Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.37K photos
251 videos
669 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 20 күнүн, сарсыарда 09:00 туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 5380 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 82 киһи, 20 техника үлэлиир. Минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ бара турар. Уот тутуллан турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 15 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 904 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Уоту манааһыҥҥа уопсайа 32 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Тиһэх уоту умуруоруу, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 875 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 29 киһи, 3 техника үлэлиир.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ ойуур баһаара 1725 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 1360 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 8 киһи, 1 трактор Т-150 үлэлиир. От ыйын 18 күнүгэр БЕ-200 самолет-амфибия уоту умуруорааһыҥҥа үлэлэспитэ. Минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын, утары уоту ыытыы үлэтэ бара турар.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкакы үрэҕэр турбут ойуур баһаарын иэнэ бүгүҥҥү туругунан 234 га. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 25 киһи, 3 техника үлэлиир.

Кэнтик нэһилиэгэр Тоҥуо сиригэр тахсыбыт 6 га иэннээх саҥа ойуур баһаарын ГБУ РС(Я) Авиалесохрана инструктора Дмитриев Дь.В. салайааччылаах 6 киһилээх этэрээт умуруорурда.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ!

Нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Муниципальнай хантыраагынан бөҕү мунньар бункер-накопительлар Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр турдулар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 10 бөх хомуйар бункер-накопитель: Николая Егорова, 45, М. Потапова, А.С. Пушкина, 22, Ворошилов, Үөһээ-Бүлүү, 5, Боруу Көлүйэ, Кентикский тракт, Дальняя, М. Алексеева 2а, Строительная. Интернациональная уулуссаларга турдулар.

Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр 4 бункер-накопитель турда: Солнечная, 50 лет ЯАССР уонна Күүлэ уулуссаларыгар.

Ону таһынан муниципальнай хантыраак чэрчитинэн кытаанах бытовой отходу харайар балаһааккалары өрөмүөннээһин үлэтэ ыытыллар.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Кюрджегеляхская, 14, Ленина, 67/1, Октябрьская, 73, М. Потаповой-А.С, Пушкина, 22 уулуссаларыгар бытовой отходу харайар балаһааккалар өрөмүөннэнэллэр.

Ону тэҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин Андреевскай сэлиэнньэтигэр Солнечная уонна Күүлэ уулуссаларыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.

#ТБО
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 8500 га иэннээх ойуур баһаарыгар 96 киһи, 20 техника үлэлиир.

Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэрин гыраныыссатыгар ойуур баһаара от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Халлаан туруга кураан, итии, тыаллаах буолан аҕыйах күн иһигэр уот элбэх иэннээх сири таарыйбыта. От ыйын 14 күнүгэр түспүт дохсун ардах кэнниттэн ойуур уота хаптайан, төгүрүллүбүтэ. Ол да буоллар, уот күүһэ улахана бэрт буолан саҥаттаан күөдьүйэн бу кураан күннэргэ өрө тахсан кэллэ. Быракаан нэһилиэгэр ойуур баһаара чугаһыыр куттала үөскээбитигэр Бе-200 самолет-амфибия уонна МИ-8 вертолет өҥөтүнэн туһаммыппыт.

Бүгүҥҥү туругунан Быракаан ойуурун баһаара үрэҕи туораан Быракаан нэһилиэгэр чугаһаабытынан, Тарын сиригэр буолбут ойуур баһаара улаатан Өргүөт нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи сиргэ тиийбитинэн, уот линиятыгар чугаһаабытынан сибээстээн икки Бе-200, самолет-амфибиялар кэлэн бүгүн үлэлээтилэр.

Үлэ сырыытынан ГАУ РС(Я) "Якутлесресурс" генеральнай директора Омуков Виктор Викторович Үөһээ Бүлүү улууһун оперативнай штаба ойуур баһаарын утарар үлэтин билсэ, көмөлөһө кэлэрин кэтэһэбит.

Ону тэҥэ Быракаан нэһилиэгэр баһаарынай пост тэриллэн үлэлиир.

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарыгар Ньурба, Кэбээйи, Нам улуустарыттан, Дьокуускайтан уонна Жатайтан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Ону тэнэ Тюмень уобалаһыттан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ уоту утары охсуһууга кыттыһан үлэлии сылдьаллар.

Улуус олохтоохторун ойуур баһаарын утары үлэҕэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
Быракаан нэһилиэгин "Быракаан үрэҕэ" сиригэр 8500 га иэннээх ойуур баһаарын утары охсуһууга Тюмень уобалаһыттан 25 Авиалесохрана десантниктара көмө үлэни ыыталлар. Уопсайа баһаары умуруорааһыҥҥа от ыйын 21 күнүн сарсыарда 09:00 чаас туругунан 111 киһи, 20 техника үлэлиир.

Тюмень уобалаһыттан баһаары утарар десантниктар 25 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур Үрэх сиригэр 1842 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа үлэлииллэр. Уопсайа баһаары умуруорааһыҥҥа 57 киһи, 3 техника үлэлиир.

Бүгүн Үөдүгэй ойуурун баһаарын умуруора сылдьар десантниктары кытта миэстэтигэр көрсөн уоту утары үлэ былаанын сүбэлэстибит.

Сургуулук нэһилиэгин Түҥ сиригэр Маҥаас нэһилиэгиттэн 22 км тэйиччи, Сургуулук нэһилиэгиттэн 19 км тэйиччи турар ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 23 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Куду нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи, Өргүөт нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи турар 3775 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 42 киһи 4 техника үлэлиир.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкагы сиригэр 2450 га иэннээх ойуур баһаарын утары 25 киһи, 3 техника үлэлиир.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр турбут 909 га иэннээх ойуур баһаара тутуллан турар. Уоту манааһыҥҥа 32 киһи, 5 техника үлэлиир.

Бэҕэһээ, бүгүн 2 Бе-200 самолет-амфибиялар, вертолет улахан уоттары умуруорааһыҥҥа үлэни ыыттылар.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ! Бар дьоммутун ойуур баһаарын умуруорар этэрээттэргэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

Күннээҕи төлөбүр 2900 солкуобай.
Билсэр нүөмэргит:
ЕДДС - 89141089557 - Владислав.


#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
От ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэммит Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр турбут ойуур баһаара улаатан 5727 га иэннэннэ. Билиҥҥи туругунан ойуур баһаара Өргүөт нэһилиэгин территориятыгар киирэн, Өргүөт нэһилиэгиттэн 6 км чугас сиргэ тиийдэ. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 47 киһи, 5 техника үлэлиир.

Ыксаллаах быһыы хамыыһыйатынан уонна олохтоох оперативнай штабынан Өргүөт нэһилиэгиттэн хат дьахталлары, инбэлииттэри, тыынар уорганнара ыарыһахтары, кырдьаҕас дьону, оҕолору куттала суох сиргэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр көһөрүү туһунан быһаарыныы ылылынна.

Өргүөт ойуурун баһаара кураан, тыаллаах күннэргэ улаатан бэриммэккэ турарынан сибээстээн уоту умуруорууга үлэһит дьон ирдэнэр.
Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, бары көмөлөөн ойуурдарбытын быыһыаҕыҥ!

#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 22 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин "Быракаан үрэҕэ" сиригэр 10.900 га иэннээх ойуур баһаарын утары 113 киһи, 21 техника үлэлиир. Ону тэҥэ икки күн устата самолет-амфибия Бе-200 үлэлээтэ.

Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур Үрэх сиригэр 2326 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга 59 киһи, 4 техник үлэлиир. Үлэһит дьон тиийбэт. Ойуур баһаара Үөдүгэй нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи сиргэ турар.

Сургуулук нэһилиэгин Түҥ сиригэр Маҥаас нэһилиэгиттэн 22 км тэйиччи, Сургуулук нэһилиэгиттэн 19 км тэйиччи турар 5353 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга 23 киһи үлэлиир. Эбии 30 киһи ирдэнэр.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр турбут баһаар улаатан Өргүөт нэһилиэгин территориятыгар киирдэ. Билиҥҥи туругунан Куду нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи, Өргүөт нэһилиэгиттэн 6 км тэйиччи сиргэ 5727 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга 47 киһи 5 техника үлэлиир. Эбии 15 киһи тиийбэт. От ыйын 18, 21 күннэригэр самолет-амфибия Бе-200 үлэлээтэ.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкагы сиригэр 2450 га иэннээх ойуур баһаарын утары 29 киһи, 3 техника үлэлиир. Ойуур баһаара Харбалаах нэһилиэгиттэн 41 км тэйиччи, Быракаан нэһилиэгиттэн 40 км тэйиччи сиргэ турар. Үлэһит дьон, техника тиийбэт.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ! Бар дьоммутун ойуур баһаарын умуруорар этэрээттэргэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

Күннээҕи төлөбүр 2900 солкуобай.
Билсэр нүөмэргит:
ЕДДС - 89141089557 - Владислав.


#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Өргүөт, Быракаан нэһилиэктэригэр ГАУ РС(Я) "Якутлесресурс" дириэктэрин Омуков Виктор Викторивиһы кытта сылдьан баһаарынай пууннарга уоту утары охсуһааччылары кытта көрсөн балыһыанньаны билистибит.

Өргүөт, Быракаан нэһилиэктэригэр оптоволокно ситимэ уотка сиэнэн интернет, сотовай сибээһэ суох.
Уот ситимин (ЛЭП) ойуур баһаарыттан харыстааһын үлэтэ бара турар.

Бүгүн Өргүөт нэһилиэгин ойуурун баһаарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ГАУ "Якутлесресурс" тэрилтэттэн уопуттаах 19 уоту умуруорааччылар көмөлөһө кэллилэр. Ойуур баһаара Өргүөт нэһилиэгигэр киирэр куттала билиҥҥи туругунан суох. Бары күүһү уоту төгүрүтээһиҥҥэ, тутааһыҥҥа ыытабыт.

Быракаан нэһилиэгин ойуурун баһаарын олохтоох нэһилиэнньэ түмсэн, Тюмень уобалаһыттан 25 Авиалесохрана десантниктара, 10 киһи федеральнай МЧС структуратыттан кыттыһан, ону тэҥэ олохтоох ойуур харысхалын үлэһиттэрэ бары көмөлөөн уот тутуллан турар.
Билиҥҥи туругунан Быракаан үрэҕин уҥуор көспүт уоту умуруорааһыҥҥа бары күүһү уурабыт.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов Өргүөт нэһилиэгэр кутталы үөскэппит ойуур баһаарын умуруорар этэрээткэ кыттыһан үлэлиир.

Уоту утары үлэ бара турар.

#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 23 июля в 17:00 часов:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского района действует 7 лесных пожаров с общей площадью 36 419 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 333 человек. Дополнительно из г. Якутска направляются студенты и земляки для тушения лесного пожара в Едюгейском наслеге.

В местности "Быракаан үрэҕэ" Быраканского наслега действует лесной пожар с площадью 11.627 га. Для тушения лесного пожара задействованы 117 человек и 22 единиц техники.

Для тушения лесного пожара с площадью 2625 га в местности Муҥур Үрэх Едюгейского наслега задействованы 75 человек и 10 единиц техники. Лесной пожар действует на расстоянии 10 км от с. Едюгей. Сил для тушения пожара недостаточно.

На территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ действует лесной пожар с площадью 7919 га. Лесной пожар действует на расстоянии 22 км от с. Мангаас и 19 км от с. Сургуулук. Для тушения лесного пожара задействованы 23 человека и 2 трактора. Необходимо дополнительно 30 человек задействовать.

На территории Оргетского наслега на расстоянии 8 км от с. Куду, 6 от с. Оргет действует лесной пожар с площадью 7476 га. Для тушения лесного пожара задействованы 88 человек 10 единиц техники.

В местности Ньыкагы Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 5432 га. Для тушения лесного пожара задействованы 30 человек, 3 единиц техники. Лесной пожар действует на расстоянии 41 км от с. Харбалаах.

23-го июля в 13:16 часов был обнаружен новый лесной пожар в местности речки Тонуочаан Оргетского наслега с площадью 2 га. На данный момент площадь пожара составляет 1900 га. Пожар действует в 60 км от с. Оргет. Требуется помощь населения.

Также 23 июля в 11:55 часов в местности озера Одунгда Быраканского наслега обнаружен лесной пожар с плошадью 2 га. В данный момент площадь пожара достиг 1340 га. Расстояние от с. Быракаан 44 км. Требуется помощь от местного населения.

Уважаемые жители Верхневилюйского улуса!

Призываем присоедениться к отрядам по борьбе с лесными пожарами. Не хватает людей для тушения лесных пожаров.

В связи с тяжелыми погодными условиями огонь усиливается ежедневно. Нужны рабочие силы для пролаживания минерализованных полос и для окарауливания скрытого огня.

Дневная оплата: 2900 рублей.

Желающие можете записаться через:
ЕДДС: 89141089557
ГАУ РС(Я) "Якутлесресурс": +7 914 106-03-99

Спасем наш лес от огня вместе!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 24 июля 09:00 часов:

На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 7 лесных пожаров с общей площадью 41 935 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 335 человек, в том числе 50 десантников Тюменьской Авиалесохраны, 12 сотрудников из главного управления МЧС. Дополнительно из г. Якутска направлены 15 студентов для тушения лесного пожара в Едюгейском наслеге.

В местности "Быракаан үрэҕэ" Быраканского наслега действует лесной пожар с площадью 11.718 га. Для тушения лесного пожара задействованы 117 человек и 22 единиц техники.

Для тушения лесного пожара с площадью 3127 га в местности Муҥур Үрэх Едюгейского наслега задействованы 75 человек и 10 единиц техники. Лесной пожар действует на расстоянии 10 км от с. Андреевское.

На территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ действует лесной пожар с площадью 8939 га. Для тушения лесного пожара задействованы 26 человек и 5 единиц техники.

На территории Оргетского наслега на расстоянии 8 км от с. Куду, 6 от с. Оргет действует лесной пожар с площадью 10.073 га. Для тушения лесного пожара задействованы 88 человек 10 единиц техники.

В местности Ньыкагы Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 5670 га. Для тушения лесного пожара задействованы 30 человек, 3 единиц техники.

23-го июля в 13:16 часов был обнаружен новый лесной пожар в местности речки Тонуочаан Оргетского наслега с площадью 2 га. На данный момент площадь пожара составляет 2867 га. Пожар действует в 60 км от с. Оргет. Требуется помощь населения.

Также 23 июля в 11:55 часов в местности озера Одунгда Быраканского наслега обнаружен лесной пожар с плошадью 2 га. В данный момент площадь пожара достиг 2400 га. Расстояние от с. Быракаан 44 км. Требуется помощь от местного населения.

Уважаемые жители Верхневилюйского улуса!

Призываем присоедениться к отрядам по борьбе с лесными пожарами. Не хватает людей для тушения лесных пожаров.

В связи с тяжелыми погодными условиями огонь усиливается ежедневно. Нужны рабочие силы для пролаживания минерализованных полос и для окарауливания скрытого огня.

Дневная оплата: 2900 рублей.

Желающие можете записаться через:
ЕДДС: 89141089557
ГАУ РС(Я) "Якутлесресурс":
+7 914 106-03-99
89627375177

Спасем наш лес от огня вместе!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ДимДимыч Brief
В Верхневилюйский район направлены дизельные генераторы.

Из-за повреждения линий огнем от лесного пожара без стабильного электроснабжения остаются села Ергетцы и Быракан с населением свыше одной тысячи человек. Электричество в населенные пункты подается с ограничениями благодаря резервным источникам питания ГУП «ЖКХ РС(Я)».

Сегодня утром из города Якутска и села Бердигестях Горного района выехала техника с двумя более мощными дизельными генераторами Якутскэнерго (каждый на 200 кВт), которые запитают села в полном объеме до окончания аварийно-восстановительных работ на линиях.

Пожароопасная обстановка в Верхневилюйском районе остается стабильной. Угроза населенным пунктам миновала, как докладывает с места руководитель ГАУ «Якутлесресрус» Виктор Омуков.

Всего там продолжают действовать 7 лесных пожаров, над их тушением работают свыше 300 человек. Бороться с огнем который день помогает самолет-амфибия Бе-200 ЧС, задействован в работах и вертолет с водосливным устройством.

t.iss.one/sadovnikovdd