Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 28 августа:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 3 лесных пожара с общей площадью 38.202 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 198 человек, в том числе 36 из местного населения.

⭕️ В местности Сыгыннахтах на расстоянии 4,5 км от с. Оргет действует пожар с площадью 27 га.

⭕️ В местности Ньыкагы урэгэ Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 38.065 га.

❎️ Лесной пожар в местности Сэбэки на расстоянии 14,5 км от с. Куду с площадью 22 га ЛОКАЛИЗОВАН.


#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Это твой шанс, действуй сейчас 🙌

Подайте заявку на сайте якутиявперед.рф уже сегодня и присоединяйтесь к открытому отбору

Это ваша возможность:
⚡️ Проявить себя и показать свои таланты
⚡️ Прокачать навыки и получить новый опыт
⚡️ Войти в резерв управленческих кадров республики

Заяви о себе и раскрой свой потенциал!
Үөһээ Бүлүүтээҕи ГУП "ЖКХ РС(Я)" быйылгы ититии сезонун балаҕан ыйын 4-с күнүттэн саҕалыыр.

Улуус үрдүнэн 41 котельнай, 56.78 км уһуннаах ититии ситимэ итиини ыытарга бэлэмнэрин туһунан бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи ГУП "ЖКХ РС(Я)" салайааччыта Альберт Константинович Гаврильев иһитиннэрдэ.

Быйыл өрөмүөн бырагыраамматынан 815 м. уһуннаах ититии ситимэ уларытылынна, ону таһынан 2 котел, 2 насос уларыйда, 1 котел өрөмүөннэннэ, 7 золоуловитель туруорулунна, Туобуйа нэһилиэгэр 2 массыына батар гарааһа тутулунна.

1962 м. уһуннаах ититии ситимэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр бырагыраамманнан 6 дьиэҕэ, ону тэҥэ сайаапканнан 2 дьиэҕэ тардылынна.

Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ: Боотулууга, Мэйиккэ, Далырга, Хомустаахха 1220 тонна таас чоҕу таһыыга ГУП ЖКХ 5 техниката үлэлээтэ.

Үөһээ Бүлүүгэ атырдьах ыйын 30-с күнүттэн итииннэн хааччыйар ситими ууннан толоруу үлэтэ саҕаланар

#ПодготовкаКотопительномуСезону
#ОтопительныйСезон
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 29 августа:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 2 лесных пожара с общей площадью 38.186 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 198 человек, в том числе 36 из местного населения.

⭕️ В местности Сыгыннахтах на расстоянии 4,5 км от с. Оргет действует лесной пожар с площадью 27 га.

⭕️ В местности Ньыкагы урэгэ Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 38.065 га.

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар биирдиилээн нэһилиэктэринэн атырдьах ыйын 29 күнүн туругунан оттооһун көрдөрүүтэ:

✅️ Балаҕаннаах - 408,90 тонна (Былаан: 612 т.);
✅️ Боотулуу - 2144 тонна (Былаан: 2147 т.);
✅️ Быракаан - 303 тонна (Былаан: 447 т.);
✅️ Үөһээ Бүлүү - 471 тонна (Былаан: 542 т.);
✅️ Далыр - 2794 тонна (Былаан: 2097 т.);
✅️ Дүллүкү - 2494 тонна (Былаан: 2529 т.);
✅️ Үөдүгэй - 735 тонна (Былаан: 836 т.);
✅️ Кырыкый - 530 тонна (Былаан: 1290 т.);
✅️ Кэнтик - 847 тонна (Былаан: 1059 т.);
✅️ Маҥаас - 802 тонна (Былаан: 1136 т.);
✅️ Мэйик - 1379 тонна (Былаан: 2199 т.);
✅️ Нам - 1350 тонна (Былаан: 1560 т.);
✅️ Оҥхой - 909 тонна (Былаан: 1189 т.);
✅️ Өргүөт - 300 тонна (Былаан: 404 т.);
✅️ Ороһу - 2653 тонна (Былаан: 1882 т.);
✅️ Сургуулук - 1345 тонна (Былаан: 1515);
✅️ Тамалакаан 912 тонна (Былаан: 1072 т.);
✅️ Туобуйа - 270 тонна (Былаан: 315);
✅️ Харбалаах - 762 тонна (Былаан: 986 т.);
✅️ Хомустаах - 785 тонна (843 т.);
✅️ Хоро - 1296 тонна (Былаан: 1340);

Уопсайа улуустааҕы от былаана 26.000 тонна. Атырдьах ыйын 29 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 20 099 га сиртэн 23 489 тонна от оттонно.
Улуус үрдүнэн 672 трактор, 817 киһи от соҕотуопкатыгар үлэлиир. Онно эбии мобильнай бригадалар 2497 тонна оту оттоотулар.

#От2024
#Сенокос2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ҮҮТ ТУТУУТУН биирдиилээн нэһилиэктэринэн атырдьах ыйын 22 күнүн туругунан көрдөрүүтэ:

🫙 Балаҕаннаах - 29,30 тонна (Былаан: 48 т.);
🫙 Боотулуу - 38,45 тонна (Былаан: 102 т.);
🫙 Быракаан - 0,6 тонна (Былаан: 12 т.);
🫙 Үөһээ Бүлүү - 17,82 тонна (Былаан: 13 т.);
🫙 Далыр - 25 тонна (Былаан: 54 т.);
🫙 Дүллүкү - 28,62 тонна (Былаан: 43,2 т.);
🫙 Үөдүгэй - 32,21 тонна (Былаан: 19,2 т.);
🫙 Кырыкый - 28,82 тонна (Былаан: 42 т.);
🫙 Кэнтик - 15,43 тонна (Былаан: 16,4 т.);
🫙 Маҥаас - 49,30 тонна (Былаан: 63,2 т.);
🫙 Мэйик - 13,20 тонна (Былаан: 39 т.);
🫙 Нам - 44,12 тонна (Былаан: 75 т.);
🫙 Ороһу - 274,95 тонна (Былаан: 542 т.);
🫙 Сургуулук - 97 тонна (Былаан: 170,4 т.);
🫙 Тамалакаан 66,18 тонна (Былаан: 81,9 т.);
🫙 Туобуйа - 12,88 тонна (Былаан: 20,7);
🫙 Харбалаах - 15,23 тонна (Былаан: 29 т.);
🫙 Хомустаах - 13,46 тонна (43,2 т.);
🫙 Хоро - 8,72 тонна (Былаан: 16 т.);

Уопсайа улуустааҕы үүт тутуутун былаана 1430,2 тонна. Атырдьах ыйын 29 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 811,39 тонна үүт тутулунна.

#Үүт2024
#Молокозаготовка2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин архитектуратын уонна туутутун министиэристибэтэ көҕүлүүр “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн ыытыллар конкуруска Үөһээ Бүлүү улууһа ситиһиилээхтик кыттан 4 служебнай квартиралары ылары ситистибит.

Быйыл 2024 сылга служебнай квартиралары ыларга 10 сайаапканы СӨ тутуу министиэристибэтигэр киллэрэн конкурска кытынныбыт.

Конкурс хамыыһыйатын мунньаҕын түмүгэр уон биэрбит сайаапкабытыттан түөрдэ ааһан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Интернациональная уонна Школьная уулуссаларга улуус суотугар уопсайа 217,65 кв.м. иэннээх 4 квартираны ыларга 21 мөл. 291 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэрин ситистибит.

Улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурсу ааһаммыт Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр 4 служебнай квартиралары ылбыппыт улууспутугар туһалаах доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ, үөрэх салаатын учууталлара кэлэн үлэлииллэригэр суолу арыйабыт.

Сылтан сыл маннык ситиһиилээхтик конкурска кыттаммыт тутаах исписэлиистэргэ анаммыт дьиэлэри улууспутугар элбэтэргэ күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит.

#СаҥаСүүрээн
#Сайдыы
#СлужебныеКвартиры
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр маршрутнай автобус сырыытын балаҕан ыйын 2-с күнүттэн саҕалыыр.

Бу сыл кулун тутар ыйга "Качественные безопасные дороги" диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн 3 автобустар ылыллыбыттара. 1 астобус бэс ыйын 13 күнүттэн Үөһээ Бүлүү - Харбалаах - Үөһээ Бүлүү маршрутунан айанын саҕалаабыта.

Балаҕан ыйын 2-с күнүттэн 2 автобус Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэрин иһигэр бары социальнай эбийиэктэри таарыйар маршруттаах сырыытын саҕалыаҕа. Автобустар "Теремок" уһуйаантан сарсыарда 07:15 чаастан саҕалаан уопсайа 31 тохтобуллаах киэһээ 19:10 чааска диэри сылдьыахтара.

Автобус билетын сыаната 30 солкуобай. Билигин льготалаах билеттары олохтуурга үлэ ыытыллар.

#Автобус
#НациональныйПроек
#БезопасныеКачественныеДороги
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэрин иһигэр маршрутнай автобус сырыытын бириэмэтэ, тохтобуллара.

#МаршрутныйАвтобус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх салаатын үлэһиттэрэ, учууталлара, күндү үөрэнээччилэр, төрөппүттэр!

Эһигини Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Саҥа үөрэх сылыгар баҕарабын саҥа билиилэри, саҥа кыайыылары, саҥа үрдэллэри. Учууталларгыт биэрэр билиилэрин болҕомтолоохтук ылынаҥҥыт үөрэххитигэр ситиһиилээх буолуҥ.

Сарсын балаҕан ыйын 2-с күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун 24 оскуолатыгар маҥнайгы чуораан чугдарыа.

Быйылгы үөрэх сылыгар бастакы кылааска киирэр 320 үөрэнээччини барыгытын оскуола дьоллоох кэмэ саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин. Баҕарабын үөрэххитигэр ситиһиилэри уонна элбэх доҕору

#ДеньЗнаний
#1сентября
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Уважаемые работники нефтяной и газовой промышленности!

От имени Администрации МР "Верхневилюйский улус (район)" и от себя лично поздравляю вас с профессиональным праздником - Днем работников нефтяной и газовой промышленности в России.

Этот праздник — дань уважения вашему труду, который является основой экономического развития нашей страны.

Ваши усилия, профессионализм и преданность делу делают возможным обеспечение энергией, теплом и уютом миллионов людей. Вы — настоящие мастера своего дела, которые ежедневно сталкиваются с вызовами и находят решения, используя свое мастерство, опыт, умения, современные технологии и инновации.

Желаем вам крепкого здоровья, благополучия и новых профессиональных достижений. Пусть каждый день приносит удовлетворение от работы, а ваша энергия и энтузиазм вдохновляют всех вокруг!

С праздником!

#ДеньРаботниковНефтянойиГазовойПромышленности
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн үөрэх дьыла саҕаламмытын бэлиэтиир үөрүүлээх линейкаҕа Кэнтик орто оскуолатыгар кыттыыны ыллым.

Быйыл Кэнтик орто оскуолатыгар 27 оҕо маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирдэ. Бүгүҥҥү линейкаҕа мин маҥнайгы кылаас үөрэнээччитин төрөппүтүн быһыытынан сырыттым. Уолбут сайыны быһа кэтэспит түгэнэ - оскуола маҥнайгы чуораана чугдаарар кэрэ кэмэ тиийэн кэлбититтэн олус долгуйан сарсыардаттан бэлэмнэннэ.

Үөрүүлээх линейкаҕа маҥнайгы учууталларын батыспытынан Кэнтик орто оскуолатын саҥа үөрэнээччилэрэ сибэккии дьөрбөтүн туппутунан, сиэтиспитинэн киирдилэр. Бу түгэн биһиги эрэ дьиэ кэргэҥҥэ буолбакка, маҥнайгы кылааска киирбит оҕолоох бары төрөппүттэргэ олус долгутуулаах, бэлиэ түгэн буолар.

Баҕарабын бүгүн саҥа оскуола боруогар үктэммит оҕолорбутугар дьоллоох оскуола кэмин, сырдык ыраас оҕо сааһы, киэҥ дириҥ билиини, сайдыыны, ситиһиини.

Үөрэх дьыла саҕаламмытынан бары учууталлары, үөрэнээччилэри ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Күндү үөрэнээччилэр, учууталларгыт биэрэр билиилэрин болҕомтолоохтук сиэрдээхтик ылынаҥҥыт үтүө үөрэхтээх дьон буоларгытыгар туһа гыныҥ. Ытыктабыллаах учууталлар, эһиги сыралаах үлэҕитигэр махтанан туран, баҕарабыт ситиһиилээх үөрэх дьылын уонна таһаарыылаах үлэни.

#ПервыйКласс
#НовыйУчебныйГод
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, балаҕан ыйын 2 күнүгэр, иккис Аан дойду сэриитин Кыайыынан түмүктээбит бэлиэ күммүт.

Бу күн Үөһээ Бүлүүгэ Кыайыы болуоссатыгар “Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, махтанабыт!” миитин ыытылынна.


Миитиҥҥэ тэрилтэ салайааччылара, оскуола үөрэнээччилэрэ, улуус олохтоохторо кытыннылар.

Хас да уонунан мөлүйүөн киһи олоҕун сарбайбыт уоттаах, алдьархайдаах сэрии кыттыылаахтарын, Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут саллааттары бу күн биһиги санаан, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, махтанан Кыайыы пааматынньыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уурдубут, чуумпу мүнүүтэннэн бэлиэтээтибит.

Хас биирдии көлүөнэ ытык иэһэ - эйэлээх олох кэлбит сыанатын билэрэ, өйдүүрэ уонна кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэрэ.

Бүгүн бу миитиҥҥэ оскуола оҕолоро кыттыыны ылбыттара олус дириҥ ис суолталаах. Бүгүҥҥү оскуола саастаах оҕолорбут хос-хос эһээлэрэ, эбээлэрэ Кыайыыны уһаансыбыттара. Төһө да өр кэм бардар, хайдахтаах да элбэх бириэмэ уһуннар син биир хас биирдии киһи, оҕо өйдүөхтээх сэрии алдьархайын, кыайыы сыанатын, эйэ кэрэтин.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, махтанабыт!

#ӨйдүүбүтСүгүрүйэбитМахтанабыт
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ҮҮТ ТУТУУТУН биирдиилээн нэһилиэктэринэн балаҕан ыйын 5-с күнүн туругунан көрдөрүүтэ (Скобка иһигэр быйылгы былаан уонна 2023 сыл, атырдьах ыйын 30 күнүн туругунан үүт туттарыытын көрдөрүүтэ):

🫙 Балаҕаннаах – 31,85 тонна (Былаан: 48 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 19,55 т.);
🫙 Боотулуу – 39,50 тонна (Былаан: 102 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 231,36 т.);
🫙 Быракаан – 0,6 тонна (Былаан: 12 т.) (2023 c. Көрдөрүү: - );
🫙 Үөһээ Бүлүү – 18,43 тонна (Былаан: 13 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 313,9 т.);
🫙 Далыр – 27,37 тонна (Былаан: 54 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 201,14 т.);
🫙 Дүллүкү – 28,62 тонна (Былаан: 43,2 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 126,76 т.);
🫙 Үөдүгэй - 32,21 тонна (Былаан: 19,2 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 114,73 т.);
🫙 Кырыкый – 29,74 тонна (Былаан: 42 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 96,15 т.);
🫙 Кэнтик – 16,63 тонна (Былаан: 16,4 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 11,52 т.);
🫙 Маҥаас - 49,30 тонна (Былаан: 63,2 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 84,75 т.);
🫙 Мэйик - 13,44 тонна (Былаан: 39 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 17,34 т.);
🫙 Нам – 45,49 тонна (Былаан: 75 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 107,12 т.);
🫙 Ороһу – 289,63 тонна (Былаан: 542 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 221 т.);
🫙 Сургуулук – 104,53 тонна (Былаан: 170,4 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 123,97 т.);
🫙 Тамалакаан – 69,65 тонна (Былаан: 81,9 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 136,56 т.);
🫙 Туобуйа – 14,46 тонна (Былаан: 20,7 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 50, 60 т.);
🫙 Харбалаах - 15,79 тонна (Былаан: 29 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 15,16 т.);
🫙 Хомустаах – 14,84 тонна (43,2 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 96,9 т.);
🫙 Хоро - 8,72 тонна (Былаан: 16 т.) (2023 c. Көрдөрүү: 8,69 т.);

Уопсайа улуустааҕы үүт тутуутун былаана 1430,2 тонна. Балаҕан ыйын 5-с күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 850,88 тонна үүт тутулунна (2023 сыл атырдьах ыйын 30-с күнүн туругунан 1977,28 тонна үүт тутуллубут).

// Ыанар ынах ахсаана:
2023 сыл атырдьах ыйын 30 күнүн туругунан – 4385 төбө.
2024 сыл атырдьах ыйын 30 күнүн туругунан - 4078 төбө.


#Үүт2024
#Молокозаготовка2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev