8-с төгүлүн ыытыллар Бүлүү бөлөх улуустарын ветеран-спортсменнарын Спартакиадата бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ түмүктэннэ.
Бэтэрээннэр икки күн устата уопсайа 12 көрүҥҥэ күөн күрэхтэстилэр.
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата кыайан көһө сылдьар Спартакиада Кубогын ыллыбыт.
Иккис бочуоттаах миэстэни ылла эһиилги Спартакиада хаһаайына - Бүлүү улууһа, үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ былырыыҥҥы Спартакиада хаһаайына - Ньурба улууһун хамаандата.
Бэтэрээн спортсменнарбытын Спартакиада ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн, кыайыыларгытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиил Бүлүү куоратыгар аныгыс Спартакиадаҕа көрсүөххэ диэри.
Спартакиаданы тэрийэргэ күүс-көмө буолбут Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрийээччилэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
#СпартакиадаВетеранов
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Күндү ыалдьыттарбытын, 8-с төгүлүн ыытыллар Бүлүү бөлөх улуустарын ветеран-спортсменнарын Спартакиадатын кыттааччыларын "Алгыс" банкетнай саалаҕа спорт бырааһынньыгын түмүктүүр сандалы остуолбутугар ыҥыран киэн култуурнай бырагырааммалаах банкет тэрилиннэ.
Ыалдьыттарбытын кытта "Чолбон" рок-группа солиһын Дьуурай тыыннаах доҕуһуолугар уйдаран үҥкүүлээн, минньигэс астаах остуол төгүрүччү олорон санаа атастаһан, икки күн түмүк сонуннарын үллэстэн, сэлэһэн, сэргэхсийэн өрө көтөҕүүлээхтик тэрээһиммитин түмүктээтибит.
#СпартакиадаВетеранов
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ыалдьыттарбытын кытта "Чолбон" рок-группа солиһын Дьуурай тыыннаах доҕуһуолугар уйдаран үҥкүүлээн, минньигэс астаах остуол төгүрүччү олорон санаа атастаһан, икки күн түмүк сонуннарын үллэстэн, сэлэһэн, сэргэхсийэн өрө көтөҕүүлээхтик тэрээһиммитин түмүктээтибит.
#СпартакиадаВетеранов
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Үлэ нэдиэлэтин саҕалыыр сүбэ мунньах үөрүүлээх түгэнтэн - наҕараадалааһынтан саҕаланна.
Ол курдук, өр сыллаах сыралаах үлэтин иһин "Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сулууспатын туйгуна" анал бэлиэнэн Оҥхой нэһилиэгин социальнай хайысха үлэһитэ Анна Константинова уонна СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Бочуот грамотатынан улуустааҕы социальнай салалта сүрүн специалиһа Мира Раменскайа бэлиэтэннилэр.
Ону тэҥэ Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт 8-с региональнай бэтэрээн спортсменнар Спартакиадалара үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан тэрийээччилэргэ Махтал суруктары туттардым.
Мунньахха бастакыннан тыл бэрилиннэ улуустааҕы Гражданнар туруктарын аакталарын суруйар салалта салайааччытыгар Татьяна Кардашевскаяҕа. Татьяна Егоровна бэс ыйын 7 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрин семинарын туһунан иһитиннэрдэ.
Салгыы киинэ уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр салаа сэбиэдиссэйэ Анна Гурьева "Киновер" киинэ саала үлэтин туһунан сырдатта.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат сүрүн редактора Кристина Семенова чэпчэтиилээх сурутуу декадата саҕаламмытын биллэрдэ.
Ойуур хаһаайыстыбатын сүрүн лесничейэ Павел Тимофеев ойуур баһаардарын туһунан уонна баһаар сезона ыам ыйын 6 күнүгэр арыллыаҕыттан улууска уопсайа 3 ойуур баһаара бэлиэтэммитин эттэ. Онтон биирэ умуруоруллубутун, иккитэ эргитиллэн турарын биллэрдэ.
"Верхневилюйский" ХЭТ (пищекомбинат) үлэтин туһунан салайааччы Николай Алексеев иһитиннэрии оҥордо. Тэрилтэ төһө да уустук балаһыанньаҕа сырыттар салгыы үлэлииргэ, сайдарга санааларын үллэһиннэ.
Спорт управлениетын салайааччыта Егор Алексеевич Николаев ааспыт нэдиэлэттэн сарсыардааҥы сэрээккэ Үс Хоһуун иннигэр бэс ыйын устата хас үлэ күнүн аайы, сарсыарда 7 чаастан ыытылларын биллэрдэ.
Бэс ыйын 8-9 күннэригэр ыытыллыбыт региональнай бэтэрээннэр спартакиадаларыгар Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата кыайыылаах буолбутун иһитиннэрдэ. Спартакиадаҕа 180-ча спортсмен Бүлүү бөлөх улуустарыттан кэлэн 12 спорт көрүҥүгэр күрэхтэстилэр.
Түмүккэ Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин нэдиэлэ устата туох сокуону кэһии тахсыбытын туһунан иһитиннэрии оҥордо.
Үлэ нэдиэлэтэ саҕаламмытынан.
#ҮөһээБүлүү
#Планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт 2-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолорун "Спортивные якутяне" Спартакиадатыгар II-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
Спартакиадаҕа уопсайа 35 муниципальнай оройуон кыттыбыттыттан оҕолорбут 2-с миэстэҕэ тахсыбыттара үрдүк ситиһии буолар.
Тренердары, төрөппүттэри, кыттыбыт оҕолору кыайыыгытынан, ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Уонна Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин таһымнаахтык, эппиэтинэстээхтик көмүскээбиккитигэр махтанабыт!
Быйыл Үөһээ Бүлүүгэ Түмсүү сылын, Саха Сиригэр оҕо саас сылын, Дойду үрдүнэн дьиэ кэргэн сылын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээн спортсменнарыттан саҕалаан оскуола саастаах спортсменнарга тиийэ түмсүүлээхтик дьарыктанан, туруулаһан спорт эйгэтигэр элбэҕи ситистибит.
Инникитин да маннык түмсүүлээхтик саҥа үрдэллэри, саҥа кыайыылары, саҥа чыпчааллары ситиһиэҕиҥ!
Кэскилбит туһугар бары бииргэ!
#СпортивныеЯкутяне

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы хаан аймахтара, көхсүттэн көнтөстөөх Күн ууһун дьоно!
Үрүҥ Айыы ыйынан, Үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаламмыттарынан, төрүт түөлбэм дьоллоох дойдум Үөһээ Бүлүү улууһун Үрүҥ тунах ыһыаҕар бэс ыйын 24-25 күннэригэр, Түгэхтэй алааһыгар күүтүүлээх ыалдьыт, көхтөөх кыттааччы буоларгытыгар бука барыгытын ыҥырабыт!
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үрүҥ тунах ыһыахпытыгар бэлэмнэнэн улуус салалталара, тэрилтэлэрэ, дьаһалта үлэһиттэрэ бары күргүөмүнэн тахсан, түмсүүлээхтик ыһыахтыыр сирбитигэр "Түгэхтэй" алааска суббуотунньук тэрийдилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа буолара 13 күн хаалла.
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах
t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа буолара 13 күн хаалла.
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Бүгүн, бэс ыйын 12-с күнүгэр Аҕа Дойдубут, модун Россия күнүн бэлиэтиибит.
Россия судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация 1990 сыллаахха ылыллыаҕыттан дойдубут судаарыстыбаннаһын саҥа суола саҕаламмыта. Онтон ыла саҥардыллыбыт Россия сайдан барбыта.
Бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтиир бырааһынньыкпыт дойдубут хас биирдии олохтооҕор Аҕа дойдуну кытта биир ситимнээҕин, быстыспат сорҕото буоларын санатарга кыаҕы биэрэр. Хас биирдии киһи кыһамньытыттан, сыралаах үлэтиттэн, эппиэтинэстээх сыһыаныттан, гражданскай санаатыттан инники кэскилбит тутулуктаах.
Билигин кэм-кэрдии балысханнык уларыйыытыгар дойдубут национальнай интэриэһин туруулаһарга Россия бары олохтоохторо, норуоттара бары түмсэрбит, сомоҕолоһорбут тоҕоостоох.
Күндү Үөһээ Бүлүү улуууһун дьоно-сэргэтэ! Төрөөбүт дойдугут чэчирии сайдарын туһугар ситиһиилээх үлэни, иллээх-эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну, чөл туругу баҕарабын
#ДеньРоссии

Үөһээ Бүлүүгэ Аҕа дойдубут Модун Россия күнүн бэлиэтээтибит.
Россия күнэ - дойдубутугар олорор бары норуоттар доҕордоһууларын, түмсүүлэрин көрдөрөр бэлиэ күммүт.
Оҕолорбут, ыччатттарбыт, Россия инники кэскилэ бүгүҥҥү бырааһынньыгы ыллаан, үҥкүүлээн киэргэттилэр.
Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ
Россия гражданиннара буолалларын туоһулуур бастакы паспордарын оҕолорбутугар туттардыбыт.
Россия инникитэ - оҕолорбут, Россия күүһэ - түмсүүгэ, Россия тирэҕэ - дьиэ кэргэн. Онон быйылгы 2024 сыл Россия үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Сиригэр оҕо саас сылынан, Үөһээ Бүлү улууһуга түмсүү сылынан биллэриллибитэ олус дириҥ ис хоһоонноох.
Бүгүҥҥү үтүө бырааһынньыгы дьиэ кэргэҥҥитин, оҕолоргутун, аймахтаргытын, доҕотторгутун кытта үөрүү аргыстаах, таптал куттаах бэлиэтээн!
Россия, Саха Сирэ, Үөһээ Бүлүү, иннибит хоту бары бииргэ!
#Россия
#ДеньРоссии
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Сарсыҥҥы күнтэн Үөһээ Бүлүү ➡️ Харбалаах маршрутунан рейсовай автобус сырыытын саҕалыырын биллэрэбит.
АВТОБУС БАСТАКЫ СЫРЫЫТА ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮТТЭН "БҮЛҮҮ" РЫНОКТАН ХАРБАЛААХХА ДИЭРИ 12:30 ЧААСТАН АРАҔАР. ХАРБАЛААХТАН ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮГЭ ДИЭРИ 13:30 ЧААСТАН АЙАННЫЫР.
Автобус билиэтин сыаната:
Үөһээ Бүлүү ➡️ Нам маршрут 🟰 100 солкуобай
Үөһээ Бүлүү ➡️ Ороһу, Тамалакаан, Харбалаах 🟰 150 солкуобай.
Быйылгы автобус сырыытын графига:
9ч 00м Харбалаах➡️Үөһээ Бүлүү
9ч15м Тамалакаан➡️Үөһээ Бүлүү
9ч 20м Ороһу➡️Үөһээ Бүлүү
9ч 35м Нам➡️Үөһээ Бүлүү
🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌
12ч 30м "Бүлүү" рыноктан төннөр
13ч 30м Харбалаах➡️Үөһээ Бүлүү
13ч 45м Тамалакан➡️Үөһээ Бүлүү
13ч 50м Ороһу➡️Үөһээ Бүлүү
14ч 05м Нам➡️Үөһээ Бүлүү
🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌🚌
17ч 00м "Бүлүү" рыноктан төптөрү төннөр.

Саҥа маршрутнай автобус бастакы айана бүгүн, бэс ыйын 13 күнүттэн, күнүс 12:30 чаастан Үөһээ Бүлүү --> Харбалаах --> Үөһээ Бүлүү хайысханнан саҕаланна.
Сотору кэминэн 2 саҥа автобус Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэрин иһинэн айанныахтара.
Бүгүн бастакы сырыыга автобус толору пассажирдардаах кэллэ, барда.
Мантан иннэ олохтоох дьон барыылара, кэлиилэрэ чэпчиэ диэн эрэллээхпит.
Санатан этэр буоллахха, 3 саҥа автобустар Үөһээ Бүлүү улууһугар "Безопасные качественные дороги" диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн ылыллыбыттара.
#Автобус
#БезопасныеКачественныеДороги
#НациональныйПроект
#ВерхневилюйскийУлус

Бүтүн Россиятааҕы "Семья года" күрэх өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ Дьокуускай куоракка түмүктэннэ.
Күрэх 7 номинацияннан ыытылынна. Онтон Үөһээ Бүлүү улууһуттан дьиэ кэргэттэр 5 номинацияҕа кытыннылар.
Күрэх түмүгэр улууспут дьиэ кэргэттэрэ 3 номинацияҕа 3 бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.
Ол курдук, "Молодая семья" номинацияҕа Хоро нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Саввинов Егор Егорович уонна Базюк Мария Степановна дьиэ кэргэнэ 2-с бочуоттаах миэстэҕэ таҕыстылар.
"Приемная семья" номинацияҕа - Ороһу нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Семенов Александр Валентинович уонна Евсеева Айталина Адамовна дьиэ кэргэнэ 3-с миэстэ буоллулар.
"Семья - хранитель традиций" номинацияҕа Кэнтик нэһилиэгиттэн 9 оҕолоох Павел Антонович уонна Антонина Васильевна Константиновтар 3-с миэстэни ыллылар.
Улууспут киэн туттар дьиэ кэргэттэрин үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт уостубат тапталы, дьоллоох олоҕу, чөл доруобуйаны.
#ГодСемьи
#ГодДетства
#СемьяГода