Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн истиҥник ахтар, саныыр, бастакы идэбин биэрбит үөрэх кыһата Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум үбүлүөйдээх 50 сылын бэлиэтиир.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистиригэр Нюргуна Афанасьевна Соколоваҕа Үөһээ Бүлүү техникума сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибитин туоһуулаан анал бэлиэни техникум дириэктэрэ Матрена Васильевна Осипова үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Араас сылларга техникуму салайбыт дириэктэрдэри, араас сыл выпускниктарын, уһуйааччылары, үөрэнээччилэри үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум кэлиҥҥи сылларга биллэ сайдан, үөрэх бырагыраамматын кэҥэтэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан устудьуоннары мунньан билии биэрэн, эдэр ыччаты иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааты киллэрэр.
Үөрэх кыһата сылтан сыл ахсын өссө сайдан, саҥа үрдэллэри дабайан, уһулуччулаах исписэлиистэри иитэн-үөрэтэн таһааран, Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар төһүү күүс буолан өрүү баар буоллун диэн баҕа санаабын этэбин.
Уһуйааччыларбар, биэрбит билиигит, үтүө иитиигит иһин махталбын тиэрдэбин!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
#ВВТ50
#ВервилТехЛучшеВсех
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Forwarded from Саха сирэ/ЭС (Saiaana)
Быралыйыы бараана....
Бүгүн Дьокуускай куоракка "Тумус Мэхээлэ: быралыйыы бараана...." диэн ааттаах тиһэх атаарыы, кэриэстэбил кэнсиэрэ буолан ааста.
Саха рок хамсааһынын аҕата, муусукаан, саха төрүт билиитин үөрэҕин элбэх кинигэ ааптара, сахалыы доҕуһуолга сүҥкэн кылааты киллэрбит Михаил Сысоевич Тумусов-Тумус Мэхээлэ, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта түөрт уон хонугар ананна.
Тэрээһини суруйааччы, суруналыыс Уйбаан Уххан Тумус Мэхээлэ туһунан ахтыынан уонна курутуйуу тойугунан аста.
Кэриэстэбил-ахтыы киэһэтигэр «Чолбон», «Дапсы», «Кэрэх»,«103", "Үрдэл", "Кутурҕан" бөлөхтөр, Сиэн Тиитэп ыллаан-туойан аастылар.
@edersaas20

Убаастабыллаах Аҕалар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыал Аҕата дьиэ кэргэҥҥэ тутаах киһи. Киниэхэ сүгүллэр элбэх эппиэтинэс, дьиэ кэргэнин үтүө туруга, харысхаллаах буолуута Аҕаттан тутулуктаах.
Аҕа оҕону иитиитигэр оруола сүҥкэн, уол оҕоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэлэрин сатабылын, тутулун булту, балыктааһыны, хаһаайыстыба үлэтин көрүҥнэрин, сүөһүнү, сылгыны иитээһини тиэрдэн, бу орто дойдуга саха ыала үксээн, саха үгэһэ тэнийэн өбүгэлэрбититтэн кэлбит төрүт дьарыктарбытын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьабыт. Уолаттар бары да Аҕаларбытыттан, Эһээлэрбититтэн, Убайдарбытыттан элбэххэ үөрэнэн эрэллээх эр дьон буола улааттыбыт.
Бу күннэргэ 24 төгүлүн Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр ыытылла турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ биһиги улуустан кытта сылдьар Петровтар дьиэ кэргэнин Аҕата Айсен үгүс аҕаларга холобур буолар. Уолунаан Арсенныын дьарыктананнар, улуус күрэҕэр кыайан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ кытта сылдьаллар. Бу маннык дьиэ кэргэҥҥэ Аҕа оҕолорун кытта чугас сыһыаннаһара, үүнэр көлүөнэни дьоһуннаахтык иитэрэ хайҕабыллаах!
Ытыктабыллаах аҕалар, Аҕа буолар аналгытын тосхоллоохтук ылынан, бэйэҕит Аҕаларгыт, Эһээлэргит ииппит иитиилэрин, биэрбит билиилэрин салҕыы аныгыс көлүөнэҕэ тиксэрэр курдук оҕолоргутун иитиигэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан Айбыт Аҕа сүдү үлэтин толору толороргутугар баҕарабын.
Дьоллоох, доруобай буолун, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэни, ыччаттаргыт эһигини өрүү үөрдэ турдуннар! Аҕа уускут ууһаатын!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев
#АҕаКүнэ
#ҮөһээБүлүү
#СднемОтца

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсэдээтэлин Кирилл Евгеньевич Бычков сүбэ мунньаҕар кыттыыны ылла.
Мунньахха өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сылтан үлэлиир "Олохтоох каадырдары бырамыысылыннаска" бырагыраамма тула кэпсэтии барда.
Бырагыраамма үлэтин туһунан Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбанай кэмитиэт салайааччыта Горюшинская Светлана Валентиновна докладтаата. Тустаах бырайыакка СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибитэ, СӨ бырамыысылынас министиэристибитэ уонна да атын тутаах министиэристибэлэр бу бырайыакка кыттыыларын, туох үлэни ыыталларын иһитиннэрдилэр. Мунньах түмүгэр бырайыак олоххо киириитигэр кылааты киллэрбит, үлэлэспит тэрилтэлэргэ нвҕараадалары туттардылар. Икки сүрүн улахан тэрилтэ бырайыак сайдыытыгар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии турарын бэлиэтээтилэр. Ол да буоллар өрөспүүбүлүкэҕэ аһаҕас турар үлэ миэстэтэ 9000-тан тахса баарын эттилэр. Иннэк гынан каадырынан хааччыллыы боппуруоһа элбэх болҕомтону, үлэни эрэйэр.
Кирилл Евгеньевич түмүккэ, бырайыак тиһигин быспакка салҕыы өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиэхтээх, сайдыахтаах, толору олоххо киириэхтээх диэн сыал-сорук туруорда.
Бырабыытылыстыба мунньаҕын кэннэ СӨ Ил Түмэнин ыччакка уонна спортка сис комитет бэрэсэдээтэлин Георгий Русланович Балакшины уонна олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэн бэрэсэдээтэлин Владимир Михайлович Прокопьевы кытта көрсөн, Үөһээ Бүлүү улууһугар эдэр ыччат бэлиитикэтигэр, спортка, олохтоох бэйэни салайыныыга үлэни былааннастылар.
Салҕыы Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа сообуйааччыны Корникова Мария Филипповнаны кытта Чурапчы сэлиэнньэтигэр Анна Михайловна көрүстэ.
Соторутааҕыта Чурапчыга дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбанай өҥөнү оҥорор элбэх аналлаах киин (МФЦ) үлэҕэ киирбитин көрдүлэр. Анна Михайловна элбэх аналлаах киин (МФЦ) үлэтин көрөн хайҕаата. Туох баар дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллар өҥө көрүннэригэр үлэлии олороллорун бэлиэтээтэ. Маны сэргэ биир дьиэҕэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолорго анаан стационар үлэлиир уонна дьиэ кэргэҥҥэ анал хос тэриллибит.
Чурапчы нэһилиэгэр "Моя Якутия. 21 век." диэн үтүө дьыала чэрчитинэн уонна Чурапчы улууһун үбүлээһининэн тутуллубут, бу сыл кулун тутар 17-с күнүгэр үлэҕэ киирбит Егор Афанасьевич Борисов аатынан библиотека-архыыбыгар сылдьан, тэрилтэ үлэтин билистилэр.
Салҕыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майа сэлиэнньэтигэр Аҕа уолунаан күрэххэ Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитиллэрин Петровтар Айсены уонна Арсены көрсө, күрэххэ кинилэри өйүү Анна Михайловна тиийдэ.
Быйыл күрэххэ 19 хамаанда кыттыыны ылар. 7 көрүҥҥэ күрэхтэһэллэр. Күрэх бастакы күнүгэр 4 түһүмэххэ кииристилэр. Бүгүн иккис күн 3 түһүмэххэ киирсэллэр.
"Аҕа уолунааан күрэх - сүрдээх инитириэһинэй уонна туһалаах. Кэлэр сылларга улахан болҕомто ууран, таһымнаахтык кыттарга сыал-сорук туруорабыт.", - диэн бэйэтин санаатын Анна Михайловна үллэһиннэ.
Үлэ сырыыта салҕанар.
#СоциальнайХайысха
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

"Олохтоох каадырдары бырамыысылыннаска" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар киин үлэтинэн 2023 сылга 225 Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо, ол иһигэр 149 35-һигэр дылы саастаах эдэр ыччат сис бырамыысылыннас тэрилтэлэригэр үлэлии киирбиттэр. 136 олохтоох вахтовайынан, кэминэн үлэлиир.
"Олохтоох каадырдары бырамыысылыннаска" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак нөҥүө үлэлиэн баҕалаахтар үлэ кэмигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кииҥҥэ билсиэххитин сөп.
#МестныеКадрыВПромышленность
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
"Олохтоох каадырдары бырамыысылыннаска" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак нөҥүө үлэлиэн баҕалаахтар үлэ кэмигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кииҥҥэ билсиэххитин сөп.
#МестныеКадрыВПромышленность
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэх түмүктэннэ.
Күрэххэ Саха сирин улуустарыттан барыта 19 хамаанда кыттыыны ылла, ол иһигэр Дьокуускай куораттан 2 хамаанда уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан 2 хамаанда.
Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата Петровтар Айсен уонна Арсен 6 түһүмэх түмүгүнэн 5-с миэстэҕэ тахсан баран, түмүктүүр 7-с түһүмэх - остуолбаҕа ыттыы тыҥааһыннаах киирсиитин түмүгэр уопсай зачётка Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8-с миэстэни ыллылар.
"19 хамаандаттан, 11 хамаанданы кэннилэригэр хаалларан, Петровтар Айсен уонна Арсен ситиһиилээхтик, олус таһаарыылахтык кыттыннылар, инникитин өссө күүскэ бэлэмнэннэхтэринэ кыайар кыахтаахтар уонна эһиил өссө төгүл кыттарга бэлэмнэр. Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин үрдүк таһымнаахтык көмүскээтилэр", - диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова бэлиэтээтэ.
Петровтарга Айсеҥҥа уонна Арсеҥҥа уонна Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтатыгар истиҥ махталы тиэрдэбит. Ону тэҥэ улууспут Аҕаларын түмсүүтүн салайааччытыгар Руфов Алексей Васильевичка, хамаанда тэрээһиннээхтик, ситиһиилээхтик кыттарыгар сыраҕыт иһин, икки күнү супту сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы тэҥҥэ сылдьыһан, тэрээһиҥҥэ көмөҥ, өйөбүлүн иһин махтанабыт.
Күрэх тэрийээччилэригэр маннык дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах, Аҕалары өйүүр, Аҕа оҕону иитиигэ сыратын киэҥ эйгэҕэ сырдатар, дьиэ кэргэн олоҕор, туругар саҥаны киллэрэр күрэҕи олохтообуккут олус хайҕабыллаах. Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын аатыттан тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан-2024" күрэххэ өссө биир улахан ситиһиибит - Үөһээ Бүлүү улууһа сүүмэрдиир түһүмэҕи үрдүк таһымнаахтык ыытан Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ тэрийиигэ кыайыылааҕынан тахсан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна.
#АҕаУолунаан2024
#ДеньОтца

Бүлүү бөлөх улуустарын хамаандалара бары түмсүүлээхтик Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ.
#БүлүүБөлөхУлуустара
#ҮөһээБүлүү
#Сунтаар
#Ньурба
#Бүлүү
#БүлүүБөлөхУлуустара
#ҮөһээБүлүү
#Сунтаар
#Ньурба
#Бүлүү
Мойтохонова Айталина Михайловна назначена на должность руководителя муниципального казенного учреждения "Департамент культуры и духовного развития" муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республики Саха (Якутия)
t.iss.one/ValeriNikolaev
t.iss.one/ValeriNikolaev