Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 10 августа:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 6 лесных пожаров с общей площадью 137.208 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 432 человек, в том числе 156 человек из местного населения.

⭕️ В местности Муҥур Үрэх Едюгейского наслега действует лесной пожар с площадью 8094 га.

⭕️ На территории Оргетского наслега действует лесной пожар с площадью 25.351 га.

⭕️ В местности Ньыкагы Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 23.683 га.

⭕️ На территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ действует лесной пожар с площадью 57.449 га.

⭕️ В местности речки Тонуочаан Оргетского наслега действует лесной пожар с площадью 19.560 га.

⭕️ В местности озера Хотуя Кырыкыйского наслега действует лесной пожар с площадью 290 га.

Уважаемые жители Верхневилюйского улуса!

Призываем присоединиться к отрядам по борьбе с лесными пожарами.

Дневная оплата: 2900 рублей. (Час работы 290 рублей)

Запись по телефону:

ЕДДС: 89141089557
Лесничество:
+79141060399
+79627375177

Спасем наш лес от огня вместе!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүҥҥү күҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар саамай улахан иэннээх Сургуулук, Маҥаас, Боотулуу нэһилиэктэригэр турар 20-с нүөмэрдээх ойуур баһаарыгар бары күүһү ууран уоту утары охсуһуу үлэтин ыытабыт.

Ойуур баһаарын умуруорууга улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытын Егор Дмитриевич Иванову кытта икки хайысханнан Маҥаас уонна Сургуулук өттүнэн үлэлиибит.

Бэҕэһээ тыал күүһүрэн ойуур уота үөһээлээн ыксаллаах быһыыны үөскэтэ сырытта. Бүгүн ардах түһэн улахан уоту уоскутан, тыраахтардарынан, техниканнан минерализованнай балаһалары оҥоруу үлэтэ салҕанар.

Ойуур баһаарын умуруорууга олохтоох нэһилиэнньэ: Боотулуу, Сургуулук, Маҥаас, Кырыкый нэһилиэгин олохтоохторо бары кыттыһан күүстээх, түмсүүлээх үлэ ыытыллар.

Быһа гыммакка ойуур баһаарын тохтотууга кыттыһан үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбар ис сүрэхтэн махтанабын.

Маннык түмсүүлээх үлэ бардаҕына улууспутугар турбут улахан уоту сотору кэминэн тохтотор кыахтаахпыт!

Бүгүҥҥү туругунан 20-с нүөмэрдээх баһаар 57.449 га иэннээх. Уоту утары 181 киһи, 26 техника үлэлиир. Утары уоту ыытыы, минполосаны оҥоруу, уоту умуруоруу, манааһын үлэтэ бара турар.

#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Уолбутугар Айаалга Олимпийскай оонньууларга күүстээх киирсииҥ иһин махтанабыт✊️!

Туох да иһин иннин хоту баран ис! Дойдун дьоно эйигиннэн, эн күүстээх санааҕынан, тулуургунан уонна дьулуургунан киэн туттабыт!

#АйаалЛазарев
#ОлимпийскиеИгры

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үс төгүл Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, Аан Дойду үрдүнэн 5 бастыҥ бөҕөстөртөн биирдэстэрэ, Үөһээ Бүлүү улууһун спортсмена Айаал Лазарев бүгүн Олимпийскай көбүөргэ спортивнай карьератын түмүктээбитин биллэрдэ.

Айаалга спортка өр сыллаах кылаатын иһин, муҥура биллибэт кыайыыларын иһин махтанабыт!

#АйаалЛазарев
#ОлимпийскиеИгры

t.iss.one/ValeriNikolaev
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун инженердарын, бырайыактааччыларын, архитектордарын, тутуу эйгэтин бары үлэһиттэрин, исписэлиистэрин идэлээх бырааһынньыккытынан - Тутааччы күнүнэн "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Эһиги Үөһээ Бүлүү улууһа сайдыытыгар уһулуччулаах кылааты киллэрэр үтүө үлэһит дьоммут буолаҕыт. Тутааччылар эппиэтинэстээх уонна сыралаах үлэҕит түмүгэр улууспутугар социальнай эбийиэктэр, саҥа дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирэллэр.

Уһуйааннар, оскуолалар, балыаһалар, спорт, култуура дьиэлэрэ, эргиэн, туризм эбийиэктэрэ, онтон да атын тутуулар салҕыы улууспутугар элбии туралларын курдук сиэрдээх үлэни бары кыаҕы ууран ыытыахпыт диэн бигэ эрэллээхпит.

Эһиги үлэҕит түмүгэр Үөһээ Бүлүүбүт олоҕо-дьаһаҕа саҥа таһымҥа тахсарыттан, ону тэҥэ сайдыыга киллэрэр кылааккытынан киэн туттабыт.

Тапталлаах улууспут сайдыытын түстүүр тутаах дьоммутугар - тутааччыларга бу күн истиҥ махтал тыллары этэбит!

Эһиги бары бырайыактаргытыгар ситиһиини, тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэттэргитигэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу, бары үтүөнү баҕарабыт!

Эҕэрдэни кытта Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев

#ДеньСтроителя
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Сирин чаһыытынан күнүс 15:00 чааска кыыспыт Сардана Трофимова Париж куоракка Олимпийскай оонньуулары түмүктүүр күрэхтэһиигэ марафоҥҥа сүүрүөҕэ.

Дойдутуттан Сардаанаҕа кыайыыны баҕаран туран бары үтүө санааны тиэрдэбит🙌

Ситиһиилээх сүүрүүнү

#ОлимпийскиеИгры
#СарданаТрофимова
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сардана Трофимова Олимпийскай оонньуу марафон күрэҕэр 15 бастыҥ сүүрүк иһигэр киирдэ👏👏👏

Сардана Саха Сириттэн бастакыннан Олимпиадаҕа 15 бастыҥнар истиригэр киирбитинэн киэн туттабыт!

2 чаас 26 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ көрдөрүүлээх финишка кэлэн Кыргызтан Республикатын рекордун олохтоото.

Сардана Трофимова өр кэмҥэ туруулаһан ситиспит Олимпийскай оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттан, баҕа санаатын толорбут күүстээх санаатыгар сүгүрүйэн туран дойдуҥ, Үөһээ Бүлүүн аатыттан эҕэрдэ бастыҥын тиэрдэбит.

Сахалартан бастакы Олимпийскай марафону сүүбүт, Аан дойду 15 бастыҥ сүүрүктэригэр киирбит кыыспытынан Саха Сирэ бары киэн туттабыт!

#СарданаТрофимова
#ОлимпийскиеИгры

t.iss.one/ValeriNikolaev
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 12 августа:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 6 лесных пожаров с общей площадью 140.649 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 442 человек, в том числе 142 человека из местного населения.

⭕️ В местности Муҥур Үрэх Едюгейского наслега действует лесной пожар с площадью 8735 га.

⭕️ На территории Оргетского наслега действует лесной пожар с площадью 25.549 га.

⭕️ В местности Ньыкагы Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 26.676 га.

⭕️ На территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ действует лесной пожар с площадью 59.412 га.

⭕️ В местности речки Тонуочаан Оргетского наслега действует лесной пожар с площадью 19.813 га.

⭕️ В местности озера Хотуя Кырыкыйского наслега действует лесной пожар с площадью 464 га.

Уважаемые жители Верхневилюйского улуса!

Призываем присоединиться к отрядам по борьбе с лесными пожарами.

Дневная оплата: 2900 рублей. (Час работы 290 рублей)

Запись по телефону:

ЕДДС: 89141089557
Лесничество:
+79141060399
+79627375177

Спасем наш лес от огня вместе!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров салайыылаах Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыны оҥордо.

Анал байыаннай дьайыыга саа саадах дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытын кытта көрсөн дойдуларыттан баһыылкалары тиксэрдилэр.

Саха Сирин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев төрөппүттэрэ Тамара Сергеевна уонна Александр Андреевич кыайыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн, уолаттарга туһа буоллун диэн УАЗ ХАНТЕР массыынаны анал байыаннай дьайыы сиригэр ыыппыттара.

УАЗ массыынаны Михаил Михайлович Запорожье уобалаһыгар сылдьар биир дойдулаах уолаттарбытыгар туттарда.

Улууспут бары үлэһиттэрэ хамнастарыттан кыттыһан, ону тэҥэ тэрилтэлэртэн, урбаанньыттартан киирбит үбүнэн 6 мотоцикл, 4 тепловизор, 9 квадрокоптер, 2 дрону утары тэрил РЭБ, 1 купольный подавитель БПЛА "Капюшон", дрон утары рациялар "TUT", 1 дизельнай генератор уонна да атын сэриигэ туһалаах тэриллэр ылыллан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрилиннилэр.

"Дойдум тыына" Васма Васильевна салайар волонтерскай хамсааһын иистэнньэҥ эбээлэрэ тикпит 45 рюкзактары, онно эбии 20 тактическай рюкзактары Ростов куораттан ылан уолаттарбытыгар Михаил Михайлович уонна Альберт Юрьевич туттардылар.

Уолаттарбыт көрдөһүүлэринэн бу сырыыга сахалыы харысхаллары, ону тэҥэ Үөһээ Бүлүүтээҕи Троицкай Церковьтан түөскэ кэтэр кэриэстэри, иконалары тиксэрдилэр.

Гуманитарнай сырыы делегациятын кыттыылааҕа Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ, көмө баһыылкалары туттарда.

Махтанабыт байыас уолаттарбытын өйөөбүт, гуманитарнай көмөнү хомуйууга кыттыспыт биир дойдулаахтарбытыгар уонна урбаанньаттарга:

1. Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата - (баһылык М.Ф. Силигиянов) 5 устуука квадрокоптер, 300.000 солкуобай харчынан, ону таһынан дьаһалта үлэһиттэрин биир күннээҕи хамнастара.

2.. ООО Алтан дириэктэрэ Васильев Иннокентий Терентьевич - 20 устуука ТUT рация
3. Саха тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Петрова Сиибиктэ Васильевна - 30 устуука Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа
4. ИП Адамов Юрий Иванович - 2 устукка мотоцикл
5. ИП Семенов Спиридон Владимирович - 1 устуука квадрокоптер DJI Mavic 3 PRO FLY MORE COMBO (295.000 солк)
6. ООО “Камелек” генеральнай директора Григорьева Ольга Григорьевна - 1 устуука квадрокоптер DJI Mavic 3 PRO FLY MORE COMBO (270.000 солк)
7. Бырдакаров А.В. - Сварочнай аппарат дизельнай генератора 5.5 Квт (40.000 солк)
8. Михайлов Юрий Николаевич – 50.000 солк.
9. "Мила" маҕаһыын - 60.000 солк.
10. "Виола" маҕаһыын – 50.000 солк.
11. “Алекс” маҕаһыы – 50.000 солк.
12. ИП Еттянов Дь. - 50.000 солк.
13. “Кустук” маҕаһыын - 100.000 солк + 4 рулон материал.
14. "ОФСЕТ" хампаанньыйа – 150.000 солк.
15. Иванова Екатерина Анатольевна - 20.000 солк.
16. "Перекресток" маҕаһыын – 10.000 солк.
17. "Македон" маҕаһыын - туттар малынан, туһалаах тэриллэринэн.

Ил Дархан Айсен Сергеевич төрөппүттэригэр Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин махтанабыт!

Гуманитарнай сырыылар инникитин тохтоло суох кыайыы кэлиэр диэри салҕана туруохтара.

Үөһээ Бүлүүлэр уолаттарбытын өйүүбүт, кыайыы туһугар түмсэбит!

#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат физикаҕа учуутала, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо Александр Андреевич уонна Россия орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо Тамара Сергеевна - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев төрөппүттэрэ биир дойдулаах байыас уолаттарбытыгар тиксэрээрин диэн анаан туттарбыт УАЗ Хантер массыыналарын анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тиксэрдилэр.

Уаз массыына сырыыта сыыдам, кыайыыны чугаһатарга өйөбүл, уолаттарга эбии көмө көлө буоллун диэн алҕаан, туох баар бары үтүө санааннан, ис сүрэхтэриттэн биэрбит массыыналарын бэс ыйыгар Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускай куоракка илдьэн байыаннай хонууга сөптөөх гына оҥорон-чочуйан, тупсаран баран Ростовка ыыппыппыт.

Массыына анаммыт сиригэр тиийбит кэмигэр Ростовка улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров көрсүбүтэ.

Михаил Михайлович Ил Дархан төрөппүттэрэ ыыппыт массыыналарын Запорожскай уобаласка сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар илдьэн туттарда.

Уолаттар тимир көлө кэлбитигэр олус үөрдүлэр, Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка улахан махтал тылларын тиэрдэллэр.

Массыына анал байыаннай дьайыы хонуутугар олус туһалаах техника буолар, уот линиятыттан уолаттарбытын, бааһырбыттары таһаарарга кытта улахан көмөнү аҕалыаҕа диэн байыастар техниканы үөрэ туттулар.

Тимир көлө уолаттарбыт сырыыларыгар дурда-хахха буоллун!

Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка өйөбүлгүт, көмөҕүт, өрүү дойдубут Үөһээ Бүлүүбүт туһугар туохха да тэҥнэммэт кылааты киллэрэргитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт!

Чэгиэн-чэбдик, дьоллоох, уһун олохтоох буолун. Үөрүү, дьол, үтүө санаа эрэ эһигини кытта арыалластын.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ыаллыы сытар Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан ыалдьыттаата.

Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Бүлүү куората 390 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр анаан Хэйлунцзян провинциятыттан 5 кытай пиротехнига кэлэн Саха Сиригэр суох улахан салюту ыталларын кэпсээтэ уонна туох баар бары Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун Бүлүү куоратыгар балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр үөрүүлэрин үллэстэ, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ыҥырда.

Сергей Николаевичка уопуттаах улуус баһылыгар биһиэхэ ыалдьыттаан ааспытын иһин, сүбэҥ-амаҥ уонна ыҥырыын иһин махтанабыт.

#Бүлүү
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ҮҮТ ТУТУУТУН биирдиилээн нэһилиэктэринэн атырдьах ыйын 15 күнүн туругунан көрдөрүүтэ:

🫙 Балаҕаннаах - 24,26 тонна (Былаан: 48 т.);
🫙 Боотулуу - 33,89 тонна (Былаан: 102 т.);
🫙 Быракаан - 0,6 тонна (Былаан: 12 т.);
🫙 Үөһээ Бүлүү - 13,4 тонна (Былаан: 13 т.);
🫙 Далыр - 19,38 тонна (Былаан: 54 т.);
🫙 Дүллүкү - 25,88 тонна (Былаан: 43,2 т.);
🫙 Үөдүгэй - 32,21 тонна (Былаан: 19,2 т.);
🫙 Кырыкый - 24,71 тонна (Былаан: 42 т.);
🫙 Кэнтик - 12,63 тонна (Былаан: 16,4 т.);
🫙 Маҥаас - 46,90 тонна (Былаан: 63,2 т.);
🫙 Мэйик - 11,16 тонна (Былаан: 39 т.);
🫙 Нам - 41,67 тонна (Былаан: 75 т.);
🫙 Ороһу - 245,89 тонна (Былаан: 542 т.);
🫙 Сургуулук - 81,85 тонна (Былаан: 170,4 т.);
🫙 Тамалакаан 58,97 тонна (Былаан: 81,9 т.);
🫙 Туобуйа - 10,48 тонна (Былаан: 20,7);
🫙 Харбалаах - 12,31 тонна (Былаан: 29 т.);
🫙 Хомустаах - 11,73 тонна (43,2 т.);
🫙 Хоро - 8,16 тонна (Былаан: 16 т.);

Уопсайа улуустааҕы үүт тутуутун былаана 1430,2 тонна. Атырдьах ыйын 15 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 716,15 тонна үүт тутулунна.

#Үүт2024
#Молокозаготовка2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар биирдиилээн нэһилиэктэринэн атырдьах ыйын 15 күнүн туругунан оттооһун көрдөрүүтэ:

✅️ Балаҕаннаах - 384,60 тонна (Былаан: 612 т.);
✅️ Боотулуу - 1875 тонна (Былаан: 2147 т.);
✅️ Быракаан - 85 тонна (Былаан: 447 т.);
✅️ Үөһээ Бүлүү - 299 тонна (Былаан: 542 т.);
✅️ Далыр - 1380 тонна (Былаан: 2097 т.);
✅️ Дүллүкү - 1799 тонна (Былаан: 2529 т.);
✅️ Үөдүгэй - 435 тонна (Былаан: 836 т.);
✅️ Кырыкый - 530 тонна (Былаан: 1290 т.);
✅️ Кэнтик - 597 тонна (Былаан: 1059 т.);
✅️ Маҥаас - 478 тонна (Былаан: 1136 т.);
✅️ Мэйик - 1231 тонна (Былаан: 2199 т.);
✅️ Нам - 680 тонна (Былаан: 1560 т.);
✅️ Оҥхой - 466 тонна (Былаан: 1189 т.);
✅️ Өргүөт - 87 тонна (Былаан: 404 т.);
✅️ Ороһу - 2250 тонна (Былаан: 1882 т.);
✅️ Сургуулук - 897,49 тонна (Былаан: 1515);
✅️ Тамалакаан 684 тонна (Былаан: 1072 т.);
✅️ Туобуйа - 265 тонна (Былаан: 315);
✅️ Харбалаах - 554 тонна (Былаан: 986 т.);
✅️ Хомустаах - 640 тонна (843 т.);
✅️ Хоро - 905 тонна (Былаан: 1340);

Уопсайа улуустааҕы от былаана 26.000 тонна. Атырдьах ыйын 16 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 14 737 га сиртэн 16 522,09 тонна от оттонно.
Улуус үрдүнэн 824 трактор, 1792 киһи күнү-дьылы баттаһа от соҕотуопкатыгар үлэлиир.

#От2024
#Сенокос2024
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 16 августа:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 6 лесных пожаров с общей площадью 141.932 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 353 человек, в том числе 94 из местного населения.

⭕️ В местности Муҥур Үрэх Едюгейского наслега действует лесной пожар с площадью 8826 га.

❎️ Лесной пожар с площадью 25.549 га на территории Оргетского наслега ЛОКАЛИЗОВАН

⭕️ В местности Ньыкагы Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 26.835 га.

⭕️ На территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ действует лесной пожар с площадью 60.445 га.

⭕️ В местности речки Тонуочаан Оргетского наслега действует лесной пожар с площадью 19.813 га.

⭕️ В местности озера Хотуя Кырыкыйского наслега действует лесной пожар с площадью 464 га.


#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
😃😃😃😃😃
🔤🔤🔤🔤🔤 🔤🔤🔤2️⃣0️⃣2️⃣4️⃣
Үөһээ Бүлүү эдэр ыччата атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр Ньурба куоракка Республикаҕа иккиһин ыытыллар «Түмэр түгэн - 2024» тэрээһинигэр кыттыыны ылыахтара!

Эльдар Мандаров уонна Ваннесса Морфунова «Ньурба Ньургуна уонна Ньургуһуна - 2024» спортивнай күрэҕэр кыттыахтара. Онтон Үөһээ Бүлүү сүүрүктэрэ марафоҥҥа уонна «Ураан» студеннар түмсүүлэрэ «Түмэр тэтим» үнкүү күрэҕэр кыттыыны ылыахтара. Ол таһынан эдэр ыччатпыт семинардарга, быыстапкаларга, ярмаркаларга кыттыы ылыахтара.

Эдэр ыччаттарбытыгар бу кэлэр күннэргэ ситиһиини баҕарабыт!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM