Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр Россия үрдүнэн экономическэй сулууспа үлэһиттэрин күнүн бэлиэтиибит.

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун экэнэмиичэскэй сулууспа үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыккытынан "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Россияҕа экономист күнүн чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар үбү-харчыны сөпкө туттууга анаммыт марафон ыытылынна.

Алтынньы 28 күнүттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүү улууһун бары үөрэх кыһаларыгар Россия Баана бэлэмнээбит матырыйаалларыннан "Түөкүннэртэн сэрэхтээх буолуу, үбү-харчыны сөпкө туттуу" туһунан аһаҕас уроктар ытылыннылар.

Улуус баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччыта Саргылана Васильевна Алексеева көҕүлээһининэн уонна Россия национальнай баанын өйөбүлүнэн улуус библиотекаларын иһинэн үпкэ-харчыга анаммыт муннуктар оҥоһуллан үлэлэрин саҕалыахтара.

Бу муннуктарга харчыны сөпкө туттуу, элбэтии, түөкүннэр албыннарын сэрэтии туһунан матырыйааллар нэһилиэнньэҕэ тоҕоостоох буолуохтара.

#ДеньЭкономиста
#ФинансоваяГрамотность

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүлүү өрүс кыһыҥҥы суола сарсын, сэтинньи 12 күнүттэн, сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга арыллар.

Мууһу халыҥатар үлэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, алтынньы ый 28 күнүттэн саҕаламмытынан сибээстээн, өрүс суола эмиэ графиктар эрдэ арыллар буолла.

Бүгүн миэстэтигэр тахсан муус халыҥын Суол-иис фондатын, ОАЗИС, ГИБДД, быһыыр сулууспа "ГИМС МЧС России по РС(Я)" исписэлиистэрэ бэрибиэркэлээтилэр.

Муус халыҥа бүгүҥҥү туругунан 32-45 см тэҥнэспит.

Сарсын сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга өрүс суола арыллара бигэргэннэ.


#Автозимник
#Вилюй
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Александров Алексей Александрович хорсун быһыытын иһин Россия Президиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан бэриллибит "Орден мужестваны" дьиэ кэргэнигэр туттардым.

Алексей Александрович 2022 сыл балаҕан ыйыгар хантыраагынан сулууспаҕа анал байыаннай дьайыы сиригэр барбыта. 2023 сыл тохсунньу ыйыгар геройдуу Аҕа дойду туһугар сырдык тыына быстыбыта.

Алексей ийэтигэр Домна Алексевнаҕа, аҕатыгар Александр Николаевичка ис сүрэхтэн туохха да тэҥнэммэт сүтүккүтүгэр кутурҕаммын тиэрдэбин. Эһиги хорсун уолу, эр киһи килбиэннээҕин төрөппүт, ииппит үтүө быһыыгытыгар сүгүрүйэн туран махтанабыт.

Алексей кэргэнигэр, оҕолоругар төһө да ыар сүтүктэммиккит иһин Аҕаҕыт курдук хорсун санаалаах, сырдыкка талаһар, Аҕаҕыт аатын ааттатар дьон буола улаатын диэн баҕа санаабытын этэбит.

Анал байыаннай дьайыы сириттэн тыыннаахтыы эргиллибэтэх биир дойдулаах уолаттарбыт сырдык ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар холдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит.

"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата, олохтоох муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталара туох баар бары кыахпытынан анал байыаннай дьайыы байыастарын дьиэ кэргэннэригэр олох-дьаһах боппуруоһугар көмөнү ыытарга аһаҕаспыт.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

#ОрденМужества
#СВОихНеБросаем

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сургуулук нэһилиэгэр 60/30 миэстэлээх оскуола-уһуйаан тутуутун үлэтэ хайдах баран иһэрин миэстэтигэр кэлэн билистибит.

Бэдэрээдчит ООО "Сахаспецмонтаж-95" кылгас кэм иһигэр тутуу үлэтин саҕалаан, түмүктүүр кэрдиискэ кэлбит.

Оскуола-уһуйаан 2 этээстээх, таас тутуу. Бүгүҥҥү туругунан 95% тутуу үлэтэ оҥоһулунна.

Билигин оскуола-уһуйаан материально-техническай хааччыллыытыгар үлэ бара турар. Ону сэргэ, Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторо саҥа оскуолаҕа сууйууга-сотууга, мебельлары таҥааһыҥҥа түмсүүлээхтик, бары көмөлөөн үлэлэһэ сылдьаллар.

Ахсынньы ый иккис кэрдииһигэр Үөһээ Бүлүү улууһугар өссө биир саҥа оскуола үлэҕэ киирэрин кэтэһэбит.

#Сургуулук
#СтроительствоШколы
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Оҥхой нэһилиэгэр тутулла турар саҥа хотон үлэтэ хайдах бара турарын билсэ кэллибит.

Бу сыл алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.

Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.

Оҥхой нэһилиэгэр Артемьев Александр Еремеевич салайар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ үбүлээһининэн 50 төбөлөөх хотон алтынньы 16 күнүттэн тутуута саҕаланан түмүктүүр кэрдиискэ кэлбит.

Тутуу үлэтэ ахсынньы ый ортотугар түмүктэнэрэ былааннанар.

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev