнү хомуйбут дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!

#СВО
#ГуманитарнаяПосылка
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн кэллиэгэм, Ньурба улууһун Аҕа Баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Дьокуускай куоракка үлэ сырыытынан айаннаан иһэн Үөһээ Бүлүүгэ ыалдьыттаата.

Алексей Михайловиһы кытта Бүлүү эҥээр сытар улуустар түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөһөн, уопут атастаһан биир тэҥник сайдарга үлэлиэҕиҥ диэн сүбэлэҥи кэпсэттибит.

Алексей Михайловичка үлэтин сырыытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

#Ньурба
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev