Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.59K photos
269 videos
1 file
830 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Дойду Президиэнин В.В. Путин быһа биэриитэ саҕаланна.

Владимир Путин дойду экономиката 4% үрдүөн сөбүн эттэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
🇷🇺 Россияҕа 2024 сылга хамнас 9% үрдээбитин Дойду Президиэнэ иһитиннэрдэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин быһа эфирга байыастар бэлэхтээбит Морской пехота 155-с бригадатын бойобуой бэлиэтин көрдөрдө.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин анал байыаннай дьайыыга бойобуой быһыы-майгы тосту уларыйан эрэрин эттэ. Фронт бары линиятынан хамсааһын күн аайы барарын биллэрдэ.
Маны тэҥэ России Президиэнэ Владимир Путин билигин сэриигэ сылдьар байыастарга табыллыыны, кыайыыны уонна дойдуларыгар төннүүнү баҕарда.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Биһиги байыастарбыт дойду территориятын, сирин квадратнай километр иэнинэн күннэтэ төннөрөллөрүн эттэ. Маны сэргэ, Курской уобаласка барыта чөлүгэр түһүө, оҥоһуллуо диэн киирбит ыйытыыга эппиэти биэрдэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Курскай уобаласка сулууспалыы сылдьар байыастар, байыаннайдар бойобуой дьайыы кыттыылаахтара буолалларын бигэргэттэ. Уонна кинилэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара диэн категорияҕа киириэхтээхтэрин, ананыллар төлөбүрдэри ылыахтаахтарын эттэ. Бары байыастар анаммыт харчыларын тутуохтара диэн туоһулаата.

Бу байыаннай сулууспалааччыларга төлөбүрдэр кэннинээҥҥи чыыһыланнан төлөнүөхтэрэ диэн эттэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин «Орешник» диэн ракета российскай оҥоһуулааҕын уонна аныгылыы саҥа сэрии сэбэ буоларын бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ, Владимир Путин "Орешник" оҥоһуутун түмүк быһаарыытын бэйэтэ ылыммытын этиннэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин ядернай сэрии сэптээх тас дойдулар уонна кинилэргэ кыттыгастаахтар Россияҕа кутталлаах түгэни үөскэтэр буоллахтарына ядернай сэрии сэбин туттарга бырааптаахпыт диэн эттэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин Арктика зонатын сайыннарыы туһунан:
"Биһиги арктикаҕа 2% льготалаах ипотеканы хааллардыбыт, бэлиэтээн эттэххэ дьон бу льготаннан үчүгэйдик туһанар. Тустаах нэһилиэнньэлэргэ анал бырагырааммалары оҥоробут уонна бу бырагырааммалары 200 куоракка тиийэ элбэтэр былааннаахпыт. Салгыы кыра нэһилиэнньэлээх куораттарга тугу гыныахха сөбүн көрүөхпүт".

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин:
"Хайаан даҕаны улахан хампаанньыйалар уонна сорох былаас уорганнара регионнарга көһөллөрүгэр үлэни ыытары салҕыахпыт".

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин саҥа Россияҕа киирбит территориялары чөлүгэр түһэриигэ регионнар киллэрэр кылааттарын бэлиэтээтэ.

Дойду Президиэнэ 21 тыһыынча эбийиэкт чөлүгэр түһэриллибитин уонна бу эбийиэктэр аҥаардарын регионнар үбүлээтилэр диэн эттэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин:
"Биһиэхэ териториялары сайыннарыыга уонна чөлүгэр түһэриигэ 2030 сылга диэри былааннаммыт улахан бырагырааммалаахпыт. Онно үлэ бара турар уонна салгыы ыытыллыаҕа. Бу суол-иис, дьиэ-уот, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, социальнай, култуурунай ситими чөлүгэр түһэрии буолар. Салгыы биһиги Азов муоратын тула тиэрбэһинэн суол тутулларын былаанныыбыт."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин саҥа регионнарга пенсия, үлэ ыстааһын бигэргэтии боппуруоһун быһаарарга Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ салалтата ордук хос бюрократията суох үлэлиирин көрдөстө.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин Чернай муора биэрэгэр буолбут түбэлтэ, танкердар саахалларын туһунан:

"Бу экологическэй алдьархай буолар. 40% дизель уматыга муораҕа барбыт, танкер сорҕото дьимирбит. Онон биһиги билигин толкуйдуохтаахпыт ыам ыйыгар, танкеры көтөҕөр кэммитигэр тугу гынарбытын, туох үлэни ыытарбытын."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Россия прессатын төһө да Америкаҕа кыйдаатыннар, Америка прессата биһиэхэ үлэлиирин Россия көҥүллүүр.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин: "Биһиги байыаннай күүспүт бойобуой туруга билигин аан дойду үрдүгэр бастыҥ миэстэни ылар. Россия билигин кимтэн да тутулуга суох уонна күүскэ атаҕар турар. Россия бүтэһик 2-3 сыл иһигэр быдан күүстээх буолла. Биһиги дьиҥнээхтик сувереннай, кимтэн да тутулуга суох судаарыстыба буолан эрэбит."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин:
"Россия күүһүрдэ, онон ылынар быһаарыныыларбытын туора көрүүттэн тутулуга суох, бэйэбит эрэ интириэспитигэр олоҕуран ылыныахпыт."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Россия Сирияҕа эйэлээх олох кэлиэ диэн эрэллээх уонна бары өрүттэри кытта сыһыаны тутар. Владимир Путин билигин Россия Сирияҕа бэйэтин базаларын хаалларарын суоҕун билбэтин этиннэ уонна бу боппуруос саҥа былааһы кытта интириэспит сөп түбэһэриттэн тутулуктаах диэтэ.

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин Украина туһунан:

"Сэриилэһиэхтэрин баҕарар Украина олохтоохторо бүтэн эрэллэр. Онон сотору кэминэн сэриилэһиэн баҕалаах дьон хаалыа да суоҕа."

Владимир Путин Россия позициятын туһунан:

"Биһиги кэпсэтиигэ бэлэммит. Ол эрэн утары дьоммут эмиэ кэпсэтэргэ уонна сөбүлэһиҥҥэ бэлэм буолуохтарын наада."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺 Владимир Путин:
"Россияҕа демография улаатыыта 1,41% диэри түстэ. Биһиги төрүөх коэффициенын 2,3% диэри үрдэтиэхтээхпит. Оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр пособия Россияҕа көдьүүстээхтик дьайар. Бу посуобуйаны Россияҕа 10 мөл. оҕо, 320 хат дьахтар ылар."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🇷🇺Владимир Путин:

"Биһиги дэҥҥэ көстөр саҥа айыыбыт буолар - сыл аайы эбиллэ турар Ийэ хапытаала. 6 % дьиэ кэргэн ипотеката оннунан хаалар."

#Путин

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM